04.11.2023 | 12:00

Утуйа да сытан айаннаан иһэргин түһүүгүн

Утуйа да сытан айаннаан иһэргин түһүүгүн
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Хаҥалас улууһуттан сылдьар Петр Ноев ыраах айан суоппарынан үлэлээбитэ балаҕан ыйыгар номнуо 39 сыла буолбут. “Эһиил 40 сыллаах үбүлүөйүм”, – диэн үөрэ-көтө кэпсэтиибитин саҕалаата. 
Петр – суоппардар династияларын бэрэстэбиитэлэ. Аҕата тимир көлөнү сүүрдэр быраабын 1947 сыллаахха ылыаҕыттан «Булгунньахтаах» холкуоска үйэтин тухары суоппардаабыта. Петр убайа эмиэ суоппар эбитэ үһү. Кыра Петя кинилэри холобур оҥостон улааппыта, суоппар буолуу ыра санаа ымыыта буолбута.

Сырдык санаа ыллыга

Кини уруулга бастаан олорбут сылларын, урбаанньыт  буолбут кэмнэрин бэрт сылаастык ахтан ааһар:

1984 сыллаахха Булуҥ улууһун Күһүүрүгэр үлэбин саҕалаабытым. Ол кэнниттэн манна куоракка үлэлии сылдьыбытым. Өр буолбакка, тэринэн, оҥостон баран, Өймөкөөн улууһугар «Аартык» диэн автобаазаҕа промышленнас эйгэтигэр үлэлээбитим.

Онтон харчы мунньунан, 1999 сыллаахха бастакы КАМАЗпын ылыммытым. Тэрилтэттэн баран, бэйэбин хааччынар урбаанньыт буолбутум уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьабын.

Билигин үксүгэр кыһыҥҥы суолунан сылдьан үлэлииллэр, тоҥ өрүһүнэн айаннаан, хотугу улуустары тутуу матырыйаалынан хааччыйаллар, көмүсчүттэри, алмаас хостооччулары таһаллар. Сайыҥҥы өттүгэр оскуолалар, балыыһалар хапытаалынай өрөмүөннэригэр тутуу болдьоҕун үлүмнэһэ үлэлииллэр эбит. Быйыл Нерюнгри куоратыгар биэс этээстээх балыыһа өрөмүөннэнэ турар, сайын устата онно таһаҕас тиэйдилэр.

Эппиэтинэс – инники күөҥҥэ

Кэпсэтии ортотугар Петр ыарахан уйуктаах көлөнөн үлэлиир туох уратылардааҕын ааҕааччы киэҥ араҥатыгар өйдөтөрдүү быһаарар:

Биһиги «бензовоз» буолбатахпыт, «бензовоз-самосвал» уонна «сухогруз» диэн испитигэр арахсабыт. «Сухогруз» диэн, аата этэрин курдук, тутуу матырыйаалыгар тиийэ бөдөҥ таһаҕастары тиэйэр. Саамай үлэлээх хайысха буолар – таһаҕас ууруллар, ону салайыахха, сааһылыахха, баайыахха наада. Маны таһынан, хас даҕаны мөлүйүөннээх сыаналаах таһаҕаһы тиэйэ сылдьар буолан, эппиэтинэһэ эмиэ оччонон улаатар. Онтубут өссө тиэллэн иһэн хамсыыр. Сарсыарда 9 чааска бастаан тиэйэр киһини кытта көрсөбүт, онтон күҥҥэ түөрт тэрилтэни кэрийэбит, таһаҕас тиэнэбит.  Хайа да түгэҥҥэ син биир барытын батара сатыыбыт.

Быйыл «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ 25 сыллаах үбүлүөйэ буолбута. Петр Ноев кэпсииринэн, ол кэмҥэ олус элбэх таһаҕас барбыт эбит. Тэрилтэ сэттэ- аҕыс саҥа учаастагы туппута, онно тутуу матырыйаалын таспыттар. Тиһэх айантан Ленскэй борохуотунан төннүбүттэр. Ыраах рейс кэнниттэн айан суола киһи өйүгэр хатанан хаалар. Төһө даҕаны сынньаммытыҥ иһин, утуйа да сытан айаннаан иһэргин түһүүгүн диэн суоппар бэлиэтиир.

