03.11.2023 | 10:00

Василий Шадрин: «Үчүгэй дьоннуун алтыспытым»

Василий Шадрин:  «Үчүгэй дьоннуун алтыспытым»
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Педагогическай үлэ, тыыл, спорт бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Василий Маркович Шадрин өрдөөҥҥүтэ ылбыт наҕараадаларыттан Саха АССР спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Тарскай, Дьокуускайдааҕы пединститут дириэктэрэ В.Н. Еремеев, Саха судаарыстыбаннай университетын ректора А.Е. Мординов илии баттааһыннардаах Грамоталарын олус күндүтүк саныыр. Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар  күннээн-күөнэхтээн күрэхтэспит, “баардааҕын” биллэрбит кус быһый 1933 с. Ньурба улууһун 1-кы Ньурба нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Ньурбаттан икки көс тэйиччи, начаалынай оскуолалаах, ойуур ортотугар турар Ньимискэннээх диэн кыра бөһүөлэк куруҥар, сайылыкка, араас соруктарга сылдьан, атах сыгынньах ынахтарын хомуйан, сүүрүү-көтүү былаастаах оҕо сааһа ааспыта. Сэрии сылларыгар түөрт кылаастаах оскуоланы, онтон Ньурба орто оскуолатыгар 1944 с. бэһис кылааска киирэн баран, 1954 с. бүтэрбитэ. Сүүрүүгэ дьоҕурун физкультура учуутала  Иван Егорович Горбатов, оҕолортон уһулуччу уолу талан ылан, ыстаннарара, сүүрдэрэ, хайыһардатара. Горбатов чочуонайдык, ыраастык туттан-хаптан, хамсаныылары көрдөрөрө. Үөрэҕэр үчүгэй буолан, тута Дьокууускайдааҕы пединститут физмат факультетыгар туттарсан киирбитэ. 1956 с. университет тэриллэн, 1958 с. бүтэрбитэ.

Куоракка үөрэнэр сылларыгар Сталин аатынан Москватааҕы университет физкультурнай институтун бүтэрэн кэлбит Валерий Пантелеймонович Кочневка сүүрүүнэн дьарыктаммыт. Физмат факультет хамаандатын хапытаана, тэрийэр, түмэр бас-көс киһилэринэн Василий Шадрин буолбута. Физкультура преподавателэ, чэпчэки атлетика тренерэ Кочневтыын биир дойдулааҕын да быһыытынан, сүбэ-ама ылан, түөрт  сыл сүрдээҕин өйдөһөн үлэлээбиттэрэ.  Спортсменнары кытта үчүгэйдик кэпсэтэрин, тренердээбитин, чэпчэки атлетикаҕа уонна национальнай көрүҥнэргэ устудьуон ыччаты сатабыллаахтык туруортуурун, табан кэпсэтэрин ахтар.

 “Якутский университет” хаһыат бирииһигэр эстафета сыллата ыытыллара. Үгэс курдук, 1958 с. Дьокуускай куорат киин уулуссаларынан 5 км устата тэнийбит сүүрүү эстафетатыгар күрэхтэһиигэ устудьуоннар  сайыҥҥы сезоннарын аспыттара.  Старт уонна финиш Ярославскай уулуссатыгар турар пединститут иннигэр буолбута. Сэттэ факультет хамаандата кыттыбыта. Гуманитарнай факультет сүүрүктэрэ сыллата бастаталаан, иннилэрин биэрбэт этилэр. Бу да сырыыга эмиэ кыайарга туруммуттара. Хаһан да буоларыныы, старт бэриллээтин кытта, “гуманитарийдар” этаптан этапка  атын хамаандалары кэннилэригэр хааллартаан, 30 м атыылаах инники испиттэрэ. “Эмиэ бастыыр буоллулар!” – диэн тоҕуоруһан турар көрөөччүлэр, ыалдьааччылар кэпсэтэ турдахтарына, физмат уонна естественнэй наукалар факультеттарын хамаандалара ыга чугаһааннар, дистанцияҕа кытаанах киирсии саҕаламмыт. Ордук үчүгэй тэтимнээх сүүрүүнү физмат быһыйа Василий Шадрин көрдөрөн, биэтэккэ бастакынан куһугуратан кэлэн, физматтар аан бастаан кыайаннар, үөрүү үлүскэнэ буолбут. Естественнэйдэр иккис, гуманитарнайдар үсүһүнэн түмүктээбиттэр. Соһуйуу, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбут. Гуманитарнай факультет устудьуоннара кэлин дойдуларыгар Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа тиийэн дьоһун үлэһит буолуталаабыт Степан Николаевич Охлопков, Алексей Егорович Турнин сүрдээҕин өрүкүйэн тиийэн Василий Шадрины саннын таптайбыттар. “Хантан кэлбит киһигиний?” – диэн ыйыталаһыы бөҕөлөрө. Харахтарын араарбаттар, хайгыырдыы көрөллөр-истэллэр. Ити сыл Василий Шадрин, чахчы, “баардааҕын” биллэрбитэ.

