26.07.2021 | 16:30

Ууга сэрэхтээх буолуоҕуҥ

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас күннэргэ сөтүөлүүртэн ордук туох кэлиэй? Ол эрэн, этэргэ дылы, таҥара сэрэҕи таптыыр. 
Статистика көрдөрөрүнэн, дойду үрдүнэн сылын аайы 10 тыһ. тахса киһи ууга былдьанар. Сөтүөлүүр сатаан харбаабат дьоҥҥо эрэ сэрэхтээх буолбатах. Ханнык баҕарар киһи, ордук билбэт сиригэр, сэрэнэн сылдьыахтаах. 
Биллэн турар, олох үчүгэйдик харбыыр киһи бэйэтигэр эрэллээхтик сылдьар. Ыксал тирээтэҕинэ, тимирэн эрэр да киһини быыһыан сөп. 
Ууга былдьаныы сүрүн төрүөттэринэн манныктары ааттыыллар:
1. Сатаан харбаабат буолуу;
2. Итирдэр утахтары иһии;
3. Оҕолору көрүүтэ-истиитэ суох хаалларыы;
4. Ууга сэрэҕэ суох сылдьыы.
Статистика этэринэн, ууга үксүгэр 16 саастарын ситэ илик оҕолор былдьаналлар эбит. Сөтүөлүү бардахха оҕолору хонтуруоллааһын, бэйэлэрин эрэ ыыппат ордук. Ууга мэниктээһин, сэрэҕэ суох үөскэ киирии хомолтолоох түбэлтэҕэ тиэрдиэн сөп.
*Аналлаах оҥоһуллубут пляжтарга, ууга сэрэтэр бэлиэлэр уонна быыһыыр үлэһиттэр баар сирдэригэр сөтүөлүүр ордук. 
*Сөтүөлүү сылдьан ууга баар сэрэтэр бэлиэлэр анараа өттүлэригэр харбыыр көҥүллэммэт. 
*Катердар, гидроцикллар, мотуордаах тыылар диэки сөтүөлээмэҥ, эргийэ турар тэрилгэ (винталарга) киирэн биэриэххитин сөп.  
*Көҥүллэммэт сирдэргэ сөтүөлээмэҥ, билбэт уугутугар үөһэттэн ыстанан кииримэҥ. 
*Наһаа ыраах харбаамаҥ, сылайан хаалан төннөргүтүгэр күүскүт тиийиэ суоҕун сөп. Сылайдаххытына көхсүгүтүгэр сытан сынньана түһүҥ. 
*Уу эргииригэр түбэстэххитинэ, салгынна эҕирийэн баран, ууга киирэн ылаат күүскэ туора харбыы сатааҥ. 
*Сүүрүк илдьэ бардаҕына барсыҥ, онтон аа-дьуо биэрэк диэки устуҥ. 
*Үрүллүбүт матарааска устумаҥ, тыал эбэтэр сүүрүк ыраах илдьэн кэбиһиэн, матарааскыт тэстиэн сөп. 
*Элбэх оҕону илдьэ сылдьар буоллаххытына, бастаан ууга хайдах сылдьыллыахтааҕын өйдөтүҥ, оҕо ахсаанын ааҕыҥ.  Сатаан харбаабат оҕолору курданалларыгар эрэ диэри ууга киллэриҥ. Ууттан тахсыбыттарын кэннэ оҕолор ахсааннарын бэрэбиэркэлээҥ. 
Сөтүөлүүргэ саамай табыгастаах кэм – сарсыарда эбэтэр киэһэ. Уу сылааһа 17-19° кыраадыстан намыһах буолуо суохтаах. Эмискэ наһаа өр сөтүөлээбэккэ, кыра-кыралаан уһатан 15-20 мүнүүтэҕэ тиэрдэр үчүгэй диэн сүбэлииллэр. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...