21.03.2021 | 17:59

«Уруйдан, улуу олоҥхобут!» бэстибээл куйаар ситимигэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

     Быйыл 15-с төгүлүн ыытыллар «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» бэстибээл хамсык ыарыы дьаҥа өрө туран кэбиһэн, тэйиччиттэн олорон, куйаар ситимигэр тахсан ыытылынна. Маҥнайгы холонуу диэтэххэ, тэрийээччи Б.Н.Михайлов көмөтүнэн, син бэркэ тэриллэн ыытылынна, кыттааччы да аҕыйаҕа суох, 15 кыттааччыны иhиттибит. Кэлин, баҕар, сатаатахпытына элбэх толорооччу кыттыан сөп. Маныаха улуус култууратын үлэhиттэрэ бэйэлэрин улуустарын дьонугар көмөлөhөн, видеоҕа устууну, кыттыыны тэрийсиэхтэрин, техсредствонан устууну сатаабат дьоҥҥо көмөлөhүөхтэрин сөп эбит. Оччоҕо сорох кыттааччылар олоҥхолорун эрдэ ыытан дьүүллүүр сүбэҕэ иhитиннэриэхтэрин, сыаналатыахтарын сөп эбит. Саамай элбэх кыттааччы Таатта улууhуттан кытыннылар. Атыыр алдьархай буолбатаҕа буоллар, өссө элбэх киhи кыттыан сөп этэ. Ол эрээри кыттыахха эрэ диэн кыттыы эмиэ баар курдук. Чахчы олоҥхону толорууну баhылаабыт, республика таhымыгар киирсэр кыахтаахтар киирсиэхтээхтэр этэ. Сорохтор толоруулара олус кылгас. Уруккуттан олоҥхо күрэҕэр кыттар В.Д.Данилов 15 мүнүүтэттэн 9 мүнүүтэтэ бэйэтин кэпсээнигэр барда. Олоҥхо конкурсугар критерий баар буолуохтаах кырата чаас аҥаара, биитэр чаас дуу буолуохтаах этэ.

    Олоҥхону толорууга түөлбэ үгэhин сөргүтүүгэ болҕомто ууруллуохтаах. Таатталар П.Е.Решетников олоҥхотугар суолта уураллар эбит. Ол эмиэ сөп эрээри, кинилэр ийэ олоҥхолоро «Ньургун Боотур» буоларын умнуо суохтаахтар. Ол да иhин Улуу Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону төрүт гыннаҕа. Онтон ийэ олоҥхоhут аатын ылбыт П.Е.Решетников «Уодайа Боотур», «Айыы Дьураҕастай» олоҥхолор Таатта олоҥхотун анаан үөрэппит Н.А.Оросина суруйарынан бэрт дэҥҥэ Денис Элбэрээкэп олоҥхотугар көстөн ааhар. Сунтаардар бэйэлэригэр тарҕаммыт «Уол Дуолан», «Күн Ньургун» олоҥхолорун ыhыктабакка илдьэ сылдьаллар эбит. Ол үөhэ Н.П.Тимофеев оҕо сылдьан истибит олоҥхолорун матыыптарын илдьэ сылдьара кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри маhы эрбиир курдук туох да эмоцията суох биир кэм кэпсии олороро киhини сылатар. Кэлиҥҥинэн куолаhа кэhиэҕирэн хаалла. Олоҥхону толорууну музыковедтар сыаналыыллара ордук буолуо эбит. Биhиэнэ үксүгэр бирииhи түҥэтии курдук буолар.

     Аҕа саастаах олоҥхоhуттары утум олоҥхоhуттар диэххэ сөп. Кинилэр үгүстэрэ да эдэр оҕо сылдьан, ийэ олоҥхоhуттар толорууларын истибит дьоннор. Саамай кырдьаҕастара Н.П.Тимофеев төhө да М.З.Мартынов олоҥхотун толордор дойдутун Хоро түөлбэтин олоҥхоhуттарын ыллыыр-туойар ньымаларын илдьэ сылдьар уонна үөрэнээччилэригэр тиэрдэр. С.И.Черноградскай кэпсииригэр унаарытан тардан ылара, ыллыырыгар-туойарыгар эмиэ ону тутуhарын кэрэхсии иhиттим. Кини маннык сыыйа тардан олоҥхону төhө баҕарар уhуннук толоруон сөп дии саныыбын. Уус Алдан утум олоҥхоhута  буолбут.

    Афнасий Попов олоҥхо тэтитимин кэпсээнигэр да, ырыатыгар да бэркэ биэрэр. Итиэннэ бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит чөллөркөй куоластаах. Син эмиэ Тэрчи курдук, саха олоҥхотун хайа баҕарар аудиторияҕа, дойдуга толоруон сөп. Кинилэри үhүөннэрин да утум олоҥхоhут диэххэ сөп.

