ВАУЧЕР диэн тугуй?
Бу от ыйын саҥатыгар авиахампаанньалар пандемия кэмигэр көппөтөхтөрүн иһин, билиэттээх дьоҥҥо харчы оннугар ваучерынан төннөрөллөрүн мэктиэлиир сокуон тахсыбыта. Бу сокуон толору үлэлииригэр РФ Бырабыыталыстыбатын көҥүлэ наада этэ.
РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа от ыйын 6 күнүгэр таҕыста.
Онно олоҕуран маннык быраабылалар олоххо киирэллэр:
- Арассыыйаҕа ыксаллаах быһыы-майгы (чрезвычайная ситуация), ураты бэлэм буолуу эрэсиимэ (режим повышенной готовности) олохтоммут кэмигэр авиахампаанньа бэйэтин өттүттэн дуогабары уларытар кыахтанна.
Бэлиэтээн эттэххэ, билигин ураты бэлэм буолуу эрэсиимэ Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр олохтонон турар.
- Бырабыыталыстыба бу уурааҕа маннык кэмҥэ түбэһэр айаннарга дьайар (билиэт хаһан ылыллыбытыттан тутулуга суох):
- Кытайга – 01.02.2020 – 01.05.2020 с.;
- Атын дойдуларга уонна Арассыыйа иһинэн көтүүгэ 18.03.2020 - 01.05.2020 с.
- Мантан ыла харчыны төннөрөр оннугар, авиахампаанньа ваучер биэрэр бырааптанна. Ваучер 3 сыл үлэлиир.
- Ваучер көппөтөх билиэккит оннугар көннөрү бэлэм буолан хаалбат. Бастаан эһиги авиахампаанньаҕытыгар ваучер ылар баҕалааххыт туһунан иһитиннэрии ыытаҕыт. 20 күн ааспытын кэннэ хампаанньа билиэккит сууматыгар эппиэттиир ваучеры биэриэхтээх.
- Өскөтүн ваучер 3 сыл устата туттуллубатаҕына, сайабылыанньанан харчыта төннүөхтээх. Маныаха эһиги харчыгытын туһаммыттарын иһин бырыһыаны ааҕыахтаахтар (холобур, Киин баан билиҥҥи бырыһыана сылга 4,5 %).
- 3 сыл ааһарын кэтэспэккэ харчыларын төннөрүөхтэрин сөп:
- 1 уонна 2 группалаах инбэлииттэр;
- Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ;
- Инбэлиит оҕону эбэтэр 1, 2 группалаах инбэлиити арыаллааччылар;
- Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньалаахтар;
Харчыны төннөрүү болдьоҕо – 10 күн.
- Авиахампаанньа харчыны төннөрөр эбээһинэстээх эрээри, 3 сыл ааһа илигинэ сатаан ылбаккыт.
- Чартернай рейстэргэ бу сыһыана суох.