ВАКЦИНА КИМИЭХЭ БАРСЫБАТЫЙ?
Коронавирус утары саҥа айыллыбыт "Спутник V" вакцина кимиэхэ барсыбат буолуон сөбүн таһаардылар. Ол курдук, коронавирус быһыытын ылыы хаан ыарыылаахтарга, искэннээхтэргэ (онкология), инфекционнай ыарыылаахтарга, ыалдьа сылдьар дьоҥҥо, хат уонна оҕону эмтэрэр дьахталларга барсыбата быһаарыллыбыт.
Маны тэҥэ аллергиялаах, урут араас вакциналарга аллергиялаабыт дьоҥҥо сэрэхтээх буолуон сөп. Ыалдьыбыт дьон үтүөрбүттэрэ биир ый ааспытын, чэпчэкитик тумуулаабыт, ОРВИ буолбут дьон температуралара түһээтин кытта ылыахтарын сөп.
Иммунодефицит диэн диагнозтаах дьон вакцинаны ылаллара сатаммат.
18 саастарын туола илик оҕолор, вакцина ситэ үөрэтиллэ илигинэн сибээстээн, ылбаттар. Вакцинаны оҥорон таһаарбыт “Вектор” киин тургутуулары ыытарга от ыйын 24 күнүгэр РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көҥүлүн ылбыта. Бастакы баҕа өттүнэн быһыыны ылааччы от ыйын 27 күнүгэр укуолламмыта. Түмүктүүр бөлөххө 20 киһи кыттыбыта, балыыһаттан бары балаҕан ыйын 8 күнүгэр тахсыбыттара. Вакцинаны клиническэй тургутан көрүү балаҕан ыйын 30 күнүгэр түмүктэммитэ