27.04.2021 | 14:06

Ууну хачайдааһын салҕанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл хаар өлгөмнүк түһэн, куорат уулуссаларын намыһах сирдэриттэн ууну хачайдааһын үлэтэ күргүөмнээхтик салҕанар. «Жилкомервис» муниципальнай унитарнай тэрилтэ информациятынан, муус устар 9 күнүттэн 25 күнүгэр диэри намыһах, оҥхой сирдэртэн 2 745 кубометр уу хачайдаммыт.

«Муус устар 26 күнүнээҕи туругунан ууну хачайдааһыҥҥа 10 массыына үлэлиир. Түүҥҥү өттүгэр уу, чалбах  тоҥон хаалар, онон үксүн күнүс күүскэ хачайдыы сатыыбыт. Халлаан лаппа сылыйан, үлэбит өссө элбээтэ», - диир «Жилкомсервис» МУТ кылаабынай инженерэ Юрий Сильченко.

Хаар уутун хачайдыыр үлэ саамай кыһалҕалаах учаастактара: Ленин проспегар (Октябрьскай уулусса быһа охсуһуутуттан Суорун Омоллоон аатынан уулусса быһа охсуһуутугар диэри), Чиряев аатын сүгэр уулусса (Хабарова аатынан уулусса быһа охсуһуутуттан Оржоникидзе уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри), Дзержинскэй уулусса ( Дзержинскэй 69 нүөмэриттэн саҕалаан «Белые ночи» Кальвица аатынан уулусса быһа охсуһуутугар диэри), (Кальвица уулусса быһа охсуһуутуттан Столичнай ырыынакка диэри), Кулаковскай аатынан уулусса, Ленин проспега (Дежнев уонна Ленин уулуссаларын быһа охсуһуулара), Автодорожнай («Прометей» микрооройуона), Губин уонна Орджоникидзе (П. Алексеев аатынан уулусса быһа охсуһуутуттан – ГАВС-ка дылы), Лермонтов аатынан уулусса («Бааһынай» ырыынагыттан Петровскай), (Октябрьскай уулуссаттан Короленко уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри), Горькай аатынан уулусса (Горькай 100 нүөмэриттэн Киров уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри),  Ойуунускай аатын сүгэр уулусса (Октябрьскай уулуссаттан  Каландаришвили уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри), Кальвица уулуссата (Б. Чижик аатынан уулусса быһа охсуһуутуттан Дзержинскэй уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри), Советскай Армия (П. Осипенко аатынан уулусса быһа охсуһуутуттан Б. Чижик уулуссатын быһа охсуһуутугар диэри), Каландаришвили уулусса (Чайковскай, Винокуров, Маяковскай, Чехов, Софронов ааттарынан уулуссалар быһа охсуһуулара).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....