20.02.2021 | 13:12

ВАКЦИНАНЫ МОДЬУЙУУНАН ЭБЭТЭР БЭЙЭ БАҔАТЫНАН

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былырыын, 2020 сыл кулун тутар 21 күнүгэр,  өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакы коронавирустаабыт киһи баарын туһунан официальнайдык биллэрбиттэрэ. Онтон ыла биир сыл кэриҥэ кэм ааһа оҕуста. Ааспыт сыл барыбытыгар да араас үөрүүлээх, хомолтолоох да түгэннэри бэлэхтээтэ. Арассыыйабытыгар бастакынан вакцина айыллан үөрүүбүт муҥура суох буолбута. Хайдах эрэ бу дьаҥы хаптата охсор, урукку уу-нуурал олохпутугар төннөр эрэл үөскээбитэ. Ол да буоллар дьаарханар, сэрэнэр киһи ханна да баар. Маныаха барытыгар итэҕэйэн испэт, кэтэһэр-манаһар санаа киһи аайы баара биллэр.

Бастатан туран, маассабай вакцинациялааһын эмчиттэргэ, учууталларга, социальнай үлэһиттэргэ, быһаччы эттэххэ, дьону кытта алтыһар үлэлээхтэргэ туруоруллар диэн быһаарыы ылыллыбыта.

Күһүн үөрэх саҕаланыан иннинэ, атырдьах ыйыгар үгүс регион, ордук Москва учууталларыгар ПЦР-тест туруорбатахтары үлэлэригэр кэлимэҥ да диэн куттааһын баар буола сылдьыбыта. Онон бу быһыы баҕа өттүнэн буолбакка, модьуйуу курдук буолла диэн элбэх педагог дьаархаммыта.

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Дмитрий Мурашко сайын эппитинэн, бастатан туран, вакцинаны медиктэр уонна учууталлар ылыахтаахтар диэбитэ. Оттон педагогтар уопуттанар куруолук буолартан үөрбэтэхтэрэ. Маныаха салайааччылар вакцинаны туруоруу бэйэ баҕатынан ыытыллар диэн эрэннэрбиттэрэ. Үөрэх миниистирэ эмиэ алтынньы 18 күнүгэр кими да вакцинаҕа күһэйбэппит, бу дьыала баҕа өттүнэн ыытыллар диэн турардаах.

ОТТОН УЧУУТАЛЛАР ТУОХ ДИИЛЛЭРИЙ?

Манна санаа хайдыһыыта тахсар. Билигин дойдубут үрдүнэн маассабай вакцинациялааһын буола турар. Биллэн турар, кэтээн көрүү, кэтэмэҕэйдээһин, дьаарханыы баар. Онуоха эбии вакцина туһунан араас кэпсээн социальнай ситимнэринэн араастаан тарҕана турар. Дьиҥэр, бу вакцина көмөтүнэн эрэ бу хамсык ыарыытын кыайар кыахтаахпытын бары өйдүүбүт гынан баран, син биир сэрэнэбит.

Биир бэйэм вакцинаттан буолбакка, ыалдьарбыттан куттанабын диэн этэбин. Аны туран, бу ыарыыбыт мутацияланан, саҥа оҥоһуллубут вакцина туһата суох буолуо диэн эмиэ суруйаллар. Хас биирдии киһиэхэ “чип” диэн туруоран кэтэбилгэ сылдьар буолар үһүбүт. Киһи да сонньуйар, аата, сүппүт сүөһүнү булар курдук буоллахпытый.

Наталья Васильевна, алын кылаас учуутала:

– Оскуола дьаһалтатыттан билиҥҥитэ хайаан да вакциналанаҕыт диэн иһитиннэрии да, модьуйуу да киирэ илик. Быһыы миэхэ наада дуу, суох дуу диэн билэрбэр баҕа өттүнэн скрининг ааһыаххын сөп диэн ыҥырыы кэлбитэ. Сорох регионнар оскуолаларыгар олус элбэх учуутал ыалдьан солбуйар да киһи суох, уруоктар ситэ буолбаттар диэн сонун тарҕана сылдьыбыта. Маныаха үгүс төрөппүттэр дистанционнай үөрэҕи олоччу утараллар. Онон учууталлар вакцина ылаллара булгуччулаах курдук буолан тахсар. Үгүстэр билигин быһыы ылар бэлэмнэрэ, санаалара суох. Онон сотору кэминэн ааттаһан баран, модьуйан киирэн бараллара буолуо.

