16.04.2020 | 15:00

УСТУДЬОННАР «ДИСТАНЦИОНКАНЫ” ХАЙДАХ ЫЛЫННЫЛАР?

УСТУДЬОННАР «ДИСТАНЦИОНКАНЫ” ХАЙДАХ ЫЛЫННЫЛАР?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара муус устар ый бүтүөр диэри ыраахтан олорон үөрэнэллэр. Устудьуоннар улахан аҥаардара бары, дэриэбинэҕэ тахсан, дьонноругар илии-атах буола сылдьаллар эбит. Киин куоракка, үөрэнэр куорпустар хатыылаахтар, устудьуон олорор куоратыгар биир да киһи көстүбэт. Ону ол диэбэккэ, биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү күн устудьуона хайдах быһыылаахтык үөрэнэ олорорун билистэ.

Даяна Тоскина, Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын уонна култуураларын институтун 2-с кууруһун устудьуона:

  • Мин билигин Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгэр баарбын. Интернет ситимигэр вай-файынан сибээскэ тахсар буолан, улахан кыһалҕаны көрсүбэппин, тэтимэ түргэн, харбат. Дистанционнай үөрэхпит, сүнньүнэн, Moodle платформаҕа ааһар. Сорох паараларбыт социальнай ситим араас мессенджердэригэр буолар. Лиэксийэлэри, эбии сорудахтары, дьиэ үлэтин преподоватэллэр Moodle платформаҕа угаллар. Биһиги садаанньыйаларбытын эмиэ манна уган бэрэбиэркэҕэ ыытабын уонна баал ылабыт. Бэйэ үлэтин (самостоятельнай үлэ) электроннай варианын толорон ыытабыт. Дистанционнай үөрэххэ көһүөхпүтүттэн иллэҥ бириэмэ олус элбээтэ, мин ону сөпкө туһана сатыыбын: кинигэ ааҕабын, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьабын, научнай үлэбин суруйан саҕалаатым уо.д.а. Биһиги, устудьуоннар, ылыллыбыт миэрэ барыта биһиги доруобуйабыт, инники кэскилбит туһугар оҥоһулларын өйдүөхтээхпит. Биир бэйэм университеппын, бииргэ  үөрэнэр оҕолорбун наһаа аҕынным.

Күннэй Леханова, филологическай факультет нуучча уонна омук тылын салаатын үрдүкү преподователэ:

  • Дистанционнай үөрэххэ көһүөхпүтүттэн преподоватэллэр цифровой компетенциябытын үрдэтэбит. Moodle систиэмэ быыстала суох үөрэх бырагырааматын барытын биэрэр уонна ситтэрэр. Холобура, тестовай сорудахтары, хонтуруолунай үлэлэри, сочуот, эксээмэн барыта ыытыллыан сөп. Атын техническэй систиэмэлэри эмиэ туһанабыт. Паараларбытын Skype- уонна WhatsApp нөҥүө эмиэ ыытар кыахтаахпыт. WhatsApp сыһыарыы сорудахтаах видеолары, преподователь саҥатынан иһиллэр тиэкистэри ыытарга олус табыгастаах. Ханнык баҕарар омук тылын бэйэ-бэйэни кытта алтыстаххына, кэпсэттэххинэ эрэ тутулун өйдүүгүн. Үөрэнээччи уонна преподователь тохтоло суох омуктуу тылынан кэпсэтиэхтэрин наада, оччоҕуна эрэ устудьуонуҥ үөрэтэр тылын өйдүүр уонна сүтэрбэт.

Эрхаан Николаев, тас дойду филологиятын уонна регионнарын үөрэтэр институт 1-кы  кууруһун устудьуона:

  • Дистанционнай үөрэх сүрдээх үчүгэй эбит. Бу форматы биһиги региоммут бастакытын туһанан эрэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Дьиҥэр, биһиги университетпыт дистанционнай үөрэххэ киирбитэ хас эмэ сыл буолла. Ол эрэн аҥаардас дьиэҕэ олорон үлэлээһин, үөрэнии соччо сатамньыта суох. Дьиэҕэ киһи сынньаныахтаах, уоскуйуохтаах. Сорох дьон дьиэлэрэ кыра, хосторо тиийбэт, уун-утары көрсөн олорон үлэлииллэрэ соччо табыгаһа суох буолуо дии саныыбын.

