12.04.2024 | 14:00

Василий Местников: «Киһи сөбүлүүр эрэ дьарыгар үлүһүйэн туран үлэлиир»

Василий Местников:  «Киһи сөбүлүүр эрэ дьарыгар үлүһүйэн туран үлэлиир»
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Сааскы кус саҕаланара чугаһаатар чугаһаан иһэр. Булчуттар сааларын-саадахтарын көрүнэн, өйүөлэрин-тайааларын бэлэмнэнэн, көтөн кэлиэхтээх кустарыттан итэҕэһэ суох «кынаттарын куурдунар» түбүккэ сылдьаллар. Кынат диэбиккэ дылы, оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн, университеты кыһыл дипломунан бүтэрэн, финансист идэтин баһылаан баран, баантан, бухгалтерияттан атын суолунан баран, кусчуттар сөбүлээн туттар «Кынат» диэн куһу ыҥырар тэриллэрин айан-тутан оҥорор Василий Местников - бүгүҥҥү «Эн суолуҥ» рубрикабыт дьоруойа.
Эбэн эттэххэ, Василийы үгүстэр саха эстрадатын ырыаһытын быһыытынан билэллэр. Этэргэ дылы, талааннаах киһи үлэҕэ-үөрэххэ да, айар-тутар эйгэҕэ да барытыгар ситиһиилээх дииллэрин туоһута бу буоллаҕа.

— Василий, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар...

— Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. 2010 сыллаахха Саха-Бельгийскэй гимназияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Үөрэхпэр үчүгэй этим. Төрөппүттэрим сүрэхтээх, тулуурдаах, үтүө санаалаах буоларга, үлэни-хамнаһы хаачыстыбалаахтык оҥорорго такайбыттара. Оҕо эрдэхпиттэн айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрдөрү интэриэһиргии улааппытым. Соҕотоҕун тыаны, алаастары кэрийэ баран хааларым. Ону тэҥэ бэйэм илиибинэн, толкуйбунан оҥорорбун, уһанарбын сөбүлүүрүм. Холобура, бэйэтэ айанныыр оонньуур массыынаны, сиртэн дайан тахсар көтөр аалы, ох саа арааһын... оҥорон көрбүтүм. Бэрт кыра сылдьан убайдарбын, таайбын кытта аҕыйах күҥҥэ да буоллар сааскы куска барсар буолбутум. Ол сылдьан булчуттарга кус саҥатын үтүктэр үрүллэр монуок баарын сэргии көрбүтүм. Дьэ, ол кэннэ маһынан хас даҕаны монуогу оҥортообутум. Аҕам ону көрөн: «Маны үчүгэйдик оҥороҥҥун дьоҥҥо атыылаа», — диэн эппитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Ол монуоктарым билигин да бааллар. Биирдэ эмэ көрөргө үчүгэй баҕайы.

—Биһиги эйигин ырыаһыт быһыытынан билэбит. Хаһааҥҥыттан урбаан эйгэтигэр киирдиҥ?

— Урбаанынан дьарыгырбытым 6 сыл буолла. Ол иһин кэнники сылларга ырыабар болҕомто уурбакка сылдьабын. Идэтийбит ырыаһыт быһыытынан санаммаппын даҕаны.

Бэйэҥ туох идэлээххиний?

— Идэбинэн финансиспын. 2015 сыллаахха ХИФУ Үп-экономическай институтун кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Бүтэрбит сылбар бааҥҥа үлэҕэ киирбитим. Нэһиилэ сыл аҥаара эрэ тулуйбутум. Тыыным-быарым хаайтаран, аны салҕыы биир сыл убайым тэрилтэтигэр үлэлээбитим. Онно урбааҥҥа бастакы билиилэрбин, уопуппун ылбытым. Төһө даҕаны идэбинэн үлэлээбэтэрбин, үөрэхпиттэн иҥэриммит билиибин-көрүүбүн, урукку үлэлэрбиттэн ылбыт уопуппун билигин да туһанабын.

Бааҥҥа үлэлиир кэмигэр Василий бастакы хамнаһынан токарнай станогу атыыласпыт.

