29.04.2021 | 10:51

Варшава дуорааннара

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Ааҕааччылар Европа чемпионатын түмүгүн ырытыыны эрэйэллэр. 
Европаҕа миэстэлэһэ сылдьыбыт маннык түһүлгэ амтанын амсайбыт уолаттартан саҕалыахха.  
Николай Охлопков 65 кг отой ыарырҕатар эбит. Буолумуна, 55 кг туста сырыттаҕа. 61 кг киирбитэ буоллар, баҕар, уруккутун курдук миэстэлэһиэ хааллаҕа. 
Владимир Егоров эмиэ 57 кг. тустубут буоллун... Кини 61 кг бэһис буолта да, холугар сөп. Ити икки уолан Европа призердара буола сылдьыбыттара. Бу саҥа ыйааһыннарыгар утарсааччыларыгар күүс-уох өттүнэн баһыйтардылар. Мөккүөрэ суох хоттордулар. 
Тустууну таптааччы, спорду сэҥээрээччи үксэ Арыйаан Тютринтэн элбэҕи күүппүттэрэ. Дьокуускайга Аан дойду кубогар чаҕылхай тустуулары көрдөрөн эрэл лаппа улааппыта. Ол эрээри онтон ыла оннук быраҕыылардаах хапсыһыыларын хатылыы илик. 
Бастакы эргииргэ Арассыыйа иккис нүөмэрин Наачын Монгуһу балайда баһыйан иһэн, бүтэһик сөкүүндэлэргэ сыыһа туттуталаан кэбистэ. Итиннэ уопут бөҕөлөөх бөҕөспүт кыайыыны кытаахтаан тиһэҕэр диэри чорбойуутун күппүлүү ыыппатаҕа буоллар, чемпионнаан да хаалыа эбит. Баат-соргу боруонса мэтээли эмиэ сыыһа харбатта. Көмүс кытахтан төкүнүйүүтэ хомотто. Дьэ, аны итинник улахан түһүлгэ эһиил биирдэ буолар. Арай аан дойду чемпионатыгар илэ бодотун тардыннаҕына хайыыр? Бэһис миэстэ буолла—ити кини кыаҕар татым. Хайдах эрэ эрчиллиитэ ситэтэ суохха дылы. Белоруссияҕа 57 кг икки лидербит Андреев—Тютрин конкуреннар хайдах көбүөргэ утарыта туруохтарай? Атын тутуһуохча киһилэрэ суох. Легионердарбыт, дьиҥэ, тустуу уйатыгар Кавказка ордук элбэхтик, саатар Сахаларын сиригэр  эрчиллэллэрэ буоллар...
Дьэ, саҥа боруонса призербут Эдуард Григорьев, чахчы, сэргэх тустуулары көрдөрдө. Уопуттаах тренер, урукку тустуук, аан дойдутааҕы кылаастаах маастар Данил Неустроевтыын үлэ бөҕөнү оҥорбуттара тута көһүннэ. Анал диетологтанан, тиритииттэн көмүс көлөһүннэрэ мээнэ тохтубатах.  Тилиннэ.  Данил  аҕата соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораабыт Роман Васильевич Неустроев Роман Дмитриевы, Сахааччаны, Прокопий Шестакову, Владимир Андросовы  кытта биир кылааска үөрэммитэ, ССРС спордун маастара, үтүөлээх тренер, оҕо эрдэҕиттэн эмиэ тустуу диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ. 
Эдуард Григорьев Варшава көбүөрүгэр бастакы утарсааччыларын, этэргэ дылы, соһуталаан кэбистэ:10:0, 10:0, 8:2.  Полуфиналга Арассыыйа лидерэ Абасгаджи Магомедовка кэннинэн кэхтибэккэ киирсэ сатаата –  2:4. Тоһоҕолоон эттэххэ, Абасгаджи Эдуардыын эрэ эристэ. Атыттары олох тулуппата, хаардыы хаамта.  Бастакы мүнүүтэлэргэ  кум-хам тутаттаата. 10:0 эбэтэр ыраас эрэ кыайыыларынан көтөллөннө. 
Саҥа призеру билиһиннэрдэххэ, Бүлүүттэн төрүттээх. Чурапчы физкультурнай институтун устудьуона. Омуктар кыттыылаах  Польша аһаҕас кубогын 65 кг  хаһаайына. Ити олимпийскай ыйааһыҥҥа көһөргө суоттаммыта да,  Польшаҕа лидер, аан дойду икки төгүллээх призера, Европа чемпиона, аварец  Гаджимурад Гаджиевтыын өссө көрсө илик. Кинини Токиоҕа туһаайан, лицензионнай аан дойдутааҕы турнирга бэлэмнии сылдьаллар. 
Мин саныахпар, 61 кг улахаҥҥа соруктанара ордук этэ. Бу ыйааһыҥҥа урут Бразилияттан устудьуоннарга аан дойду чемпионун кыһыл көмүс мэтээлин аҕалан турар. “Коркин” аан дойдутааҕы турнир хас да төгүллээх призера, билигин саамай тустарга өссө да эбиллэр, күөгэйэр күнүгэр сылдьар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...