Ол курдук, умнуллубат чаҕылхай түгэннэр Саха сирин норуоттарын II Спартакиадатыгар күлүмнээбиттэрэ. Спартакиада физкультура уонна спорт сайдыытыгар историяҕа тиһиллэр түгэнинэн буолбута.  Өрөспүүбүлүкэ 34 промышленнай, тыа сирин уонна хоту оройуоннара бука бары кэлэн кыттыыны ылбыттара. Физкультура уонна спорт кэмитиэттэрэ бырабыыталыстыба иннигэр үлэлэрин көрдөрөр отчуоттара этэ. Саха АССР спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Тарскай туруоруллубут сыалы-соругу толорорго сорунуулаахтык ылсыбыта.

Чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэһиилэр спорт маассабай уонна сүрүн көрүҥүн быһыытынан суолталаахтара. Эппиэтинэс улахан этэ. 1500 м эрийсиилээх киирсии буолбута. Саха АССР рекордсмена Василий Охлопков бэйэтинэн кыттан, күрэхтэһии күүрээнин үрдэппитэ. Эрбии тииһинии эрийсиилээх сүүрүү буолбута. Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин чөмпүйүөнэ Валерий Узлов хара ааныттан сулбу түһэн, сүүрүүнү баһылаабыта. Чочумча буолаат, университет быһыйа Василий Шадрин  инники түспүтэ, ол эрээри, уһаабатаҕа, Уус Алдан быһыйа Иван Румянцев ситэн ылбыта уонна сүүрүүнү бастакынан түмүктээбитэ. Василий Шадрин иккиһинэн, Василий Охлопков үсүһүнэн утуу-субуу кэлбиттэрэ. 800 м уонна 5000 м сүүртэлээн, Шадрин иккис уонна үһүс үчүгэй көрдөрүүлэрдэммитэ. Хатыһыылаах, ыһыылаах-хаһыылаах 4х400 м эстафетаҕа Василий Шадрин, Валерий Кочнев, Артур диэн устудьуон уол, төрдүө буоланнар – университет хамаандатын быһыйдара Спартакиада чөмпүйүөнүнэн буолары ситиспиттэрэ. Инньэ гынан, Василий Шадрин түөрт жетону түөһүгэр иилинэн, күннээбитэ: кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс уонна боруонса түөскэ иилиллэр бэлиэлэри ылаттаан, Спартакиада толору кавалерынан, дьиҥнээх дьоруойунан буолбута! Оччолорго сүүрэр суоллара бытархай гравий бүрүөһүннээҕэ, шиповката “мутугу ытырбатаҕа буоллар, икки кыһыл көмүстэниэхтээҕим хаалан турар”  диэн Сүүрүк Баһылай санаатын кытта аһаҕастык үллэстэр. Өрөспүүбүлүкэ улахан күрэхтэһиитигэр сүүрүүгэ түөрт мэтээли ылыы дэҥҥэ буолааччы. Аныгы быһый ыччаттарга үтүө холобур.