Убайбар үлэлиир кэммэр бэйэҕэ үлэлиир бырассыас ымпыгын-чымпыгын, үүтүн-хайаҕаһын үөрэппитим. Онтон, 2017 сыллаахха, икки үөлээннээхпин кытта производствонан дьарыктанан саҕалаабыппыт. Биллэн турар, баҕарбыппыт курдук кыаллыбатаҕа. Матырыйаал да аҕыйах этэ. Хаачыстыбалаах монуоктары элбэх сыыһа-халты туттуу, түһүү-тахсыы кэннэ оҥорон саҕалаабыппыт. Бастаан өрөспүүбүлүкэ иһинэн атыылаабыппыт, онтон Арассыыйа атын регионнарын, холобура, Магаданы, Сахалины кытта үлэлэһэн барбыппыт.

—Урбаан эйгэтин туох санааттан ылсыбыккыный?

— Биллэн турар, сөбүлүүр дьарыкпын үлэ оҥостоору, баҕа санааларбын толороору, тугу эрэ саҥаны айан таһаараары буоллаҕа. Хас биирдии киһи талааннаах, ол талаанын арыйыахтаах, уонна суоллаах, ол суолун булуохтаах дии саныыбын. Мин, холобура, ыллыыр уонна айар-тутар дьоҕурдаах буолуохпун сөп. Ону тэҥэ оҕо эрдэхпиттэн айылҕаны, булду сэргиибин. Бу үс хайысханы холбооммун, кус-хаас саҥатын үтүктэр монуоктары оҥоробун.

«Кынат» хампаанньа туһунан бүгүн Арассыыйа эр дьоно бары билэллэр диэтэххэ, сыыспатым буолуо. Билигин тэрилтэ бородууксуйата Саха сиригэр, өссө тас регионнарга атыыга тахсар. Саха уолаттара оҥорон таһаарар монуоктарын Белоруссия, Казахстан кусчуттара кытта үлэһэн ылаллар:

Биир кыра саҕалааһынтан билигин биллэр-көстөр, тигинэччи үлэлии-хамныы турар тэрилтэ буоларбытыттан киһи астынар. Уонна аҕам эппит тылларын эмиэ санаан кэлэбин. «Кынат» монуоктарын билигин Арассыыйа бары регионнарыгар сэргииллэр. Холобура, Москва, Ростов-на-Дону, Барнаул, Томскай, Архангельскай, Подольскай о.д.а. куораттар булт маҕаһыыннара үлэһэллэр. Белоруссия, Казахстан курдук тас дойдуларга эмиэ атыыланар.

Бородууксуйабыт үрдүк хаачыстыбатынан уонна уһуннук сулууспалыырынан дьон сэҥээриитин ылар. Хас биирдии булчут байанайа тосхойорун туһугар, табаарбытын сөптөөх сыанаҕа атыылыыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл Москва куоракка буолан ааспыт «Булт уонна балыктааһын» быыстапкаҕа иккис сырыыбытын ситиһиилээхтик кытынныбыт. Бу тэрээһиҥҥэ тус бэйэм Бүтүн Арассыыйатааҕы духовой монуоктар күрэхтэригэр кыттан, үһүс миэстэни ыллым. Бастакы уонна иккис миэстэлэри ылбыт кыттааччылар омук оҥорон таһаарааччылара.

—Туох уустуктары көрсөҕүн?

— Билигин даҕаны саҥа саҕалаан эрэр урбаанньытынан ааҕынабын. Билбэтим-көрбөтүм элбэх. Үбү сөптөөхтүк туһанарга уонна бириэмэни табыгастаахтык аттарарга үөрэниэхпин баҕарабын. Саҥа кыаҕын ылан эрэр тэрилтэ буоламмыт, үлэбит бары чааһыгар кыттыыны ылабын. Ол иһин бириэмэм олох тиийбэт, куруутун иллэҥэ суох сылдьабын, сылайабын. Инникитин айан таһаарыынан уонна салайыынан эрэ дьарыктаныахпын баҕарабын, ол туһугар кыһаллабын. Оччоҕуна биирдэ өйүҥ-санааҥ сайдыыга арыллар.

