Ураты хомуллуулаах күрэх буолла
Биһиги оскуолабытыгар маҥнайгы дириэктэрбит Анатолий Константинович Акимов үбүлүөйдээх 70 сылынан кинини географ учуутал быһыытынан көрдөрөр дьиэ иһигэр ыытыллар «спортивное ориентирование» диэн ураты күрэх буолан ааста.
Анатолий Константинович: «Киэҥ, чиҥ билиилээх-көрүүлээх киһи олоххо элбэҕи ситиһэр»,- диирэ бу күрэххэ бастакы хардыыны оҥорорго тирэх буолла.
Тэрээһин кыттыылаахтарын оскуола дириэктэрэ Егор Иванович Алексеев эҕэрдэлээтэ, бэтэрээн учуутал Мария Васильевна Николаева кылгастык оскуола историятын кэпсээтэ, Сардаана Егоровна Федорова оонньуу сүрүн быраабылатын билиһиннэрдэ.
Кутана, Сиэйэ, Күүкэй уонна ыраах Куокуну бөһүөлэктэриттэн барыта 45 эдэр ориентировщик үс бөлөҕүнэн биирдиилээн бастыыр иһин куоталастылар.
Дьиэ иһигэр ыытыллар спортивнай ориентирование сүрүн сыала – спорт бу көрүҥүн киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, чөл олоҕу пропагандалааһын. Спорт бу көрүҥэ түргэн-тарҕан буолууну, толкуйу эрэйэр, бу көрүҥү саахымат оонньуутун кытта тэҥнииллэр. Оҕолор каартанан бэриллибит туочукалары сөпкө уонна түргэнник булуохтаахтар. Күрэхтэһиигэ СӨ Спортивнай ориентированиеҕа федерациятын чилиэнэ, Куокуну оскуолатын географияҕа учуутала Сардаана Егоровна Федорова кылаабынай судьуйанан үлэлээтэ.
Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтар
Кыргыттарга:
5-6 кылаастар
1 миэстэ –Аурика Фокинова, Кутана;
2 миэстэ –Лилиана Алексеева, Күүкэй.
7-8 кылаастар
1 миэстэ – Юлиана Семенова, Кутана;
2 миэстэ – Анастасия Яковлева, Куокуну;
3 миэстэ –Сандаара Иванова, Кутана.
9-10 кылаастар
1 миэстэ – Сулустаана Федорова, Күүкэй;
2 миэстэ – Сахая Генерова, Куокуну;
3 миэстэ – Татьяна Ефимова, Сиэйэ.
Уолаттарга:
5-6 кылаастар
1 миэстэ – Андрей Бабкин, Куокуну;
2 миэстэ – Ян Федотов, Күүкэй;
3 миэстэ – Федя Алексеев, Күүкэй.
7-8 кылаастар
1 миэстэ – Дьулустаан Сидоров, Күүкэй;
2 миэстэ – Дьулустаан Яковлев, Куокуну;
3 миэстэ –Юлиан Павлов, Сиэйэ.
9-10 кылаастар
1 миэстэ – Рудольф Попов, Күүкэй;
2 миэстэ – Вова Максимов, Кутана;
3 миэстэ – Айхал Хорунов, Сиэйэ.
Оҕолор маннык күрэҕи олус сэргээтилэр, онон кулун тутар ыйга улууска ыытыллар күрэххэ бэлэммит дэстилэр.
Тэрээһин быыһыгар музей көрдөрүлүннэ, аралдьытар интеллектуальнай оонньуулар ыытылыннылар. Оскуолалар хамаандаларыгар «Полоса препятствий» эстафета буолла. Манна Куокуну уонна Күүкэй холбоһуктаах хамаандата иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. 2-с миэстэни – Кутана, 3-һү Күүкэй хамаандалара ыллылар.
Бу сонун күрэҕи билиҥҥи география учуутала Олимпиада Андреевна Федорова уонна Күүкэй оскуолатын кэлэктиибэ көҕүлээн, географ учуутал Анатолий Константинович Акимовка ытыктабыл, үйэтитии кыымын сахтылар.