Уйбаан Бахсылыырап суруйбута суоруллубат
Улуу Кыайыыны уһансыбыттары үйэтитээччинэн Уус Алдаҥҥа Иван Иванович Попов – Уйбаан Бахсылыырап буолар. Кини бу тиэмэҕэ дьарыктаммыта отучча cыл буолан эрэр. Үлэтин хайысхата эмиэ атыттартан чыҥха атын. Уйбаан Бахсылыырап суола-ииһэ тыылга үлэлээбиттэр, сэрии кэмин оҕолорун дьылҕаларын суруйууга көстөр. Онон Иван Иванович Уус Алдан улууһугар маннык үлэҕэ соҕотох кэриэтэ.
Үйэтитиигэ бастакы кинигэтэ Чурапчы көһөрүллүүтүгэр аналлаах. Ону 1993 cылтан саҕалаабыта. Оччолорго олохпут тутула уларыйан, ыһыллыы-тоҕуллуу үгэнэ этэ. Онон үп-харчы да көстүбэт, кырыымчык кэмнэрэ кэлэн тураллара. Ол эрээри үлэтин тиһэҕэр тиэрдэр туһуттан сэттэ сыл кэтэһэн, 2000 сыллаахха “Ыар кэмнэр тыыннаах туоһулара” кинигэ күн сирин көрбүтэ. Ити Улуу Кыайыы 55 сыла этэ. Бу кэмтэн ыла Кыайыы үбүлүөйдэрин ахсын сорук туруорунан, сорох үбүлүөйү иккилии-үстүү кинигэнэн уруйдаабыта.
Билигин суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Уйбаан Бахсылыырап 24 кинигэни ааҕааччыларыгар бэлэх уунна. Мантан лоп курдук аҥаарын Улуу Кыайыыны уһансыбыттары үйэтитиигэ анаата. Бу кинигэлэринэн кини сүппэт-оспот суолу хаалларда. “Суруллубут – суоруллубат” диэн мээнэҕэ эппэттэр, Уйбаан Бахсылыырап кинигэлэрэ тыылга үлэлээбиттэри, кинилэрдиин тэҥҥэ сылдьыбыт, оонньууру билбэтэх сэрии кэмин оҕолорун ааттатар мэҥэ бэлиэлэр буолаллар.
Афанасий Копырин.