VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларга 700 судьуйа үлэлиэҕэ
VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларга уопсайа 700 судьуйа үлэлиэҕэ, ол иһигэр: Саха сириттэн – 240, атын регионнартан – 442, тас дойдулартан – 42.
Оонньуулар сүрүн судьуйаларынан Казахстан өрөспүүбүлэкэтин олимпийскай эрэллэри иитэр оскуолатын дириэктэрэ, 2004 сыллаахха III-с «Азия оҕолоро» Оонньуулар боксаҕа күрэхтэһииилэрин кыттыылааҕа Мерей Акшалов ананна. Судьуйалар коллегияларыгар уонна секретариакка барыта 23 судьуйа үлэлиэҕэ.
Судьуйалар састааптара спорт көрүҥнэринэн маннык бигэргэтилиннэ: бокс – 30 киһи, спортивнай тустуу – 49, хапсаҕай – 19, дзюдо – 27, кикбоксинг – 20, чэпчэки – 64, мас-рестлинг – 21, харбааһын – 49, буулдьанан ытыы – 26, самбо – 25, оҕунан ытыы – 26, стендэбэй ытыы – 15, остуол тенниһэ – 43, үҥкүү спорда (двоеборье) – 17, брейк – 5, тхэквондо – 28, уус уран гимнастика – 39, баскетбол 3 х 3 – 16, волейбол – 31, футзал – 6, саахымат – 16, го – 10, скалолазание – 25, кураш тустуу – 27, «Алыш» тустуу – 22.
Санатар буоллахха, скалолазание уонна «Алыш» тустуу билсиһиннэрии быһыытынан киирдилэр.
VIII-с «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри спорт 24 көрүҥэр ыытыллыахтара, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.