Уу суолларыгар дьоҕус уйуктаах суудуналар үлэлэрэ тохтоон эрэр
Уу суолларыгар дьоҕус уйуктаах суудуналар үлэлэрэ алтынньы 1 күнүттэн үс түһүмэҕинэн тохтуур. Бу туһунан Арассыыйатааҕы ЫБММ өрөспүүбүлүкэтээҕи ГИМС Киинэ иһитиннэрдэ.
Уу суолларынан сырыы үс түһүмэҕинэн тохтуур:
Алтынньы 1 күнүттэн биэс Арктика оройуоннарыгар – Анаабыр, Үөһээ Дьааҥы, Өлөөн, Уус-Дьааҥы, Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар;
алтынньы 4 күнүттэн – Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Булуҥ, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн оройуоннарыгар;
алтынньы 11 күнүттэн – Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар, Дьокуускай куорат уокуруктарыгар уонна Жатайга.
Бары дьоҕус уйуктаах суудуналар кыһыҥҥыга бэлэм буолуохтаахтар. Ол курдук техническэй көрүүнү ааһыахтаахтар, мотуордара уһуллуохтаах, убаҕас оттуктара сүөкэниэхтээх.
ГИМС инспектордара сырыы бүппүтүн кэннэ дьоҕус уйуктаах суудуналары ууга таһаарар бобуллар, итини кэспит дьон административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара диэн сэрэтэллэр.