Вакцинацияҕа 20 тыһ. үөрэнээччи хабылынна
Үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан Үөрэх управлениета нэдиэлэ аайы хас оҕо быһыы ылбытын, хас үөрэнээччи кирииптээбитин, тумуулаабытын кэтээн көрөр. Ол курдук, кириип, ОРВИ утары вакцинация үөрэх тэрилтэлэригэр график быһыытынан салҕанар.
Үөрэх управлениета иһитиннэрбитинэн, алтынньы 12 күнүнээҕи дааннайынан, 10650 алын сүһүөх кылаас үөрэнээччитэ кириип уонна ОРВИ утары быһыыны ылла. 4922 оҕо төрөппүтэ вакцинацияттан аккаастаммыта бэлиэтэнэр. Кинилэртэн 1288 үөрэнээччи медотводтаах диэн быһыы ылартан туттуммут.
5-9 кылаастары ылан көрдөххө, 7763 үөрэнээччи вакцинацияны ааспыт. 4682 оҕо төрөппүтэ прививкаттан аккаастаммыт, олортон 1040 медотводтаах.
10-11 кылаастартан вакцинацияҕа 2578 оҕо хабылынна. 1267 үөрэнээччи аккаас суруйбут, онтон 1040 медотводтаах.
Ол курдук, киин куоракка 20991 үөрэнээччи кириип уонна ОРВИ утары быһыыны ылла. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин 4343 үлэһититтэн 2141 киһи кириип уонна ОРВИ утары быһыыны ылла. Ол аата 49, 3 бырыһыан хабылынна.
ОРВИ уонна кириип элбээбитинэн сибээстээн, алтынньы 1 күнүттэн Дьокуускай куорат 17 оскуолата быстах дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көспүтэ. Оттон алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан, 27 оскуола (52,9 бырыһыан) маннык форматынан үлэлиир.
112 кылаас (3090 оҕо) дистанционнай көрүҥүнэн үөрэнэр, онтон 26-та элбэх оҕо ыалдьыбытынан сибээстээн маннык формакка көстө. Оттон 86 кылаас кириип уонна ОРВИ тарҕаммытынан дистанционнай көрүҥүнэн үөрэнэр.
Сорох оскуолалар уруккуларын курдук үлэлииллэр. Ол курдук, алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан, киин куорат 7 оскуолата – 32, 4, 22, 28, 34 №-дээх оскуолалар, Техническэй лицей, Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар баар кылаастар, анал (коррекционнай) оскуола очнай көрүҥүнэн үөрэнэллэр. Ол аата уопсайа 2189 оҕо.
Аны туран, сорох оскуолалар икки көрүҥү булкуйан үлэлииллэр. Ол курдук, дистанционнай уонна очнай көрүҥүнэн 42 701 үөрэнээччилээх 44 оскуола үлэлиир. Олортон 21176 оҕо дистанционнай, 21525 оҕо очнай көрүҥүнэн үөрэнэр.
Оскуола оҕолоро кирииптээбэттэрин уонна ОРВИ-нан ыалдьыбаттарын туһугар үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан вакцинация хампаанньата тохтообот. Манна төһөнөн элбэх киһи хабыллар да, соччонон кэлэктиип иммунитета бөҕөргүүр диэн төрөппүттэр билиэхтэрин наада.