Уу эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолуҥ!
СӨ ЫБММ Кылаабынай Управлениетын информациятынан, Саха сирин территориятыгар «Куттала суох муус» аахсыйа бэһис түһүмэҕэ саҕаланна.
Аахсыйа уу эбийиэктэригэр нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйарга туһуламмыт. Тэрээһиҥҥэ уу эбийиэктэригэр исписэлиистэри сэргэ араас таһымнаах былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, волонтердар уонна уопсастыбаннас кытталлар.
«Куттала суох муус» аахсыйа сүрүн сыала – уу эбийиэктэригэр быһылааны таһаарбат буолуу, быраабылалары кэһиини булуу уонна ити хайысханан сэрэтэр үлэни ыытыы.
Күн ахсын биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы патруллуур уонна сэрэтэр бөлөхтөр күн ахсын уу эбийиэктэрин патруллууллар уонна кэтииллэр, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр үлэни ыыталлар, мууһунан туоруур сирдэргэ хонтуруолу күүһүрдэллэр, көҥүлэ суох мууска киирбэттэрин курдук эриэйдэлииллэр.
Үөрэх тэрилтэлэригэр СӨ быыһыыр Сулууспатын исписэлиистэрэ оҕолорго кытаанах муус хайдах көрүҥнээҕин, хайдах мууһунан сэрэнэн сылдьыллыахтааҕын, муус анныгар түспүт киһиэхэ хайдах көмө оҥоһуллуохтааҕын уонна муус анныгар түстэххэ хайдах гыныллыахтааҕын көрдөрөллөр, өйдөтөллөр.
СӨ быыһыыр Сулууспата санатар: уу эбийиэктэрин мууһа олус сэрэхтээх, туһааннаах миэрэлэри тутуспатахха тиэхиньикэ, дьон муус анныгар барар кутталлара баар. Уу эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолуҥ!