15.06.2022 | 12:55

Уус алданнар Саха олимпиадатыгар бэлэмнэнэллэр

Уус алданнар Саха олимпиадатыгар бэлэмнэнэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл Уус Алдан улууһугар ыытыллар Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар 1800 тахса киһи кыттара күүтүллэр. 
Уус алданнар “Саха олимпиадата” диэн норуокка таптаан ааттанар, ытыктанар уонна кэтэһиилээх күрэхтэһиигэ күүскэ бэлэмнэнэн эрэллэр. Оонньуулар Майаҕатта Бэрт Хара уонна Лөгөй тойон ааттарын үйэтитиэхтэрэ, кинилэргэ пааматынньыктар туруохтара.
 Бырагыраамаҕа спорт 16 көрүҥэ киирэр. Билигин Уус Алдаҥҥа араас тутуу тэтимнээхтик бара турар. Бэс ыйын 21 күнүгэр тыһыынча миэстэлээх, сүүрэр суоллаах сүүнэ улахан стадион үлэҕэ киириэҕэ. Икки оскуолаҕа спортивнай балаһаакка тутуллан эрэр. Мындаабаҕа универсальнай спорткомплекс үлэҕэ киириэхтээх. 
Бороҕон уонна атын нэһилиэктэр тас көстүүлэрэ биллэ тупсубутун көрбүт эрэ бэлиэтиир. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...