Уус идэтэ киһини тардар ураты күүстээх
Ютубка кэргэннии Сыромятниковтар “Сардаана: сахалыы канал” диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ олус туһалаах биэриилэрин көрбүт буолуохтааххыт. Бүгүн “Эр бэрдэ” балаһабытыгар, сайдам санаалаах сайаҕас ыал аҕа баһылыга Иван Сыромятников ыалдьыттыыр.
Сытыы харахтаах, сымса туттуулаах
Кини Анаабыр улууһуттан төрүттээх, хоту дойду хоһуун уолана. Омугунан эбэҥки.
– Иван Алексеевич, үтүө күнүнэн! Кэпсэтиибитин төрүттэргиттэн саҕалыах.
– Аҕам Алексей Иванович Кириэс Халдьаайыттан (Томпо), ийэм Александра Ивановна Анаабыртан төрүттээхтэр. Бэйэм Кириэс Халдьаайыга күн сирин көрбүтүм. Сааскылаахха улааппытым, ол иһин ордук Анаабырга чугаспын. Эһэм Иван Прокопьевич уонна эбэм Люция Лазаревна Николаевтар 10 оҕону төрөтөн, киһи-хара оҥорбуттара. Кинилэр саастарын тухары табаһытынан үлэлээбиттэрэ, онон ийэм аах бары ыстаадаҕа улааппыт оҕолор. Кэлин эһэм аах кырдьан, бөһүөлэккэ киирбиттэрин кэннэ, Буолкалаах диэн учаастакпытыгар сайылыыр буолбуппут. Күн бүгүҥҥэ диэри «Уоттаах Хайа» родовой община тэринэн, онно дьиэ кэргэнинэн сайылыыбыт, хайаан да сирбитигэр сылдьан, күүс-уох ылабыт.
– Хоту дойду эр хоһууна, сонуҥҥун кэпсээ. Билигин кэргэниҥ Сардаана дойдутугар сынньана сылдьар эбиккин. Хайа дойду бултаах-алтаах эбитий?
– Билигин Чурапчы Дириҥэр кустуу тахса сылдьабын. Сылын аайы кини бырааттарын кытта бииргэ тахсан бултуурбут үгэскэ кубулуйда. Бэйэм дойдубар, Сааскылаахха кус-хаас элбэх буоллаҕа, онтон бэтэрээ киин улууска көтөр-сүүрэр аҕыйах буолан, бултуурга «азартаах» уонна оччонон күндү буолар эбит. Хайа эр киһи кус кэмин кэтэспэт буолуой... Киһи барыта кэтэһэр ини. Дьэ манна олох сытыы харах, сымса туттуу наада.
– Хоту сиргэ кус ханнык көрүҥэ кэлэрий?
– Тыый, көтөр бары көрүҥэ буоллаҕа. Арааһыттан ыллахха, хоҥур хаас, эриэн түөс уонна хайаҕа сымыыттыыр кыһыл хаас, кус — ээмилдэ, моонньоҕон, сыа мурун, чыккымай.
– Бүгүҥҥү хоту дойду олоҕун-дьаһаҕын кылгастык билиһиннэриэҥ дуу.
– Дьон олоҕун ылан көрөр буоллахха, үчүгэй да, ыарахан да өрүттэр бааллар. Айылҕа уларыйыыта, кыылга, көтөргө, балыкка дьайыыта хоту киһи олоҕор охсор. Бу биһиги күннээҕи аһыыр аспыт, таҥнар таҥаспыт буоллаҕа. Булдунан дьарыктанар дьон быһыытынан, төрүт үгэспитин илдьэ сылдьабыт. Сылтан сыл кыыл таба аҕыйаан иһэр, балыкпыт эмиэ уруккутааҕар биллэ аччаата. Онон киһи атын дьарык булуон наада курдук балаһыанньа үөскээн эрэр. Аҥаардас булт, балык дьиэ кэргэни ииппэт буолла. Кэлиҥҥи сылларга бизнес эйгэтэ сайынна, атыы-тутуу, суол-иис баарыгар маннык хайысха күүскэ сайдар. Биһиги диэки кыһыҥҥы суол Өлөөн сиринэн-уотунан ааһар, сайынын сөмөлүөт эрэ көтөр. Үчүгэй өрүтүн ылар буоллахха, үйэбит сайдан саҥа, сонун кыахтар баар буоллулар. Улууспут баһылыга Иван Семенов эдэрдэри өйүүр усулуобуйа тэрийэр, онон үлэлииргэ баҕа санаа эрэ наада. Таба иитиитин сайыннараары, эдэр дьону сыһыарарга үлэлэһэллэр. Мин бэйэм таба иитэ барарга бэлэмэ суохпун, оҕо эрдэхпиттэн сыстыбатах буолан толлобун.
– Наһаа үчүгэйдик уһанар эбиккин. Ким уһуйбутай? Ханнык тутууларга ордук ылсаҕыный?
