24.05.2021 | 12:20

Уу суола аһылынна

Бу күннэргэ нэһилиэнньэни хааччыйар сыаллаах уу суола былааннаммыт кэмигэр аһылынна. Ол курдук, ыам ыйын 21 күнүгэр Дьабарыкы Хайа бөһүөлэгиттэн баржалаах 2 теплоход таҕыста.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

МП-2527 баржалаах «Неман» теплоход 2600 туонна таас чоҕу тиэнэн уонна МП-2564 баржалаах «Капитан Зырянов» 2520 туонна чохтоох Амма эбэнэн уһуннулар. Таас чоҕу теплоходтар ОДьКХ Амматааҕы филиалыгар илдьэллэр. Өссө биир МП-2502 баржалаах «Капитан Лобанов», МП-2505 баржалаах «Днестр»  теплоходтар айаҥҥа бэлэмнэр. Кинилэр Амма эбэнэн 10 тыһыынча туонна чоҕу тиэйэллэр.

Сотору кэминэн Бүлүү эбэнэн Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар таас чох таһыыта саҕаланыа. Амма, Бүлүү эбэлэргэ уу таһыма түргэнник түһэр буолан, бастакы уочарат ити улуустары хааччыйаллар эбит.

Салгыы «Дьабарыкы Хайа» таас чоҕун разреһыгар арктическай оройуоннарга ыытыллар чох мунньуллар. Ол курдук, Дьааҥы эбэнэн таас чох Томпо уонна Уус Маайа оройуоннарыгар барыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...