Уу суолунан сылдьыы түмүктэннэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ уу суолларынан устуу болдьоҕо официальнайдык түмүктэннэ. Таһаҕас тиэйиитин былаана 1 143 тыһ. туонна эбит буоллаҕына, былааны 1,1% аһара толорон 1 156 тыһ. туоннаны тиэйбиттэр. Ол туһунан регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Итинтэн 322,3 тыһ. туонна тыын суолталаах таһаҕаһы арктика оройуоннарыгар тиэйбиттэр, ол иһигэр Дьааҥы өрүһүнэн – 139,5 тыһ., Индигирканан – 45,1 тыһ., Халыманан – 73,0 тыһ., Анаабырынан – 41,5 тыһ., Лаптевтар муораларынан – 23,2 тыһ. туоннаны.
Бэлиэтээн эппиттэринэн, быйыл ойуур баһаарынан сибээстээн Амма, Бүлүү, Алдан, Дьааҥы уонна Халыма өрүстэр таһымнара түһэн былааны толорорго уустуктары көрсүбүттэр. Итини сэргэ уот ситимин саахала мэһэйдэри үөскэппит.
«Дьабарыкы Хайа шахтатыгар Чукоткаттан кэлэр уот ситимнэрэ саахалланан таас чоҕу хостуурга уонна тиэйэргэ ыарахаттар бааллар этэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Былаан туолуутун таһаҕас тиэйиитин тэрийэр бырабыыталыстыба хамыыһыйата хонтуруоллаабыт. Итини сэргэ суһал бөлөх ыйан-кэрдэн үлэни сүрүннээбит.
Бүгүҥҥү күҥҥэ тыын суолталаах таһаҕастары кыһыҥҥы суолунан массыыналарынан таһарга бэлэмнэнэллэр. Бырабыыталыстыба тэрилтэлэртэн төһө таһаҕас тиэйиллиэхтээҕин чуолкайдыыр, ол кэннэ саҥа былаан бигэргэтиллэр. Сылын аайы кыһыҥҥы суолунан 700-чэ тыһ. туонна таһаҕас таһыллар эбит.