04.06.2024 | 13:48

В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх оҕо спордун оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ

В.П. Керемясов аатынан 3 №-дээх оҕо спордун оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ VIII-с «Азия оҕолоро» Оонньууларынан Дьокуускай куорат 9 ДЮСШ хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэн эрэр (№1а, 1б, №2, №3, №5, №8, №4а, №4б, № 6).
Хапыталааныай өрөмүөн биир бастакынан В.П. Керемясов аатынан 3№-дээх ДЮСШ түмүктэннэ. Дьиэ иһэ, үрдэ кырааскаланан, уота, баһаарынай сигнализацията уларытыллан, сауна, душ кабиналара, санузеллар өрөмүөннэнэн, ааннар саҥардылланнар, пандус оҥоһуллан, эбийиэк аҕыйах хонугунан эдэр спортсменнары көрсөргө бэлэм. 


Спорт эбийиэктэриттэн быйыл өссө Хатаска уонна Сайсары уокуругун Ильменскэй уулуссатыгар икки сабыс-саҥа тутуу үлэҕэ киирдэ. Маны таһынан куорат маастар-былаанынан Губин уулуссатыгар дзюдо саалата уонна «Звезднай» түөлбэҕэ сабыылаах каток тутуллаллар. 
Санатар буоллахха, «Спортивнай» түөлбэҕэ эмиэ саҥа спорт саалатын тутуу былааннанар. Онон сыл бүтүүтэ үс саҥа спорт эбийиэгэ эбиллээри турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....