    Орто саастаахтарга биэс дьахтар олоҥхоhут кытынна. Ол эрээри суолта биэрэн кыттыбыттарыгар махтал. Ол эрээри толорууларынан үөhэ ахтан аhарбыт утум олоҥхоhуттар таhымнарыгар тиийэллэригэр өссө да күүскэ үлэлэhиэхтэрин наада. И.И.Макарова — Толоон Туорааҕа бэйэтэ «Таас Буурай» диэн олоҥхону суруйан, онтун толорор эбит. Былырыын кинигэнэн таhааттарбыт. Кэрэхсэбиллээҕэ, бэйэтэ төhө баҕарар толорор эбит. Суруксут олоҥхоhуттар олук хоhооннорунан таҥан бэйэлэрин текстэрин толоруохтарын сөбүн туhунан эпосоведтар В.М.Гацак, Б.Н.Путилов суруйаллар. Онон Толоон Туораага сөп  хайысханы тутуспут эбит.

    Н.Эконова кэнники сылларга олоҥхоҕо кыттыhан үлэлээн эрэр. Биир дойдулааҕа А.П.Амвросьев «Күн  Ньургун» олоҥхотун толордо. СР Култууратын үтүөлээх үлэhитэ Н.С.Толбонова бэлиэтээбитэ сөптөөх. Бэлэм тиэкси да сатаан, истээччилэри кэрэхсэтэр гына, таҥыаахха наада. Кэпсээнин кыайбат буолан, олоҥхо чабырҕаҕынан толоруутун сиэрэ суох кылгаппыт. Атын да кинигэттэн ылан олоҥхолооччулар бу түгэни учуоттуохтарын наада. Наталья, ол оннугар, ырыатын-тойугун кыайар эбит. Н.П.Тимофеев кинини олоҥхо ырыатыгар-тойугар такайбыта көстөр, итиэннэ сунтаардар дьэ-буо матыыбынан толорор үөрүйэхтэрэ эмиэ баар. Н.Эконова кэлэр да өттүгэр олоҥхоҕо киирсэн истээччилэри сэргэхситиэ диэн эрэнэ саныыбын.

     Бу бөлөххө Нам Түбэтиттэн Вера Цыпандина бэркэ кытынна. Кини толоруутун Д.М.Говоров юбилейдаах тэрээhинигэр истэн кэрэхсээбитим. Эдэрдэртэн бэрт тэтимнээхтик ырыатын кыайа-хото толорор эбит. Кини биир дойдулаахтара бэйэлэрин кэмнэригэр аатырбыт П.П.Ядрихинскай, Е.Г.Охлопков, В.Н.Попов олоҥхолорун кэрэхсээн толорор эбит. Дойдутун дьонугар үөдэйдэргэ Е.Г.Охлопков «Алантай Боотур» олоҥхону толорбутун ыытан конкурска кыттыста.

     Бу саастарынан, гран-при, лауреат аатын ылбыттары сырдаттым. Дьиҥэ, биир бэйэм онлайн форматынан ыытар сыаналыырга ордук табыгастаах эбит дии санаатым. Барыларын толорууларын толору иhиттим, сорохторун хос-хос истэн дуоhуйдум. Конкурска кырата биир чаас толорууну ыыталлара ордук эбит. Ол сыаналыырга ордук табыгастаах. Иккиhинэн, хас биирдии толорууну хаачыстыбалаахтык устуу эрэйиллэр. Толоруу истээччилээх буолара наада. Сорохторго истээччилэр бааллар да, сэҥээрэллэрэ сэҥээрбэттэрэ биллибэт. Үсүhүнэн,  олоҥхолооhунунан утумнаахтык дьарыктанар Бүлүү, Дьааҥы, Амма улуустара кыттыбатылар. Төрдүhүнэн, музыковедтар дьүүллүүр сүбэҕэ кыттан үлэлииллэрэ буоллар, диэн баҕа санаа баар. Кинилэр толорооччу ырыатын-тойугун ордук сыаналыахтарын сөп этэ.

    Түмүктээн эттэххэ, «Арчы дьиэтэ», чуолаан СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Б.Н.Михайлов сылын аайы «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» диэн бэстибээли сүүрэн-көтөн, үп-харчы булан, бириистэри олохтоон, кыттыбыттар бары илии тутуурдаах, өттүк харалаах баралларын ситиhэллэр. Тэрийээччилэргэ, барҕа махтал буоллун.

       В.В.Илларионов — филологическай наука доктора, профессор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...