Урукку халыыбы уларытарбыт уолдьаспата дуо?
Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэһит илии тиийбэт кыһалҕата улам сытыырхайан иһэр. Ыччат куоракка, киин сиргэ талаһар. Балысхан сайдыы баараҕай баалыгар баһыйтаран, аныгы олох долгунугар оҕустаран, төрүт дьарыкпыт умнуллар, тыа хаһаайыстыбата эстэр кутталлаах. Инньэ диэн аймаммыппыт быданнаата да, этэргэ дылы, сыарҕабыт сыҥааҕа бытааннык хоҥнор, «сыҕарыйарын» туһугар төрдүттэн тирэх, үөһэттэн өйөбүл наада курдук.
Бу тула ааспыт нэдиэлэҕэ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин агробырамыысаланнай комплексыгар каадырдары бэлэмнээһин» диэн төгүрүк остуолга киэҥ кэпсэтии, дьүүллэһии буолан ааста. Онно норуот дьокутааттара, үөрэх кыһаларын, агро хайысхалаах оскуолалар салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбанньыктар уонна учуонайдар кытыннылар.
Мунньаҕы Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева салайан ыытта. Кини тыа хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар каадыр тиийбэт боппуруоһа сытыытык турарын бэлиэтээн туран, уопсай сүбэнэн ону быһаарар сонун суоллары тобуларга ыҥырда.
Эбии өйөбүл баар буолуохтаах
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров: «Билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбата бырамыысаланнаһы кытта тэҥэ суох усулуобуйаҕа күрэстэһэригэр күһэллэр. Өскөтүн бырамыысаланнас эйгэтигэр ыйдааҕы хамнас 150-200 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын орто хамнастара 48-50 тыһ. солк. тэҥнэһэр», – диэн сөпкө бэлиэтээтэ.
Биллэн турар, хамнаһы үрдэтии – инники күөҥҥэ турар сүрүн боппуруос. Ол эрээри, эбии өйөбүл суох буоллаҕына, хамнаһынан эрэ дьону угуйбаккын. Миниистир кэпсээбитинэн, 2020 сылтан 4 сылтан уһуннук үлэлээбит эдэр табаһыттарга дьиэ-уот атыылаһалларыгар эбэтэр тутталларыгар социальнай төлөбүр көрүллэр буолбут. Маныаха сүрүн усулуобуйа – эдэр исписэлиис үлэлиир эрэ улууһугар (нэһилиэгэр) дьиэ ылыахтаах эбэтэр туттуохтаах эбит. Ол курдук, 2020-2022 сылларга 51 эдэр табаһыт 1-дии мөл. солк. социальнай төлөбүрү ылбыт. 2024 сылга бу сыалга 28 мөл. солк. тыырыллыбыт, 14 үлэһиккэ 2-лии мөл. солк. бэриллэрэ былааннанар. Артем Александрович маннык өйөбүл тыа хаһаайыстыбатын атын да салааларыгар баар буоларын туһугар үлэ ыытыллар диэтэ.
Миниистир тыа хаһаайыстыбатыгар 2024 сылга 225 үлэһит тиийбэт диэн дакылааттаата: 27 муниципальнай тэриллиигэ 81 үлэ биэрээччигэ – 166 үлэ миэстэтэ; Дьокуускай куорат уокуругар 13 үлэ биэрээччигэ – 59 үлэ миэстэтэ аһаҕас. Ол ханнык идэлэргэ? Технолог – 38, агроном – 17, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар маастар – 8, тырахтарыыс-машинист – 7, табаһыт-механизатор – 6 о.д.а.
Ыччаты туох долгутар?
СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Петр Шамаев ыччат тыа сиригэр олохсуйбатын, куоракка, киин сиргэ талаһарын болҕомто киинигэр ыларга ыҥырда. Итиэннэ ыччат ортотугар ыытыллыбыт социальнай ыйытык түмүгэ дьиксиннэрэрин этэн туран, статистика чахчыларын холобурдаата.
