29.04.2021 | 10:11

Уус Алдан Спартакиадаҕа бэлэмнэнэр

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Бэҕэһээҥҥи төгүрүк остуол иккис түһүмэҕэр Уус Алдан дьаһалтатын баһылыга А.В. Федотов уонна кини солбуйааччылара, Бороҕон нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга В.И. Аммосов кыттыыны ыллылар. 
Кинилэр Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар ананан ыытыллыахтаах СӨ норуоттарын VIII Спартакиадатыгар бэлэмнэнии хайдах бара турарын билиһиннэрдилэр. Ким туох этиилээҕин иһиттилэр. 
Улууска 2013 сылтан 72 эбийиэк үлэҕэ киирбит. Улахан тутуулар баралларыгар эрдэттэн ууну, уоту, итиини, суолу тэҥҥэ оҥорор туһунан бырайыак ситэн-хотон, 33 эбийиэккэ тутуу уонна хаттаан саҥардан оҥоруу  үлэлэрэ саҕаланнылар. 
Бастатан туран, бөһүөлэк ортотугар улахан спорт комплекса тутуллуоҕа, ити аттыгар болуоссакка Лөгөй аата иҥэриллиэҕэ. Дьоруойдар аллеялара саҥардыллыаҕа, уулуссалар кэҥэтиллиэхтэрэ. Урукку Аал Луук Мас хос оҥоһуллуоҕа. Ол аттыгар 4 миэтэрэ үрдүктээх Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга туруоруллуоҕа. “Алаас халыҥ хахха буолар күүстээх-уохтаах хаһаайыннаах буолуохтаах, – диир баһылык Алексей Васильевич. – Бу өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит боотурбут кутуттан кэлэр-барар спортсменнар, дьон алгыс, күүс-уох ылар, көрдөһөр сирдэрэ буолуоҕа”. 
Урукку өттүгэр Тойон Мүрү туонатыгар I спортивнай оонньуулар уонна Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыта. Онон нэһилиэнньэ уопуттаах, бу да сырыыга тэрээһин үрдүк таһымнаахтык, санаа хоту барарыгар эрэллээхпит.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...