29.05.2021 | 14:58

Вакцина туһунан сымыйа сураҕы тарҕатан бүтүөххэ

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус хамсыгын утары вакцинация саҕаланаатын кытта, сорох дьон хонон турдах аайы араас хабааннаах сураҕы-садьыгы тарҕатар буоллулар. Ол иһин Саха сирин олохтоохторугар вакцина тула араас мунаарар боппуруос элбээтэ. Бүгүҥҥү нүөмэргэ Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа эпидемиолог бырааһа Сардаана Васильевна Максимоваттан нэһилиэнньэни долгутар боппуруостары ыйытан, сөптөөх хоруй ыллым.

–Коронавируһу чэпчэкитик аһарыммыт дьон вакцинаны хаһан ылаллара ордугуй?

— Чэпчэкитик ыалдьыбыт дьон үс ый кэнниттэн вакцина ылыахтарын сөп. Ыараханнык коронавирустаабыт дьон алта ый кэнниттэн ылаллар.

– “Антителалаах” дьон быһыы туруортарыахтарын баҕарбаттар эбит. Бу дьон хаһааҥҥа диэри ылымыахтарын сөбүй?

— “Антителаттан” тутулуга суох бары вакцина ылыахтаахтар. Процедура иннинэ, доруобуйаҥ үчүгэй буоллаҕына, ПЦР да, ИФА да  анаалыһын туттарар наадата суох.

– Ковидтаабыт дьону тустаах бырагыраамаҕа угаллар диэбиттэрэ. Өскөтүн ыалдьыбатах киһи бу бырагыраамаҕа суох буоллаҕына, вакцина ылар дуо?

— Ыалдьыбыт дьону биир федеральнай систиэмэ тустаах бырагырааматыгар угаллар. Өскөтүн ыалдьыбатах киһи онно суох түгэнигэр вакцина ылар эбээһинэстээх.

– Оттон кимнээххэ туруорбаттарый?

— Бастакытынан, 18 саастарыгар диэри оҕолор вакцинаны ылбаттар. Иккиһинэн, онкология ыарыыларынан ыалдьар, эмтэнэр ыарыһахтар вакцина туруорумуохтарын сөп. Үсүһүнэн, хат уонна оҕо эмтэрэр дьахталлар эмиэ ылбаттар. Маны таһынан, уустук ревматологическай ыарыылаахтарга, тирии баастаахтарга, хроническай ыарыылаахтарга коронавируһу утары быһыыны туруорар хааччахтанар. 

– Вакцина ылбыт киһи турбат да, сыппат да буолар эбит. Тоҕо?

— Вакцина кэннэ кырата үс күн киһи вакцина дьайыыларыгар оҕустарыан сөп. Бу сүнньүнэн тымныйыы курдук киирэр. Ол аата эһиги организмҥыт ыарыыны кытта охсуһарын бигэргэтэр. Киһи мантан куттанара, хараастара суох.

Вакцинаны иммунитет үөскэтээри туруорабыт. Ол эбэтэр киһи  организмыгар “антителалар” үөскүүллэр. Бу саҥа, атын вирус кэллэҕинэ көмүскүүр аналлаахтар.

– Вакцина хас сыл эбэтэр ый туһалыырый?

— Ити боппуруоһу билигин даҕаны үөрэтэ сылдьаллар. Бачча сыл, күн дьайар диир кыаҕым суох. Вакцина коронавирус инфекциятыттан толору харыстыыр. Ол иһин  социальнай дистанцияны тутуспаппын, мааска кэппэппин диэн буолуо суохтаах. Быһыы ылан да баран чэпчэкитик ыарыыны аһарыныаххытын сөп.

– Быһыы ылбыт дьахтар төһө кэминэн хат буолуон сөбүй?

— Бастакы доза кэниттэн 42 хонугунан ИФА анаалыһын туттараҕыт, “антитела” үөскээбит буоллаҕына дьахтар хат буолуон сөп.

– Аны туран, дьахталлар сатаан төрөөбөт буолаллар, оҕо үөскээбэт  дииллэр. Бу кырдьык дуо?

— Репродуктивнай уорганнарга вакцина дьайбат. “Сатаан төрөөбөккүт”, “Икки сылынан олохтон туоруугут” дииллэрэ барыта сурах уонна “үһү” эрэ диэнинэн тарҕанар. Онон итинник сурахтарга итэҕэйимэҥ диэн ыҥырабын!

 

Төһө да коронавируһунан ыалдьыбыт буол, төһө да вакцинаны туруортарбыт буол,  сылдьар эйгэбит, тыынар салгыммыт, айанныыр тырааныспарбыт барыта биир буоллаҕа. Вирус ханна баҕарар тарҕаныан, ханна баҕарар саһан сытыан сөп. Ону кимтэн даҕаны, тугу даҕаны ыйыппат. Ол эбэтэр вируһу киһи ханна баҕарар хабан ылар кыахтаах.

Хааччах кэмэ түргэнник бүтэрин бары да күүтэбит. Ыарыы тарҕамматын уонна чугас дьоммут доруобай сылдьалларын туһугар вакцинаны ыларбыт оруннаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....