Василий Маркович Шадрин үөрэҕин бүтэрэн, физика уонна математика учууталын идэтин баһылаабыта. Н.Н. Тарскайы үтүө тылларынан ахтар. Эдэр спортсмен-исписэлиис өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччыларын, үчүгэй дьону кытта алтыспыта. Сытыы-хотуу ыччаты спорткэмитиэт үлэһиттэрэ бэлиэтии көрөннөр, өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан ылбыттара. Сирэй бэрэссэдээтэл Иннокентий Петрович Ушницкай – сытыары сымнаҕас майгылаах, киэҥ толкуйдаах, тэрийэр үлэҕэ үөрүйэх салайааччы. Тыа сирин спортсменнарын күрэхтэһиилэрин көхтөөхтүк  ыыппыттара. Василий Шадрин толоругас буолан, тапсан үлэлээбиттэрэ.

Өрөспүүбүлүкэ спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич Тарскай, хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтин 1-кы сэкирэтээрэ  Егор Дмитриевич Кычкинныын спортивнай дьаһалларга бииргэ сылдьаллара, тыллаах-өстөөх, элбэҕи билэр-көрөр, ырыҥалыыр, сытыы өйдөөх салайааччылар быһыытынан биллэллэрин, иккиэн нууччалыы-сахалыы чаҕылхай араатардар, хамсатыылаах көҕүлээччилэр, тэрийээччилэр этэ. Николай Тарскай, уҥуоҕунан кыра гынан баран, уурбут-туппут курдук толору эттээх-сииннээх, түргэн хамсаныылаах киһи, тустуук уолаттары кытта көбүөргэ киирэн  тутуһан көрөрүн Василий Маркович харахтара уоттанан кэпсиир. 1954 с. Москватааҕы физкультура уонна спорт институтун бүтэрэн кэлбит Николай Тарскай тустууну туруоран, тэрийэн, дьаһайан, 1956 с. Саха тыйаатырыгар буолбут көҥүл тустууга Саха АССР бастакы чемпионатын ыыттарбыт. Тарскай ити чемпионакка бэйэтинэн дьаһайан, Василий Шадрины суруксутун билэн, сэкирэтээрдэппит.

Өрөспүүбүлүкэ судьуйалара Агапит Петрович Суворов, Бронислав Бернардович Кон, күүстээх волейболист Ча диэни күннэтэ көрсөр, бииргэ мунньахтаһар дьонунан буолаллар.  “Волейбол айдааннаах”, волейбол диэн баран “муннукка ытаабыт”, волейболистары мунньар түбүктээх, эмиэ үтүөкэннээх салайааччыны-тэрийээччини, “Спартак” бэрэссэдээтэлэ Семен Семенович Жиркову кытта “Сүүрүк Баһылай” дэтэн бииргэ үлэлэспитэ. Бэркэ этэн-тыынан дьаһайара.

Тустууктарга улаханнык “ыалдьан”, күрэхтэһэллэрин аһарбакка көрөрө. Көҥүл тустуу бастакы маастара  Дмитрий Даниловтыын биир хоско олорбуттара. Аатырбыт бөҕөстөрү Николай Гоголевы, Владимир Варламовы, Сергей Иванову, Владимир Попову, Илья Кондратьевы, Зосим Иванову күүстэрин-уохтарын, эрчимнэрин сөҕөрө, көрө үөрэрэ. Тренердэрэ Николай Николаевич Волковы кытта күннэтэ кэриэтэ дорооболоһоро.  Спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыта Роман Романович Бурнашов университекка хайыһар секциятын ыытарын, онтон Бурнашевка инструктордыы сылдьан Москваҕа буолбут мунньахха бииргэ сылдьыспытын, Чочур Мырааҥҥа бииргэ хайыһардаабыттарын, онтон үлүһүйэн хайыһары сөбүлээбитин, биатлоннаабытын үчүгэйдик саныыр. Өрөспүүбүлүкэ рекордсмен кылыыһыттара Аркадий Емельяновы, Афанасий Саввиновы, Андрей Донскойу, копьену уонна диискэни быраҕыыларга кими да тулуталаабат Аркадий  Алексеевы сөҕө-махтайа көрөрө. 