Биһиги үөрэхпит сүнньүнэн видеохостинг форматынан ааһар. Онно «Zoom» онлайн формата көмөлөһөр. Бу сыһыарыы киһини сылаппат, төттөрүтүн, сэргэхсэтэр да курдук. Дьиҥнээхтии аудиторияҕа үөрэнэ олорор курдук көстөбүт. Өскөтүн преподователь бириэмэтэ суох буоллаҕына, сорудахтары Moodle-га угар. Мин санаабар, олох куһаҕана суох уопут. ХИФУ онлайн форматы эмиэ баһылыахтаах, дистанционнай үөрэҕи ылыныахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, дистанционнай үөрэх ордук омук дойдутуттан кэлбит устудьуоннарга барсыыһы быһыылаах. Кырдьык, иллэҥ бириэмэ олус элбээтэ, онон, ыстаарыста быһыытынан, төһө кыалларын хаалан эрэр оҕолорбор көмөлөһө сатыыбын. Дистанционнай үөрэх иннинэ бириэмэм барыта айаммар барбыт дуу диэн түмүккэ кэллим.

Евгения Томская, Мединститут 1-кы  кууруһун устудьуона:

  • Мин киин куораккка олоробун. Ол иһин дэриэбинэҕэ, улууска тахсыбатым. Маннык уустук балаһыанньа тоҕо үөскээбитин бары өйдүөх уонна ылыныах тустаахпыт. Биир бэйэм дистанционнай үөрэҕи куһаҕана суохтук ылынным. Үөрэх аҥаара видео сибээһинэн барар, уоннааҕыта Moodle-га ааһар. Преподаватэллэри кытта WhatsApp сыһыарыынан сибээстэһэбит. Сүнньүнэн ХИФУ-га улахан уларыйыыны көрбөтүм. Биһиги институппыт түүннэри-күнүстэри үөрэнэрбит уларыйбата. Ол эрээри маннык үөрэх үчүгэй түмүктэри аҕалыа суох быһыылаах. Учуутал уонна үөрэнээччи «тыыннаахтыы” кэпсэтэллэрэ, өйдөһөллөрө быдан ордук эбит. Арай бу түгэҥҥэ биир эрэ хайысха үөрдэр – кинигэлэрбитин соспоппут, халааппыт сытар уонна уһун күнү быһа оптуобуһунан айаннаабаппыт.

Айтал Яковлев, историческай наука хандьыдаата, ХИФУ доцена, РФ Бэрэсидьиэнин эдэр учуонайдарга анаммыт гранын хаһаайына:

  • Университетка Moodlе киирэрин саҕана элбэх устудьуон, уһуйааччы ылымматаҕа. Билигин, бириэмэ ааспытын кэннэ, бары сөбүлээтибит. Арай маннык систиэмэ суоҕа буоллар хайдах буолуо этибитий? Moodlе-га биир кнопканы баттаатыҥ эрэ, 25 000 тыһ. тиийэ киһини онлайн көрүөххэ сөп. Оннук үчүгэй систиэмэ! Бэҕэһээ твиттер социальнай ситимин доҕотторугар «Zoom» сыһыарыынан  онлайн-лиэксийэ ыыппытым. Биир нэдиэлэнэн кэтэхтэн, күнүскү (бакалавр, магистр)  үөрэнэр устудьуоннарга онлайн лиэксийэлэр буолуохтаахтар.

