Устудьуоннар этэрээттэрэ үлэнэн хааччыллыахтара
Быйыл өрөспүүбүлүкэ устудьуоннарын этэрээттэрин байыастара дойду түөрт регионугар үлэлиир кыахтаныахтара. Бу туһунан регион Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Быйыл устудьуоннар этэрээттэрин өрөспүүбүлүкэ 60-70 тэрилтэлэригэр уонна дойду түөрт регионугар — Сахалиҥҥа, Камчаткаҕа, Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдарга үлэ миэстэтинэн хааччыйыы былааннанар», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Бэлиэтэммитинэн, улахан болҕомто устудьуоннар тутар этэрээттэригэр ууруллуоҕа. 600-тэн тахса ыччат промышленнай тэрилтэлэргэ үлэлиэҕэ.
2021 сылга тутуу этэрээттэрин байыастара Дьокуускай куоракка олорор дьиэлэри, онкология киинин, «Полярная звезда» төгүрүк сыл үлэлиир лааҕыры, промышленнай инфраструктуралар эбийиэктэрин – Мирнэй («Среднеботуобинское»), Алдан («КС-4 Нимнырская») оройуоннарыгар тутуспуттар.
Итини сэргэ, устудьуоннар этэрээттэрэ «ЯТЭК», «Якутуголь» хампаанньаларга, «Алмас» ЛПК, «АрктикТелеком», «Добун-Строй», «РСОРСЯ Капитал» уонна «Саха сирин тимир суоллара» үлэлэспиттэр.
Ааспыт сезоҥҥа, Уһук Илиҥҥи уокуруктааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы үлэ бырайыактарын чэрчилэринэн, 142 байыас балык собуоттарыгар Приморьеҕа, Сахалиҥҥа уонна Камчаткаҕа тиийэн үлэлээбиттэр.