Сүүрүүнэн дьоҕурдаах, ураты дьон дьарыктаналлар диир. “Хайдах эрчиллэргиттэн тутулуктаах.  Атаҕыҥ быччыҥа пружина курдук буолан хаалааччы. Үчүгэй турукка киирдэххинэ, атахтарыҥ чэпчээн, өрө тэбэ сылдьааччылар. Бугуһуйаҥҥын күрэхтэһэҕин, күрэхтэһии амтанын билэҕин. Астыныыны, дуоһуйууну ылаҕын. Биһиги саҕана университекка  аһылыкпыт мөлтөх буолара. Хара килиэби маргарины умньаан мотуйаҕын. Биирдэ эмэ остолобуойга миин иһэн, испит көппөйөр. Оҥоһуута суох дорожкаҕа, паарка стадионугар сүүрэрбит. Мас тырыбыналар бааллара. Онтон стадион оҥоһуллан, гравий кутуллубут дорожкатынан сүүрэрбит”, – диэн кэпсиир.

Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа учууталлыыр сылларыгар, 1971 с. оҕунан ытыы тренерэ Павел Михайлович Стасов Чурапчыттан кэлбитигэр үөрэнээччилэри, устудьуоннары, педкэлэктииби кытта көрсүһүү тэриллибититигэр, икки күн устата тилэри оҕунан ытыы туһунан кэпсээннэрин, аҕалбыт ох саатынан, оноҕосторунан 30 уонна 50 миэтэрэ сиртэн ытыыларын олус сэҥээрэ истибиттэр, көрбүттэр. Сөбүлээннэр, Василий Маркович оҕунан ытыы секциятын тэрийэн уон сыл үлэлэппит. Надя Харлампьева, Лена Руфова, Саша Петров, Алексей Семенов разряд нуорматын толорбуттар. Сергей Калачиков маастарга кандидатынан буолары ситиспит. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр, Манчаары спартакиадатыгар тиийэ күрэхтэспиттэр. Ити курдук Василий Маркович Бүлүү сүнньүн оройуоннарыгар оҕунан ытыы көрүҥүн маҥнайгынан саҕалаабыт.

“Спорт уһун үйэлэниигэ тиэртэ. Табахтаабатаҕым, арыгыны ас курдук аһаатаҕым дии. Оҕонньорбун, уолбун да диэхпин сөп. Эдэр сааспын сотору-сотору өйдөөн ааһабын, эдэр саастарым кэмнэрэ төбөбөр хатанан сылдьаллар. Оҕо сылдьан атах сыгынньах сылдьар үчүгэйэ бэрт буолара. Тилэхтэриҥ чэрдийэн, кыһаллыбаккын, үөрэнэн хаалаҕын. Сайынын кырдалларга, алаастарга, сыһыыларга, ууну-хаары үрдүнэн элэстэнэҕин. Ол доруобуйаҕа туһата күн бүгүнүгэр диэри биллэргэ дылы”, – диэн сэһэргиир.

Баҕа санаата: “Тустууктарга ыалдьабын, Олимпиадаҕа кытталлара буоллар, миэстэлэһэн, саха баар диэн кыайыыны аҕалаллара буоллар. Мас тардыһыыны үөрэ көрөбүн, атаҕар туруорбут киһинэн Иннокентий Юрьевич Григорьев дии саныыбын. Аҕатын кытта оскуолаҕа бииргэ үлэлээбиппит, сылбырҕа, бэртээхэй киһи этэ. Мас тардыһыыта  Олимпиадаҕа киирэрэ буоллар, дьэ, үөрүө этибит”.

Василий Маркович быйыл Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ 65 сылынан эҕэрдэлиибит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....