Юлия Гоголева, Естественнэй наукалар институттарын 2-с кууруһун устудьуона:

  • Мин Нам улууһун 2-с Хомустааҕар баарбын. Бу быһылаан иннинэ Сэргэлээх уопсайыгар олорбутум. Дистанционнай үөрэҕи бастаан ыарырҕаппытым. Үөрэх усулуобуйата, күннээҕи оҥкул барыта уларыйан, олохпут сайдыыта бэлэмэ суоҕа биллибитэ. Интэриниэт суоҕа, ноутбук алдьаммыта, уота барара уо.д.а. кыһалҕалар атахтаан,  сорудахтары ыйыллыбыт күнүгэр ыытар уустук. Аны туран, уһуйааччылар бастакы күннэргэ олус элбэх сорудаҕы биэрэллэрэ, сорох интэриниэттээх да устудьуоннар ситэн оҥорбот этилэр. Мин саҥа эрэһиимҥэ син киирдим. Күнүскү үөрэххэ оччо-бачча эргиллиэхпин баҕарбаппын даҕаны, дьиэттэн тахсыбакка эрэ үөрэнэр ордук курдук. Дистанционнай үөрэх үтүө өрүттэринэн буолаллар: устудьуон сорудахтары хаһан толоруохтааҕын бэйэтэ билэр, түүн да буоллун, күнүс да буоллун, саамай сүрүнэ – ыйыллыбыт болдьоҕор тиксэриэн наада. Иллэҥ бириэмэ элбээн, дьарыгым, хоббим да элбээбит курдук буолла. Дистанционнай үөрэх бары устудьуоҥҥа үөрэх уонна олох барыта бэйэбититтэн эрэ тутулуктааҕын өйдөттө. Дьиэҕэ олорон бириэмэбин былаанныырга, өйбүн-санаабын сааһыланарга үөрэнним.

Егор Федоров, Естественнэй наукалар институттарын 1-кы кууруһун устудьуона:

  • Мин киин куоракка баарбын, “самоизоляция” эрэһиимин тутуһабын, дьиэттэн быкпаппын. Кырдьыгынан эттэххэ, дистанционннай үөрэх бастакы күннэрэ олус ыараханнык ааспыттара. Мин уонна бииргэ үөрэнэр оҕолорум Moodlе хайдах үлэлиирин билбэт этибит. Билигин, дьэ, син өйдүүр, быһаарсар буоллубут. Олохпут ыараабытын дуу, чэпчээбитин дуу дьэ өйдөөн эрэбит. Дьиэбэр олорон хаһан баҕарар аһыыбын, сынньанабын уо.д.а. Ол эрэн ханнык баҕарар быһыы-майгы барыта хааччахтааһыҥҥа олоҕурарын өйдүүбүн. Дьиэбэр олоруохпуттан эппиэтинэһим үрдээтэ.  Факультетым ыстаарыстата буоламмын, бэйэбин эрэ көрүммэппин, усудьуоннары барыларын хонтуруоллуубун.

 Алиса Афанасьева, Психология институтун төрдүс кууруһун устудьуона:

  • Мин дьиэбэр Бүлүүгэ баарбын. Интэриниэтим түргэн, аһым-таҥаһым тиийэр. Университет бары кэриэтэ Moodle онлайн-бырагырааманы баһылаабыт диэн көрдүм. Туох да кыһалҕата суох, үөрэммитим курдук үөрэнэбин. Төттөрүтүн, дистанционкаттан көһөр ыарахаттардаах буолсу быһыылаах. Преподавателлэр биэрэр сорудахтарын барытын «автоматом” оҥорон иһэбин, ыараханы көрсүбэтим.

Эрэл Терешкин, Автодорожнай факультет 2-с скууруһун устудьуона:

  • Үөрэх чэпчэкитик киирдэ, ол эрээри оччо-бачча ылына иликпин. Саамай сөбүлээбэтэҕим диэн, теманы барытын бэйэҥ хасыһан үөрэтэҕин, оттон очнай үөрэххэ преподаватель быһааран биэрэр. Практическай сорудахтарым тиийбэттэр. Саамай сөбүлээбитим – сарсыарда хаска баҕарар турабын. Өссө биир үтүөтэ – мааска тигэргэ уонна пирог астыырга үөрэнним. Устудьуоннуур диэн тугун умнан да бараары гынным быһыылаах, аудиторияҕа олорон үөрэнэрбин олус да аҕынным.

Бу курдук устудьуоннар, буола турар быһыыны-майгыны таба сыаналаан, үөрэхтэрин салгыыллар. Манна даҕатан эттэххэ, ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрбиттэринэн, Moodle онлайн-систиэмэ саайтыгар үөрэх матырыйаала 100% киирбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...