– Төрөппүт аҕам кыра саастаахпар суох буолбута. Онон кииринньэҥ аҕабыттан уһанарга уһуйуллубутум. Кини уһанарын көрөн наһаа астынар этим. Онон да буолуо, аҕам кыра-кыралаан сыһыаран тугу, хайдах тутарга үөрэппитэ. Аҕабар илии-атах буолан, көмөлөһөр этим. Онтон ыал буолан баран, бэйэбит дьиэбит тутуутуттан саҕалаан, уһаммытынан барбытым. Ордук маска уһанабын, түннүк оһуордарын сөбүлээн оҥоробун. Тимиргэ уһанарбын астынабын, кэмиттэн кэмигэр хайаан да сыбаарканан дьарыктанабын. Онуоха эмиэ иэйии курдук киирэр эбит. Сороҕор маска уһаныахпын баҕаран кэлэбин, ардыгар тимири, уоту кытта үлэлиирбин ордоробун. Аны саҕалаатым да, бүтэриэхпэр диэри уһанан баран биирдэ тэйэбин. Холобур, уһаныам иннинэ төбөбөр ойуулаан, оҥорон көрөбүн. Маннык толкуйдар айан кэмигэр киирэллэр. Хайдах тутуу матырыйаала ордук барсыан сөбүн, ханнык технологияны туһанарбын, интэриниэттэн үтүктэн буолбакка, бэйэм толкуйдаан таһаарарбын ордоробун. Сорох дьон уруһуйдаан көрөн суоттуур, кээмэйдиир эбит буоллаҕына, мин былааным төбөм иһигэр буолааччы. Сороҕор наһаа толкуйдаатахпына, түһээн көрөбүн, ол эмиэ сүрдээҕин көмөлөһөр. Үксүн соҕотоҕун уһанабын, ардыгар кэргэним илии-атах буолар. Улахан тутууга бырааттарбыт көмөлөһөллөр. Кэргэним быраата эмиэ уһанар буолан, иккиэн бэркэ тапсан дьиэ өрөмүөнүгэр үлэлээччибит. Быйыл тиэргэммитигэр саха балаҕана туттар былааннаахпыт. Бу баҕа санаам ааспыт сылга туундараҕа сырыттахпына киирэн кэлбитэ. Сайыны быһа ол тутуубун хайдах тутарбын толкуйдаабытым. Биһиэхэ, хоту сиргэ сибээс мөлтөх. Онон туундараҕа сылдьан, кэргэммэр спутник төлөпүөнтэн эрийэн, ол былааммын кэпсээбиппэр, сүрдээҕин өйөөбүтэ. Ютуб ханаалыгар аныгылыы балаҕан тутуутун туһунан кэпсиир устуулар суохтарын кэриэтэ. Онон бу балаҕаммытын хайдах тутарбытын эмиэ устан таһаарыахпыт. Тутуу чааһыгар былааммыт киэҥ.
– Хоту сиргэ дьиэлэрин акылаатын тугунан туталларый?
– Урут дьиэлэрин сыбаайаҕа туталлар этэ, билигин аныгылыы лешкаҕа буор куттаран баран туттар буоллулар.
– Аныгы эр киһи уопсастыбаҕа оруола.
– Эр киһи төрүт дьарыгын умнубакка, айылҕалыын алтыһан, бултаан-алтаан, булан-талан сылдьыахтааҕа буолуо. Оччоҕо олоххо көрүүтэ, сыаннастара ону кытта дьүөрэлии буолуон сөп. Ханнык да үлэҕэ сырыттар, бэйэтин ис туругун илдьэ сылдьар эр киһи олоххо тирэхтээх, уопсастыбаҕа дьайар, туһалыыр кыахтаах буолар. Хас биирдии эр киһи сөбүлүүр дьарыгын, айан, оҥорон таһаарар дьоҕурун сайыннарыахтаах.
– Булчут диэн кимий? Тыаҕа таҕыстаххына туох сиэри-туому тутуһаҕыный?
– Булчут булааччы-талааччы буоллаҕа. Хоту дойду эр дьоно булда суох сатаммаппыт. Сирбин-уоппун хайаан да аһатабын. Эһэм айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга уонна чуумпутук сылдьарга үөрэппитэ.
–Хоту дойдуга сөбүлүүр бүлүүдэлэрэ ханныгый?
– Тоҥ балык, таба быара, тыла, иһэ, этэ. Биһиги аспыт барыта балык уонна таба этэ. Онтон атын аһы сиэбэппит диэххэ сөп. Оҕуруот аһын, фруктаны сии үөрэммэтэх буолан, соччо ахсарбаппын. Ол кэриэтэ эппин, балыкпын хал буолбакка күн аайы сиибин.
– Табаһыттар олохторун сырдат эрэ.