—Монуогунан бултааһын Саха сиригэр төһө киэҥник тарҕанан турар, дьон төһө сатыырый?

— Биһиги дойдубутугар маннык ньыманан бултааһын саҥа киирэн эрэр. Электроннай монуокка үөрэммит дьону үрүллэргэ үөрэтэр, көһөрөр уустук. Биллэрин курдук, электроннай монуогунан бултуур Арассыыйа Булдун быраабылатынан (Правила охоты РФ) бобуулаах, ыстарааба олус улахан — сааҕын былдьыыллар, бултуур быраапкын быһаллар. Уонна, мин санаабар, итинник тэрил айылҕаны киртитии биир көрүҥэ буолар. Айылҕа мастан-оттон, көтөртөн-сүүрэртэн, ууттан-сиртэн эрэ турар буолбатах, кини тыастаах, эйгэлээх! Киһи сааскы сарсыарда, нуурал киэһэ айылҕа тыаһын — чыычаах ырыатын, кус-хаас саҥатын, кынат тыаһын, чуумпуну истэн дуоһуйуон баҕарар.  Ол тыаһын электроннай монуок киртитэр, аймыыр, эйгэтин уйгуурдар. Күнүстэри-түүннэри олус улаханнык холбоон баран олорор кусчуттар баалларын истэбин. Ити аата электроннай монуок булчуту сиэри таһынан иҥсэлээх, сүрэҕэ суох оҥорор. Оттон үрүллэр монуогунан киһи куһу кытта кэпсэтэн, кинини кытта биир долгуҥҥа буолан, чахчы үлэлээн, кыһаллан бултуур. Бу маннык булт ордук интэриэһинэй уонна өйгө хатанан хаалар, дуоһуйууну биэрэр. Онон бука бары булчуттары маны өйдүүллэригэр, сиэрдээхтик бултуулларыгар ыҥырабыт. Бу маны тарҕатыы, өйдөтүү туһугар үлэлиир-хамсыыр «Угуйуу» диэн түмсүүлээхпит.

—Урбаан эйгэтигэр ылсыан баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиигит?

— Бастатан туран, бэйэҕит сөбүлүүр дьарыккытын булунуҥ. Ол ону буларга, бэйэҕитигэр ыйытыыта биэриҥ: Мин тугу гынарбын сөбүлүүбүнүй, миэхэ туох ордук табылларый? Киһи баҕалаах эрэ дьарыгар күүскэ туруулаһан үлэлиир. Аан бастаан хаһан баҕар ыарахан буолар. Ону тулуйуохха, инникигэ эрэниэххэ, ыра санаа, баҕа санаа оҥоруохха наада.

Иккиһинэн, туох баар сыалгытын, соруккутун уонна күннээҕи дьыалаҕытын, наадаҕытын суруна сылдьыҥ. Бу киһини олус сааһылыыр, умнубат, көтүппэт буолаҕын. Мин тугу оҥоруохтаахпын төлөпүөҥҥэ суруна, бэлиэтэнэ сылдьабын.

Үсүһүнэн, сарсыарда эрдэ турар буолуҥ. Мин күн аайы 5-6 чааска турабын. Сарсыарда элбэх үтүө санаалар, сөптөөх толкуйдар киирэллэр. Киһи эрдэ турдаҕына,  бэйэтин кыайыылааҕынан сананар. Ити сайдарга олус туһалаах. Үлэбин 7 чаастан саҕалыыбын. Ол оннугар киэһэ сөпкө бүтэммин, чугас дьоммун кытары бииргэ буолабын, алтыһабын.

—Инникитин туох былааннааххыный?

— Монуоктарбытын тупсаран, саҥардан иһиэхтээхпит. Билигин наадыйыыга (спроска) кыайан эппиэттээбэппит. Монуогу таһынан булт атын тэрилин оҥоруохпутун баҕарабыт. Холобура, мончуук, тыы, дугда, таҥас-сап. Барыта баар буолан иһиэҕэ.

—Василий, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын, үлэҕэр-хамнаскар бары үтүөнү, ситиһиини баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...