Ол курдук, Саха сиригэр күн бүгүн 14-тэн 35-гэр диэри саастаах 316 606 ыччат олорор. Куорат уокуруктарыгар – 215 545 киһи, улуустарга – 99 061. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолору аахпакка, 18-тан үөһэ саастаах ыччаты ылан көрдөххө, 77 021 киһи тыа сиригэр пропискалаах. Онтон чахчы тыа сиригэр олорор, үлэлиир киһи ахсаана быһа холоон 50 тыһ. кыайбат.
2021 сыллаахха ыытыллыбыт социальнай ыйытык ыччаты бу олоххо бэйэ суолун-ииһин булуу ордук долгутара көрдөрбүт. Иккис миэстэҕэ дьиэ-уот кыһалҕата сытыытык турар.
– Ааспыкка Анаабыр улууһугар тиийэ сылдьан эдэр дьону кытта көрсүбүтүм. Биир уол: «Төрөөбүт улууспун сайыннара диэн дойдубар үлэлии кэлбитим, дьиэ кэргэммин, төрөппүттэрбин кытта кып-кыараҕас дьиэҕэ симиллэн олоробут. Төрүт олохтооххун диэн дьиэ-уот боппуруоһа кыаллыбата», – диэн кэпсээбитэ. Итинник холобур элбэх. Дьиҥэр, ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии барыа этэ, ол эрээри онно сөптөөх усулуобуйа суох.
Биһиги дьиэ-уот бырагырааматыгар ыччат бары араҥата киирсиэхтээх (аҥаардас эдэр учууталлар уонна медиктэр эрэ буолбатах) диэн туруорсабыт, – диэтэ ыччат миниистирэ.
Маныаха норуот дьокутаата Елена Голомарева өйүүрүн биллэрдэ:
– Табаһыттары өйүүргэ кыра да буоллар федеральнай харчы кэлэр, оттон бэйэбит өрөспүүбүлүкэбититтэн Арктика эрэ улуустарыгар көрүллэр, оттон атын улуустар арыыланан хаалаллар.
Ыччат миниистирэ этиитин сэҥээрэ иһиттим. Ыччат тыа сиригэр олорор, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир усулуобуйатын тэрийэр улахан бырагыраама оҥоруохпутун наада, саатар пилотнай нэһилиэктэри хабан туран. Кырдьык, тыа сиригэр үлэлии барар ыччат ханна олоруой? Үөрэх, ыччат, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ бары түмсэн үлэлээтэхтэринэ, хамсааһыны таһаарыахтарын сөп, – диэтэ.
«Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэһит баар буоларын туһугар саамай сүрүнэ – биһиэхэ тыа сирэ баар буолуохтаах. Онон тыа сирин харыстыы сатыахтаахпыт. Үлэҕэ-хамнаска урукку халыыптан туораан, атыннык дьаһанар кэмҥэ киирэн эрэбит...»
Александр Жирков, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы
Национальнай политика курдук өрө тутуллуохтаах!
Изабелла Иванова – П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын математикаҕа учуутала, Саха сирин агро хайысхалаах оскуолаларын сойууһун тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ. Кини этэринэн, АПК каадырдарын бэлэмнээһин национальнай политика курдук өрө тутуллуохтаах, бары салааны хабыахтаах. Итиэннэ бу иннинэ урукку сылларга тыа хаһаайыстыбата аанньа ахтыллыбат этэ диэн аһаҕастык эттэ. Аны туран, тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин хамнаһа эрэ буолбакка, статуһа эмиэ үрдүөхтээх, оннук харыстабыллаах сыһыан баар буолуохтаах, оччоҕуна эрэ каадыр боппуруоһун быһаарар кыахтаахпыт диэтэ.
