21.09.2023 | 13:00

Узбекистаҥҥа — бастыҥ мадьынылар

Узбекистаҥҥа — бастыҥ мадьынылар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 8-9 күннэригэр Узбекистан Хива куоратыгар түмүктэммит мас тардыһыы аан дойдутааҕы 5-с чемпионатыгар 18 дойду 180 күүстээҕэ күөн көрүстэ. 

Сахабыт сирин мадьынылара 29 комплект мэтээлтэн баһыйар элбэх – 23 кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыттарынан буолары ситистилэр.

Эр дьоҥҥо: 60 кг Дмитрий Неустроев, 65 кг Дмитрий Саввин,  70 кг Константин Жирков, 75 кг Эльдос Айтбаев (Кыргызстан), 80 кг Егор Гуляев, 90 кг Дьулустаан Ноговицын,  105 кг Егор Баишев, 125 кг Иван Галкин (Калуга), 125 + кг Виктор Колибабчук (Вязьма) уонна аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнүнэн буолла; Дьахталларга: 55 кг Наталья Черноградская, 65 кг Кымбат Нуржанова (Кыргызстан), 75 кг Ирина Севрюк,  85 кг Ольга Сукач (Арассыыйа), +85 кг Татьяна Баишева;

Уолаттарга уонна кыргыттарга аан маҥнайгытын тэриллибит чемпионакка,  уолаттарга: 50 кг Ратмир Беканов (Арассыыйа), 60 кг Эльдар Ушатов, 70 кг Юлиан Сидоров, 80 кг Глеб Тян, +80 кг Айтал Антонов; 

Кыргыттарга: 50 кг Марианна Ущницкая, 60 кг Сауле Егизбаева (Кыргызстан), 70 кг Чаросхон Ерманова (Узбекистан), +70 Рамина Кочконбаева (Кыргызстан);

Бэтэрээн эр дьоҥҥо: 65 кг Александр Дмитриев,  75 кг Анатолий Гладков,  85 кг Марков Максим,  +85 кг Анатолий Баишев;               

Бэтэрээн дьахталларга: + 65 кг Туйаара Орлова.

Амматтан Баишевтар дьиэ кэргэн аҕалара Анатолий, Егор, Татьяна үһүөн бастааннар Саха сирин историятыгар киирэр үрдүк көрдөрүүлэннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....