Устудьуоннар тутар этэрээттэрин салайааччыта Айсен Соловьев: «Куораппыт ыччат илиитигэр наадыйар»
Ыам ыйыгар биһиги хаһыаппыт устудьуоннар этэрээттэрин туһунан суруйбута. Ол курдук, оскуола оҕолоро уонна устудьуоннар сайыҥҥы кэмҥэ “Острог” диэн ааттаах бырайыак чэрчитинэн куорат управаларынан арахсан, уулуссалары ыраастыы, өрөмүөннүү тахсыбыттара. “Острог” быйылгы үлэтин түмүгүн тула Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрин салайааччыта Айсен Соловьеву кытта кэпсэттибит.
Сезон устата устудьуоннар 10-тан тахса улахан субуотунньукка кыттан, уопсайа 350 кубомиэтэрэттэн тахса бөҕү-сыыһы хомуйбуттар. Ону тэҥэ «Азия оҕолоро» Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII-с спортивнай оонньуулар кэмигэр куорат иһигэр бэрээдэги көрбүттэр.
– Айсен, быйыл управаларынан арахсан үлэлээтигит. Былааҥҥытын толордугут дуо?
– Бүгүҥҥүнэн көрдөххө, былааммыт туолла, уопсайа 250 тахса устудьуон уонна оскуола оҕото үлэлээтилэр. Бастаан от ыйын ортотугар диэри үлэлиэхпит диэбиппитин, атырдьах ыйыгар диэри уһаттылар. Сайын устата устудьуоннар хара маҥнайгыттан бары үлэлээбит буоллахтарына, оскуола оҕолоро иккилии нэдиэлэ буола-буола солбуйсан сырыттылар. “Острог” үлэ бырайыагар кыттыыны ылбыт оҕолор нэдиэлэ аайы араас сынньалаҥ, аралдьытар быраагыраамаларга кытыннылар. Ол курдук, хаартыска, видео, айымньы куонкурустара ыытыллыбыттара.
– Эһиги эппиэтинэскитигэр сүрүннээн туох үлэ сүктэрилиннэ?
– Устудьуоннарбыт сүрүннээн тротуар өрөмүөнүгэр кыттыыны ыллылар, ону таһынан көҕөрдүү, куораты ыраастааһын өттүнэн элбэх үлэ оҥоһулунна. Сквердэр, пааркалар, суоллар күрүөлэрин кырааскалаатылар. Уопсайынан, улахан иэннээх үлэ оҥоһулунна, сотору кэминэн барытын ааҕан-суоттаан, куорат дьаһалтатын иннигэр отчуоттуохтаахпыт.
– Оҕолор хантан истэн үлэлии киирбиттэрий?
– Биллэриини куйаар ситимин нөҥүө тарҕаппыппыт. Оҕолор ону доҕотторуттан, аймахтарыттан истэн, бэйэлэрэ билэн, көрөн да кэлбиттэр бааллар. Үксүн биир киһи киирэн табаарыһын ыҥырар, ол доҕоро эмиэ бэйэтин билэр киһитин аҕалар.
– Оттон хамнастара төһөнүй?
– Оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин таһынан сайынын буолбут тэрээһиннэргэ, холобура, «Азия оҕолоругар», Туймаада ыһыаҕар көмөлөһөн, нуорматтан элбэҕи үлэлээтилэр. Онон үчүгэй хамнаһы ыллылар диэххэ наада. Ол курдук, биир ыйга 70-80 тыһ. солк. ылбыт оҕолор бааллар, онон сезон иһигэр 100 тыһ. солк. тиийэ аахсыахтарын сөп.
– «Азия оҕолоругар» тугу үлэлээтигит?
– Биһиги устудьуоннарбыт Оонньуулар ыытыллар эбийиэктэригэр контролер быһыытынан, аһыыр пууннарга, уопсайдарга, волонтердар да истэригэр үлэлээн, элбэх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Мин санаабар, күүстээх үлэ барда, ахсаанынан көрдөххө, бу хамсааһынынан 700 кэриҥэ ыччат хабылынна.
– Оҕолор төһө үлэлиэхтэрин баҕарар эбиттэрий?
– Үлэ син биир хаһан да бүппэт, оттон эдэр ыччат үлэлиэн наада. Онуоха, сөптөөх усулуобуйа баар буоллаҕына, үлэ хаачыстыбата, түмүгэ үрдүк буолара биллэр. Устудьуоннар диэн саамай түргэнник үөрэнэр уонна ханнык баҕарар үлэни ылсыан сөп дьон буоллаҕа.
– Атырдьах ыйыгар туох үлэ хаалла?
– Билигин “Трудовые отряды подростков” бырайыак чэрчитинэн уоннуу киһилээх 3 этэрээт үлэлии сылдьар. Икки этэрээт тиэргэннэр баһаатайдара курдук үлэлиир, ол аата тиэргэннэринэн, сквердэринэн, пааркаларынан сылдьаннар, оҕолорго оонньуулары, бырааһынньыктары ыыталлар. Үһүс этэрээт – худуоһунньуктар этэрээттэрэ – былырыыҥҥыттан Каландарашвили уулуссатыгар истиэнэ анатан, онно уруһуйдууллар. Мантан күһүн былааммытыгар атын үлэ суох.
– Управаларынан арахсан үлэлиири туох диэтигит? Эһиил үлэлииргит билиннэ дуо?
– Бу бырайыак быйыл аан бастаан ыытылынна, онон кыра кыһалҕалардаах этэ. Холобура, олохсуйуу өттүттэн уустуктары көрүстүбүт, аһылык көрүллүбэтэҕэ эмиэ үлэҕэ харгыстары үөскэттэ. Эһиил куораты кытта үлэлэһэммит, туох баар наадалаах усулуобуйабытын тэрийэргэ кыһаллыахпыт. Мин санаабар, куораппыт эдэр ыччат илиитигэр наадыйар. Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат дьаһалтатын кытта кэпсэтэ иликпит, онон туох да диир кыаҕым суох; дьокутааттар бүддьүөтү көрдөхтөрүнэ, онно быһаарыллыаҕа. Кэлэр сылга эмиэ бииргэ үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.
Хаартыскалар:
Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрэ