Уруок таһынааҕы дьарык оҕо дьылҕатын быһаарар
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах хонук хаалла. Ол эрэн коронавирус дьаҥа туран, быйылгы үөрэхпит дьыла эмиэ уустук балаһыанньаланыах курдук. Маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ, санааны түһэрбэккэ, саҥа оскуолаҕа барар кырачаан оҕолорго уонна кинилэр төрөппүттэригэр туһалаах буолуо диэн, үөрэх эйгэтигэр 35 сыл ыстаастаах, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ Уопсай үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ Татьяна Петровна Федорова санаатын тиэрдэбин.
Татьяна Петровна Федорова, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин методиһа, Чурапчы улууһа, Чурапчы сэлиэнньэтэ. Кини бүгүҥҥү балаһабытыгар төрөппүттэргэ анаан бэйэтин тус уопутугар олоҕуран сүбэлэри биэриэҕэ.
Бэйэм уопуппар олоҕуран
- Бүгүн оҕотун саҥа үөрэх дьылыгар атаарар төрөппүт уонна учуутал-иитээччи оруоллара бу сорукка хайдах буолуон сөбүн туһунан кэпсэтиэхпит. Онно мин пионер баһаатайтан саҕалаан дириэктэргэ, методистка тиийэ үлэлээбит, ийэ буолан оҕолорбун ииппиппэр олоҕуран, тус көрүүбүн тиэрдэбин. Кэнники кэмҥэ саха ыччата олус сайынна. Оҕо олох аартыгар тахсарыгар бэлэмэ төрөппүт, учууталлар көмөлөрүнэн туох да уустуга суох ситиһиллэр буолла. Билиҥҥи оҕо үөрэххэ сыһыана күүстээх, инники идэтин эрдэттэн талбыт, онно сыһыаннаах араас куонкурустарга, НПК-ларга, лааҕырдарга анаан кыттыыта – төрөппүт үөрүүтэ туохха да тэҥнэммэт буолуутун билии, бу түгэҥҥэ уһун систиэмэлээх, кылаабынайа, сөптөөхтүк иитии барбытын туоһута буолар диэм этэ. Оннук сыаллаах үөрэммит оҕо ахсаана сыл аайы элбээн иһэр. Ол гынан баран, сорох оҕо оскуолатын бүтэрээри да сырыттар, чопчу идэтин хайысхатын талбатах буолар. Эбэтэр бүтэрэр сылыгар кэлэн, отой да өйө-санаата ыһыллан хаалар. Дьиэ кэргэҥҥэ маннык түгэн үөскээбэтин туһугар төрөппүккэ, учууталга, иитээччигэ бэйэм сүбэбин тиэрдэбин.
Төрөппүт оҕото төһө ноҕуруускалаахтык үөрэнэрин билэр дуо?
- Дойдубут үөрэҕин систиэмэтэ федеральнай базиснай үөрэх былааныгар олоҕуран тэриллэр. Үөрэх тиһигэ 1-кы кылаастан 11-с кылааска тиийэ барыларыгар икки блокка арахсар: булгуччулаах предметтэри уруоктарга үөрэтии уонна уруок таһынааҕы дьарык. Билиҥҥи төрөппүт оҕотун үөрэх дьылыгар ноҕурууската төһө чаас буоларын интэриэһиргээн билэрэ дуу? Ол эбэтэр сыл аҥаарыгар, биир сылга, үс кэрдиис аайы төһөлүү чаас баарын уонна 11 сыл устата оҕото төһө чаас үөрэнэн бүтэрэрин? Маны учуутал эрэ билиэ суохтаах. Оскуолаҕа хас чааһы үөрэтэллэрин, олор төһө туһалаахтык ааһалларын, мин оҕобор бу сорох чаастар наадалаахтар дуо диэн өйдөбүллээх төрөппүт элбэҕэ буоллар, туһата оҕоҕо улахан буолуо этэ. Холобур, алын сүһүөх кылаас оҕотун уруогунан үөрэнэр чааһа, быһа холоон, сылга 800 чаас (уруок) буоллаҕына, итинтэн уруок таһынааҕы чааһа – 300 уруок (дьарык). Онтон орто сүһүөххэ үөрэнэр оҕо 1000 чаас буоллаҕына, 350 чаас эбии дьарыкка, 10-11 кылааска үөрэнэр 3-с сүһүөх оҕотун 1200 чааһа уруоктарга бэриллэр буоллаҕына, 350 чаас уруок таһынааҕы чаас буолар. Дьэ, манна тиийэн кэлэр саамай быһаарыылаах түгэн.