Татьяна Николаевна, саастаах учуутал:

– Мин сааһым 65. Оннооҕор көннөрү дьаҥтан да быһыы ыллахпына наһаа улаханнык ыалдьааччыбын. Коронавирус утары вакцина ылан баран олох да тыыннаах хаалымыахпын сөп диэн куттанабын. Ол кэриэтэ сынналаҥмар барарым дуу диэн толкуйдуу сылдьабын. Доруобуйа, олох күндү буоллаҕа.

Валентина Петровна, уһуйаан үлэһитэ:

– Биһиэхэ билиҥҥитэ вакцина биэрэ иликтэр, хайаан да ылаҕыт да диэн модьуйуу суох. Ол эрэн ылар наадатын туһунан улуус  салалтатын өттүттэн суоһурҕаныы баар. Мин тус бэйэм вакцинаттан да, ыарыыттан да саллабын. Онон үлэлээх хаалар туһуттан, арааһа, вакцина ыллахпына табылларым буолуо.

Матрена Егоровна, Дьокуускай:

– Бу хамсык арыый буолла диибит эрээри, аны дьону күһэйэн, киһини үлэтиттэн ууратарга тиийэ куттаан вакцинаны ылыҥ диир сыыһа. Син биир хас биирдии киһи бэйэтин туругун хайдаҕын да иһин билэр, ол эрээри ити ыалдьыаҥ, бу ыалдьыаҥ диэн куттуур арыый сыыһа ини. Дьон сэрэхэдийэн харыстаналлар. Ону наһаа аһара түспэт ордук этэ.

Үлэбитигэр ким ылыан баҕалаахтарга испииһэк оҥорбуттара. Модьуйуу суоҕун иһин, пропаганда ыытыллар, оскуола үлэһиттэригэр наада диэн. Ыларбын-ылбаппын билигин чопчу кыайан эппэппин, икки өттө кутталлаах дии саныыбын.

Лана Михайловна, Дьокуускай оскуолатын учуутала:

– “Антителаҕа” анаалыс биэрэр баҕалаахтары бастаан испииһэктээбиттэрэ. “Антитела” баар дуу уонна билигин ыалдьа сылдьаҕын дуу диэни быһаарар икки анаалыс биэрбиппит. Биирдиитэ 800 солк. Иккис анаалыһы туттараргын-туттарбаккын эмиэ бэйэҥ талар этиҥ. Дьон үксэ иккиэннэрин туттарбыта. Сотору кэминэн түмүгэ кэлбитэ. Үгүс киһи симптома суох ыалдьан, антителалаах этилэр. Онтон вакцина бүппүт диэбиттэрэ. Онон ким да ылбакка сылдьар. Эрдэ ким ылыан баҕалааҕый диэн ыйыта сылдьыбыттара.

Михаил Иванович, тыа сирин учуутала:

– Мин биир бэйэм вакцина ылар санаалаахпын. Билэр дьоммуттан, аймахтарбар да үгүс киһи бу сайыҥҥыттан ыарыйда. Олус чугас киһим суорума суолланан барыбытын аймаан барбыта. Онон олус кутталлаах, кими да, тугу да харыстаабат ыарыы кэлэн турар. Биллиилээх дьон, норуодунай артыыс бөҕөтө бу ыарыыны тулуйбакка анараа дойдуга аттанна. Кинилэр, үтүөлээх дьон эмтэниилэрэ биһигиттэн чыҥха атын, көрүүлэрэ-истиилэрэ да атын буолуо ээ. Биллэн турар, усулуобуйа мааныта, эмп-томп сыаналааҕа кутулуннаҕа. Ону ол диэбэккэ, бу ынырык ыарыыттан ытыс соттон хаалбыттар олус элбээтилэр.

Билигин намырыырын намтаата, син аччаата диэн күннээҕи субуокканы көрө-истэ, кэтэһэ олоробут. Онтон, биллэн турар, үөһэ тыынабыт, санаабыт да бөҕөргүүр.

Мин учуутал киһи буоларым быһыытынан, күн аайы оҕолору, төрөппүттэрбин, кэллиэгэлэрбин кытта алтыһабын, аны куораттан чугас олорор да буоламмыт, биһиги улууспутугар бу ыарыы элбэх киһини сутуйда, билигин да олох ыраастана иликпит.