Үлэбит үтүө түмүктээх

Уһун айаҥҥа сылдьар суоппардары өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ идэлээхтэри барыларын түмэр диэн Петр үөрүүтүн үллэстэр:

Бу уопсастыба тэриллиэн иннинэ биһиэхэ биир да тэрилтэ кыһаммат, бары бэйэбитин хааччынар, бэринэр этибит. Холобур, судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ профсойуус диэн баар. Онно ким хас сыл үлэлээбитин, кимиэхэ ханнык наҕараада биэрэллэрин көрөллөр, араас «туйгун» аатын иҥэрэллэр. Ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар уопсастыбабыт тэриллибитэ быйыл ахсыс сыла буолар. Ол тухары дьон бөҕөтө наҕараада ылла. «Заслуженный работник автотранспорта Республики Саха (Якутия)» диэн бочуоттаах ааты хас даҕаны суоппар сүктэ. Бу манна бырааһынньык тэрийэн, биһигини түмэн, дьоҥҥо грамота биэрэн, олус бэркэ, өрө көтөҕүллүүлээхтик тэрийдилэр. Биһиги билигин үлэбит үтүө түмүктээх буолар диэн билэбит. Ол туһугар бары көхтөөхтүк сүүрэбит-көтөбүт, кыһанабыт, ардыгар спонсор да буолан кыттыһабыт. Бу атырдьах ыйыгар буолбут тэрээһиҥҥэ уолаттары массыынаҕытын сууйан, киэргэтэн, парадка кыттыһардыы булгуччу кэлэҕит диэн ыҥырыы ыыппыппыт. Сорох дьон айаҥҥа сылдьарын да үрдүнэн, 50-ча массыына кэлбитэ. Көрүөххэ олус үчугэй этэ. Түгэнинэн туһанан, Евдокия Кимовна Дьячковскаяҕа биһигини барыбытын түмпүтүгэр улахан махтал тылларбын тиэрдэбин».

Ыраах айан хайысхатыгар үлэлиир суоппардарга өрөспүүбүлүкэ Урбааҥҥа министиэристибэтэ массыынаны лизиҥҥэ ылары көмөлөһөр этэ. Петр Ноев билигин иллэрээ сыллааҕыта саҥардыбыт, үйэтигэр төрдүс КАМАЗ массыынатын сүүрдэ сылдьар эбит.

Мин Муома улууһугар икки сылы быһа дьиэ тутуутугар үлэлээбитим, онно олохтоохтор олус кэрэ тас көстүүлээх тоҕус  этээстээх толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирбиттэрэ. Ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх тутуу бара турар. Биирдэ Ленскэй улууһун соҕотох фермеригэр таһаҕас илдьибиппит. Ол барыта тыа хаһаайыстыбатын хааччыйыы бырагырааматынан оҥоһуллубут этэ. Бу барыта өрөспүүбүлүкэбит салалтатын көҕүлээһинэ, өйөөһүнэ буоллаҕа дии. Мин маннык үлэлиирбиттэн наһаа үөрэбин. Холобур, Булгунньахтаахха таҥара дьиэтин, оскуоланы, кулуубу тутуспуппут. Саха сирин хоту тайаан сытар улуустарыгар эмиэ таһаҕас таспытым. Аара айаннаан иһэн биир эмэ саҥа тутууну көрдөхпүнэ: «Бу манна үлэлээбитим, мин эмиэ кыттыгастаахпын», – диэн киэн тутта саныыбын.

Кыах баарын тухары

Ол курдук, Петр Ноев кыах баарын тухары үлэлии сылдьыам диэн баҕа санаалаах.

Төһө даҕаны саас ыллар, кэм аастар, үлэ баарын тухары үлэлиэххэ наада, үлэни таптыахха уонна ытыктыахха наада. Өрөспүүбүлүкэ экономиката сайыннаҕына эрэ, дьон олоҕо-дьаһаҕа тупсар уонна сайдыы аартыга арыллар. Сахам дьоно, үлэни таптааҥ, туруу үлэһит буолуҥ, уопсастыба сыаналыыр уонна биһириир дьоно буола үүнүҥ, үрдээҥ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...