Интэриниэт үйэтигэр оҕолорбутун сүтэрэн эрэбит
- Ол курдук оҕо булгуччулаах уруоктарыгар, нууччалыы эттэххэ, «от звонка до звонка» үөрэнэр буоллаҕына, уруок таһынааҕы чаастарга үөрэниигэ төрөппүт оҕотун личноһын, кини уратытын өйдөөн туран, бу чаастар хайдах баралларыгар учууталы, кылаас салайааччытын кытта тэҥҥэ сүбэлэһиэхтээх. Ити чаастар талан ылыыга толкуйданан, профильнай үөрэх быһыытынан барыахтааҕын иҥэн-тоҥон билбэттэн наадалаах, наадата суох буоллун, оҕо барахсан көмүскэлэ суоҕуттан барытыгар үөрэнэригэр, ким эрэ булгуччулаахтык үөрэтэн, хамнас аахсар кыаҕын толуйааччынан олороруттан иэдээммит тахсар төрдө итиннэ сытар буолбатах дуо? Бииринэн, маннык усулуобуйаҕа оҕо бириэмэтэ туһата суохха барар, эбиитин үөрэххэ интэриэһэ сүтэр, сылайар, устунан синигэр түһэн, хаарыан бириэмэтин халтайга ыытар. Маннык түгэҥҥэ оҕо мунан хаалбытын, олоххо интэриэһэ сүппүтүн көрөр ыарахан буолуо. Дьэ бу түгэҥҥэ төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр, завучтар, психологтар, логопедтар күүстэрин холбоон, хас биирдии оҕо моделын толкуйдаан оҥоруохтаахтар. Өр кэмнээх үлэлээбит уопуппар олоҕуран эттэхпинэ, уруок таһынааҕы чаастар оҕо дьылҕатын быһаараллар. Оҕо киһи быһыытынан ситэн-хотон тахсыбатах буоллаҕына, аҥаардас үөрэх эрэ чаастара өрө тутуллубуттара буолуон сөп диибин. БКЭ, ОГЭ эрэ туттараары, оскуолаҕа үөрэниини тэрийии отой сыыһатын бары даҕаны көрөн-истэн кэллибит. Түмүктэр киһини үөрдүбэттэр. Билиҥҥи интэриниэт, гаджет үйэтигэр оҕолорбутун сүтэрэн эрэр курдукпут. Төрөппүт оҕотун БКЭ-лээххин, ОГЭ-лээххин, биир да куруһуокка сылдьыбаккын диэр дылы турукка тиийэн кэллибит. Оскуола үөрэтэр эрэ, оттон куруһуоктары, дьарыктары, проектнай үлэлэри толору хааччыллыылаах Оҕо кииннэрэ тэрийэн үлэлэтэллэрэ буоллар, төһөлөөх үчүгэй буолуох этэй? Арай бу кииннэргэ араас идэҕэ бэлэмниир аныгылыы тэриллэр, оонньууну кытта дьүөрэлии тутуллубут мини производстволар, мини-куораттар, фантазияҕа олоҕурбут араас роботтар, макеттар баар буоллуннар? Оҕо оскуолаттан идэтин таба тайанарыгар төһүү күүс буолуо этэ. Билигин оскуола бэйэтигэр бу хайысхалары ылбытын түмүгэр, ыччаттарбыт үлэһит буолан, тыыллан-хабыллан тахсыыларыгар уустуктардаах буолла.
Үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто төрөппүттэн саҕаланыахтаах
- Мин 2006 сыллаахха Германия үөрэҕин систиэмэтин Гамбург куоракка көрөн кэлбиппин отой умнубаппын. Манна алын кылаас оҕолоро оонньуу-оонньуу үөрэнэр усулуобуйалара үрдүк таһымҥа тэриллибитин кэрэхсии көрбүтүм. Маны сэргэ, сүрүн үөрэх предметтэринэн харбааһын, физкултуура, музыка буоларын сонургаабытым. Оскуолаларыгар оҕо сарсыарда үөрэх тээбиринэ да, суумката да суох барара дьикти этэ. Өссө сөбүлүүр биир оонньуурун илдьэ барыан сөп эбит. Оттон биһиги кырачааннарбыт барахсаттар үөрэх бастакы күнүттэн толору кинигэлээх үрүксээги сүкпүтүнэн оскуолаҕа баралларын киһи мунчаара, аһына көрөр. Германия биир оскуолатыгар 5-с кылааска музыка уруогар оркестровай дьаамалаах анал кылааска, оҕолор сатыырдыын-сатаабаттыын оонньоон, илиилэрэ-атахтара босхо баран, көҥүллүк хамсаналлара кэрэхсэбиллээҕэ. Уруок аайы атынтан атын инструмеҥҥа оонньууллар. Биир кылаас - биир оркестр ансаамбыла. Учуутал мэктиэтинэн алын кылааһы бүтэрдэхтэринэ, ким маассабай оскуолаҕа, ким предметтери дириҥэтэн үөрэтэр оскуолаҕа салгыы үөрэнэ бараллар. Биһиэхэ курдук төрөппүт баҕатынан буолбатах. Ол иһин Германияҕа учуутал статуһа үрдүк дии санаабытым. Учуутал бэһис кылааска тахсар оҕону дьоҕурун сөпкө анаалыстыыр, үөрэнээччи дьылҕатын быһаарар эппиэтинэс киниэхэ сүктэриллэр эбит этэ. Аны төрөппүттэр оҕолоро маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэригэр, солбуһа сылдьан уоппуска ылан, оҕолорун кытта тэҥҥэ үөрэх чыпчаалын бииргэ дабайсаллар. Чугастааҕы куораттарга баар куруһуоктарга, доруобуйаларын бөҕөргөтөр чэбдигирдэр кииннэргэ, массааска (сис тоноҕоһугар ирдэниллэр массаас) таһан сырытыннараллар. Германияҕа үөрэх систиэмэтин сүрүн уратытынан “дуальнай үөрэхтээһин” буолар. Ол курдук, маассабай оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор (80 %-на) нэдиэлэҕэ 2-3 күн тэрилтэҕэ баран хамнаска үлэлииллэр, ону таһынан толору куруһуоктарга сылдьар биир күннээх буолаллар. Тэрилтэ маастардара, уһуйааччылара оҕолору үлэҕэ уһуйаллар. Бу систиэмэ оҕо иитиитин аҥаардас оскуола эрэ буолбакка, бүтүн уопсастыба иитэр соруга буоларын сэҥээрбитим. Ол курдук, үөрэнээччилэр орто оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри бэйэлэригэр сөп түбэһэр хайысхаларынан тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. Оскуоланы үөрэнэн бүтэрэллэригэр счеттарыгар ботуччу харчылаах буолаллар. Ол иһин дьиэлэриттэн тэйэн, бэйэлэрин хааччынан киирэн барыахтарын сөп. Судаарыстыба өттүттэн оҕо оробуочай идэҕэ кыратыттан сыстан үлэлиирин, кытаанах систиэмэҕэ киллэрэн тэрийэннэр, билиҥҥэ диэри Германия Европа биир бигэ экономикалаах дойдута буолбута да туоһулуур. Ити курдук, үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто төрөппүттэн саҕалаан ууруллар эбит. Манна аҥаардас үөрэҕинэн эрэ муҥурдаммакка, оҕо талаанын, дьоҕурун кыратыттан таба көрөн сайыннаралларын биһирээбитим.