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Слепцов билигин оннооҕор улахан холдиннарга үлэһит тиийбэтин ыйан туран, урукку курдук оскуола – үрдүк үөрэх – үлэ биэрээччи диэн схема төрдүттэн уларыйыахтаах диэн санаатын үллэһиннэ:
– Үлэ биэрээччи – оскуола – орто анал үөрэх/үрдүк үөрэх диэн буолуохтаах, оччоҕуна эрэ үлэбит-хамнаспыт тупсуо дии саныыбын. Холобур, соҕуруу биир улахан тэрилтэ 100 агрокылааһы тэрийбитин ааспыт ыйга Москваҕа ВДНХ буолан ааспыт форумҥа сэргии истибиппит. Биһиэхэ, Хатаска, “Баҕарах” диэн хаһаайыстыбалаахпыт. Бу тэрилтэни кытта агрокылаас арыйар туһунан сөбүлэҥ түһэристибит. “Эн оҥоруохтааххын”, “мин оҥоруохтаахпын” дии сылдьыбакка, бэйэбит тэрийиэхтээхпит. Ити билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла. Биһиэхэ барыта баар. Түмсүүлээхтик эрэ үлэлиэхпитин наада.
Вера Лиханова, урбаанньыт:
– Үлэһит тиийбэтин бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Үс сыл оҥорон таһаарыы эйгэтигэр соҕотоҕун үлэлээн баран, устудьуоннары үлэлэтэн көрөргө санаммытым. Билиҥҥитэ технолог идэтигэр үөрэнэр икки устудьуоннаахпын. Онон үлэлии-үлэлии үөрэнэр оҕолорго туох эрэ көмө наада, – диэн этиилээх.
Салайааччылары бэйэбит бэлэмнээн таһаарыахтаахпыт
Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Горн Платонов элбэх этиилээх буолла:
– Тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин орто хамнаһын 100 тыһ. солк. таһаарыахха наада. Оннук гымматаххытына, каадырдары бэлэмниибит диэн кэпсэтии таах салгыны хамсатыы эрэ буолуоҕа. Ил Түмэн дьокутааттара, төһө үбү-харчыны көрдөххүтүнэ, орто хамнас 100 тыһ.солк. тиийиэхтээҕин толкуйдуохтааххыт.
Агро хайысхалаах оскуолаларга үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарын тэрийиини киритиэрий быһыытынан киллэриэххэ наада диэн этиилээхпин.
Бэйэм «Кириэстээх» сопхуоска 1992 сылтан 2007 сылга диэри дириэктэрдээбитим, онтон ыалдьан уурайбытым. Мин кэннибиттэн 5 сыл иһигэр 7 киһи салайааччынан үлэлээтэ. Онтон Владимир Семенович 11 сыл дириэктэрдээтэ. Салайааччы уларыйдаҕын аайы бөдөҥ хаһаайыстыба сарсыныгар ыһыллан хаалар кыахтаах диэн этэн туран, кэпэрэтиип салайааччыларын бэлэмнээн таһаарыахтаахпыт диэн этиэхпин баҕарабын.
Дмитрий Титов, Үөрэхтээһин инновационнай сайдыыга киинин дириэктэрэ:
– Биһиги сир хаһаайыннарын, менеджердэри бэлэмнээн таһаарар туһунан кэпсэтиэхтээхпит. Оҕону оскуола эрдэхтэн өй-санаа өттүнэн сирин-дойдутун бары кыаҕын туһанар киһи буолан тахсарын курдук иитиэхтээхпит. Оҕолорбут балыктаан, ынах сүөһү, таба иитэн харчы оҥостон, ону астаан-таҥастаан, хайдах батарыахха сөбүй диэн толкуйдуохтаахтар. Саха сирин бородууксуйатын хаачыстыбата таһыччы үчүгэй, экология өттүнэн саамай ыраас сиргэ олоробут. Ол эрээри оҥорон таһаарааччылар барытын кып-кыра сыанаҕа туттара олороллор. Мин санаабар, агробизнеһи сайыннарар ыччаты үүннэрэн таһаарыахтаахпыт. Бэйэтин бородууксуйатын оҥорон, астаан таһаарар, онтун үчүгэй сыанаҕа сатаан батарар исписэлиистэри иитии, үүннэрии – бары уопсай сорукпут.
Былырыын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр агро хайысхалаах оскуолалар тэриллибиттэрэ 35 сылын бэлиэтээбиттэрэ. Кинилэр хайдах үлэлии-хамсыы олороллоруй, туох кыһалҕалаахтарый? Ол туһунан сиһилии “Киин куорат” хаһыат аныгыскы нүөмэригэр ааҕыҥ