Вакцинация булгуччулаах тэрилтэлэригэр быһыы ылбатах дьону үлэлэриттэн туораталлар
Өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы уустук. Үгүс ыалдьыы түбэлтэлэрэ дьиэ кэргэнинэн тахсар. Атырдьах ыйын 15 күнүттэн, Саха сирин кылаабынай санитарнай бырааһын уурааҕынан, вакцинация булгуччулаах тэрилтэлэригэр быһыы ылбатах дьону үлэлэриттэн туораталлар уонна хамнас төлөммөт. Ол туһунан суһал штаб брифиҥигэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус инфекциятын 148 саҥа түбэлтэтэ биллибит, онтон 75-һэ – Дьокуускай куоракка. Хомойуох иһин, киин куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана аҕыйаабатах. Эрэсиими кэһии түбэлтэлэрэ тахсаллар, уоппускаттан тахсыбыт дьон булгуччулаахтык ПЦР анаалыһын туттарыахтаахтар.
Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, халлаан туругунан сибээстээн санитарнай авиация үлэтэ уустугурбут.
«Урут ыарахан туруктаах ыарыһахтары оройуонтан кииҥҥэ аҕалар эбит буоллахха, билигин сүрүн көмө быһыытынан телемедицина консультациялара оҥоһуллар буолла», — диир вице-премьер.
Ыалдьыбыт киһи ахсаана Ленскэй оройуонугар тиһигин быспакка булуллар. Элбэх киһи ыалдьыбыта Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар көһүннэ.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар коронавирус дьаҥын буларга 3 164 чинчийии оҥоһуллубут. 315 555 дуоза вакцина кэлбит. Быһыы бастакы түһүмэҕин 289 225 киһи ылбыт. Уопсайа кэлбит вакцина 92,14% туттуллубут.
«Бары поликлиникаларга вакцина баар, арай ойуур баһаардарынан сибээстээн сорох оройуоннарга тиийэр кыах билиҥҥитэ суох. Доруобуйа харыстабылын уонна тырааныспар Министиэристибэлэрэ бииргэ үлэлээн вакцина ханна баарын-суоҕун хонтуруоллуубут, испииһэк оҥоробут», — диир Балабкина.
Коронавирус дьаҥыттан быһыыны оҕо күүтэр уонна оҕо эмтэрэр дьахталлар, оҕолор уонна доруобуйаларын туругунан вакцина компоненын тулуйбат дьон ылбаттар. Ити араҥа дьон уонна коронавируһунан ыалдьыбыттара алта ыйдара буола иликтэр ыраахтан (удаленнай көрүҥүнэн) олорон үлэлиэхтээхтэр диэн бэлиэтээтэ Ольга Балабкина.