Сахалыы толкуйдуурбунан, саҥа вакцинаны оҥоруу хантан да халлаантан ылыллыбыт буолуох туһа суох. Уонунан сыллар тухары улахан учуонайдар син биир кэтээн көрүүлэринэн эрдэттэн бэлэмнэниллибит тирэххэ олоҕуран оҥоһуллар. Боростуойдук эттэххэ, кириип утары ылар вакцинабытын арыый тупсаран, саҥардан биэрдэхтэрэ. Бу коронавирус дьаҥыгар сөп түбэһэр компоненнары эбэн биэрэллэрэ буолуо. Онон биир күнүнэн айыллыбатах вакцина буолар диэн итэҕэйиэххэйиҥ.

Киһи, күн сиригэр төкүнүс гынаат да, аан бастаан быһыы ылар дии. Ол кэннэ биир ыйбытыттан саҕалаан араас прививканы ылан кэллэхпит, онон улахан ыарыылары кыайдахпыт.

Онон биир дойдулаахтарбын, кэллиэгэлэрбин, вакцинаттан, вакцинацияттан куттанымаҥ, бары биир киһи курдук ыллахпытына эрэ бу хара дьайдаах хамсыгы кыайыахпыт, урукку нус-хас, чуумпу олохпутугар төннүөхпүт, мааскаттан, бэрчээккиттэн, антисептикатартан аккаастаныа этибит диэн ыҥырабын. Уонна онтон ыһыахтар ыһыллыахтара, сыбаайбалар, үбүлүөйдэр ньиргийиэхтэрэ, бырааһынньыктар, тэрээһиннэр буолуохтара эбээт. Ол туһунан толкуйдаан туран быһыы ыларга сөбүлэһиҥ!

15 ТЫҺЫЫНЧА ВАКЦИНА ЭБИИ КЭЛЛЭ

Билигин вакцинаны маркировкалааһын үлэтэ салҕанар. Кэлбит баартыйа барыта тымныы эрэсиимҥэ тутуһуллара бэрэбиэркэлэнэр, маркировка кэннэ медицинскэй тэрилтэлэргэ тарҕатыллар.

Олунньу 14 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 40 тыһыынчаттан тахса вакцина кэлбитэ диэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Саха сиригэр саҥа коронавируснай инфекцияны утары вакцинация өрөспүүбүлүкэ 43 медицинскэй тэрилтэлэригэр ыытыллар, манна 150 вакцинациялыыр пуун аһыллан үлэлии турар, 110-ча мобильнай биригээдэ тэриллибит. Вакцинация ыытыытыгар 550 медицинскэй үлэһит кыттыһан үлэлиир.

Вакцинацияҕа РФ гражданнара олорор сирдэринэн медицинскэй тэрилтэлэргэ маннык суруйтарыаххытын сөп.

— Дьокуускай Медицинскэй киинэ — 500-003;

— 1 №-дээх поликлиника — 31-90-93;

— 2 №-дээх куорат балыыһата — 21-96-95;

— 3 №-дээх куорат балыыһата — 507-507;

—3 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа — 507-211.

— оройуон олохтоохторо оройуоннааҕы киин балыыһаларыгар эбэтэр сэлиэнньэлэрин, бөһүөлэктэрин медицинскэй тэрилтэлэригэр ыйыталаһаллар. 

— судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө — ыыппыт суругуҥ бигэргэммит буолуохтаах. «Запись на прием к врачу» диэн өҥөнү талаҕыт. Поликлиникаҕытын уонна «Вакцинация от COVID-19» диэн өҥөнү ыйаҕыт. Сөп түбэһэр күнү-дьылы, бириэмэни талаҕыт уонна бырааска суруйтараҕыт.

Коронавирус суһал линията: 122, 8-800-200-0-200 (суукканы эргиччи үлэлиир).

Саха сиринээҕи Роспотребнадзор анал сайта иһитиннэрэринэн, саҥа короноваруснай инфекция утары вакцинация салгыы ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Гам-КОВИД-Вак” уонна “ЭпиВакКорона” вакциналар кэлбиттэрэ.

2021 сыл олунньу 3 күнүнээҕи туругунан бастакы вакцинацияны 22 061 киһи ааспыт, иккис вакцинацияны – 1 412 киһи Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар ылбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....