– Сүрдээх күүстээх санаалаах, үлэһит дьон. Кинилэр туундара дьоно буоллахтара. Айылҕа күүстээх эниэргийэтин ис куттарыгар иҥэриммит, кииллийбит, будулҕан туманнаах буурҕаны, томороон тымныыны тулуйар эр бэртэрэ буолаллар. Аны сайынын кумаара ынырыга, оннооҕор табаны тутан өлөрөр. Табаһыт айылҕаҕа ордук чугас, дьыл хайа баҕарар кэмин, кыыл барыытын-кэлиитин, тыалы, халлааны барытын кэтээн көрөр. Тоҕо диэтэххэ, хоту дойду олоҕо барыта айылҕаттан тутулуктаах. Хоту эр киһитэ булчут, бөрөттөн көмүскүүр кыахтаах буолуохтаах. Сүрэхтээх, үлэһит эрэ табаһыт табата элбиир. Эһэм барахсан үчүгэй көрүүлээх таба ахсаана элбиир диэн өрүү үөрэтэр буолара. Дьахтар – чуум үлэһитэ, табаһыкка усулуобуйа тэрийээччи, аһатар, таҥас тигэр, оҕолору иитэр. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри түбүгэ бүппэт – тирии имитэр, иистэнэр, оҕуруолуур, ас астыыр, оҕолорун көрөр, муус киллэрэр, оһоҕун оттор. Бу барыта дьахтар күннээҕи үлэтэ. Эр дьон бултка уонна табаҕа сылдьаллар.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный?
– Саас суол сабыллан турар кэмигэр иллэҥсийэбин. Суоппар (дальнобойщик) буоламмын, кыһынын наар айаҥҥа сылдьабын. Сайынын үс ыйга ахтылҕаннаах туундарабар барабын. Чааһынай дьиэҕэ олорор буоламмыт, тиэргэммит иһигэр тутуу, өрөмүөн, күрүө оҥостуута. Үлэ хаһан да бүппэт. Бириэмэ буллахпына, айылҕаҕа сылдьан хаартыскаҕа түһэрэбин.
– Хоту дойдуга дьыл түөрт кэмин сырдат эрэ.
– Биһиги дойдубут дьыл хайа да кэмигэр туспа кэрэлээх, хатыламмат айылҕалаах. Сайынын күн киирбэт, наар сырдык, ол эрээри тымныы, тыаллаах, сииктээх, ардахтаах, кумаардаах буолар. Бэс ыйыгар аҕыйах күн сылыйар. Ол эрэн мин дойдум сайынын туохтааҕар да сөбүлүүбүн. Куорат сайыҥҥы куйааһын тулуйбаппын. Биһиэхэ кылгас сайыммытыгар сир аһыттан морошка, отон, сугун дэлэйдик үүнэр. Аһа амтаннаах, эмтээх от арааһа үүнэр. Аны туундараҕа көтөр арааһын көрөҕүн. Кубаттан кыталыкка тиийэ. Оҕолоро көппөт буолан, тутан да ылыахха сөп. Күһүнэ тыаллаах, ардахтаах, сииктээх буолар. Халлааммыт сыыйа хараҥаран барар. Дьэ, бу кэмҥэ кус-хаас соҕуруу айанныыр. Кыһыммыт тыал-буурҕа доҕордоох. Айылҕабыт саамай кэрэ көстүүтүнэн дьүкээбил суһума буолар. Биһиги диэки чаҕылхайдык, тыастаахтык оонньуур. Устар кыһыны быһа күнү көрбөппүт, наар хараҥа сабардыыр. Хоту дойду дьонугар саамай кэтэһиилээх дьылбыт – саас. Манна күнү көрсүү, айылҕа уһуктуута дьон сүргэтин көтөҕөр. Сырдык, ыраас иэйии киһи дууһатын сылаанньытар. Дьэ, бу күн уһуур, хаастыы бараары эр дьон бэлэмнэнэр кэрэ кэмэ.
– Кэргэниҥ Сардааналыын ютубка наһаа үчүгэй сахалыы ханаалааххыт дии. Эһиги тугу уһанаргыт, тутууга сүбэҕит-амаҕыт дьон сэҥээриитин тута ылбыта.
– Ити кэргэним көҕүлээһинэ. Мин бастаан сэҥээрбэтэҕим. Билигин дьон көрөн, элбэххэ үөрэнэн туһаннаҕа буолуо диэн эрэнэбин. Киһи киһиттэн элбэххэ үөрэнэр ээ. Маннык видео устан, дьон-сэргэ билиитигэр таһаарар саныахха да астык.
– Уһанар дьоҥҥо сүбэҥ.
– Баҕа санаа уонна дьоҕур наада. Киһи ылыстаҕына, барытыгар үөрэнэр. Саамай сүрүнэ, уһанарга туттар инструменнаах буолуохтааххын. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ барытын киһи интэриниэттэн көрөн үөрэнэр. Бастаан саҕалаатыҥ да, ылларан иһэҕин. Уус идэтэ киһини тардар ураты күүстээх.