12.03.2022 | 18:30

Ураты дьоҕурдаахтара

Ураты дьоҕурдаахтара
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Тоҕус Томтордоох Чурапчы илин баһыгар баар Балыыһа томторугар оҕолуун-уруулуун спорду өрө тутарбыт. Доҕордуураптары кытта Райком томторугар турар гражданскай сэрии саҕанааҕы хаарбах дьиэлэртэн 1959 сыллаахха саҥа дьиэлэргэ көһөн кэлбиппит.

Балыыһа алааһыгар лаптаны, волейболу халлаан хараҥаран мээчик көстүбэт буолуор диэри оонньуурбут. Чурапчы лаптаһыттара Уһук Илиҥҥэ күрэхтэһэн кэлэллэрэ. Лаптаны саха тылын учуутала Дмитрий Сергеевич Постников көҕүлүүрэ. Стадиоҥҥа буолуталыыр атах оонньууларын бэркэ да комментатордаан сырдатара. Аны санаатахха, элбэх спортсмен түөлбэлээн олорбут эбит. Уһулуччу миэстэни Слава, Алексан, Миша Доҕордуураптар ылаллара. Сарсыарда алта чааска Алексан түннүкпүн тоҥсуйан, стадиоҥҥа сэрээккэлии сүүрэрбит. Слава Доҕордуурап уу тэстибэт атаһынаан Петр Оконешниковтыын морфлоттан сулууспалаан кэлэн, уулуссанан хаамсаллара кэрэ көстүү этэ!

Сахабыт сиригэр остуол тенниһигэр бырааттыы Доҕордуураптар дьоһун суолу-ииһи хаалларбыттара. Умсугутуулаах  кэпсээннэрдээх  суруйааччы аҕалара Михаил Федосеевич Доҕордуурап, иистэнньэҥ ийэлэрэ Мария Христофоровна Кривошапкина, уолаттара спордунан дьарыктаналларын өйөөн, теннис наборун, японскай ракетка ылан биэрбиттэрэ да элбэҕи этэр. Оройуоннааҕы спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кирикович Софронов кэтит остуол оҥотторон, ракетка булаттаан, остуол тенниһэ атаҕар туруутугар кыахтары үөскэппитэ. Борис Гаврильевич Тытыгынаев тренердиирэ.

1958 с. тэриллибит оройуон бастакы күрэхтэһиитигэр улахан уол Слава оҕолорго бастаабыта. 1959 с. доҕорунаан Петя Оконешниковтыын иккиэн өрөспүүбүлүкэ оҕолорун Спартакиадатыгар иккис миэстэлэммиттэрэ. 1960 с. Саха АССР III Спартакиадатыгар тыа оройуоннарыгар бастаабыттара. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллэннэр, 1961 с. Уссурийскайга буолбут Уһук Илин “Урожайыгар” тэҥнээхтэрин булбатахтара, Слава, Петя, Мария Кронникова, Клара Оконешникова буоланнар Калугаҕа РСФСР “Урожайын” финалыгар үһүс бириистээх миэстэлэммиттэрэ. Саратовка төрдүс буолбуттара. “Спартак” хамаандатын кыайбыттара. Оонньуур таһымнара, кылаастара үрдээбитэ. Кирикович көҕүлээһининэн Слава Доҕордуурап, Петя Оконешников, Клара Собакина-Оконешникова, Любовь Попова-Барашкова, Мария Кронникова, Альбина Поисеева Саха сирин хоту эҥэрдэринэн – Магадан – Уһук Илин куораттарынан турне оҥорбуттарыгар хабаровскайдарга эрэ хотторбуттара. Уһук Илин уонна Сибиир чемпионатыгар бастаабыттара. I разряды толорбуттара. Саха сиригэр бастыыллара. Станислав подводнай лодкаҕа сулууспалаан кэлэн, Москваҕа Тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэр сылларыгар волейболга РСФСР “Урожайыгар” институтун чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ, маастарга кандидат буолары ситиспитэ. Волейболга ситиһиитэ элбэх.

Орто быраат Александр (Алексан) остуол тенниһигэр уһуннук уонна тахсыылаахтык оонньообута, тренердээбитэ, саҥа көлүөнэ ыччаты таһаарбыта.  Физкультура учуутала Василий Петрович Захаров оскуола оҕолоругар остуол тенниһин, волейбол, баскетбол, гимнастика, чэпчэки атлетика секцияларын үлэлэппитэ. 1965 с. өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар теннискэ чөмпүйүөннээбитэ, улахан дьоҥҥо элбэхтик бастаабыта. “11 сыл өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар оонньообута”,- диэн биир хамаандаҕа үгүстүк сылдьыспыт үөлээннээҕэ Герасим Платонов ахтар. Уһук Илиҥҥэ бастаталаабыта. Маастарга кандидат нуорматын толорбута. Ордук сатабыллаахтык “свеча”, “подрезка” уустук техникалары туттарын туһунан иитиллээччитэ Светлана Башарина суруйар. Улан-Удэҕэ күрэхтэһэллэригэр спортивнай формаларыгар аан бастаан “Саха” диэн суруйтарбыт эмиэ Алексан.

Кыра бырааттара Михаил теннискэ ордук дьоҕурдаахтара этэ. Оройуон, өрөспүүбүлүкэ финалларыгар убайынаан Алексаанныын киирсиилэрэ олус тыҥааһыннаах, техникаларын уратытынан сиэдэрэй көстүү буолара. Оҕолорго оройуонугар тэҥнээҕэ суоҕа, өрөспүүбүлүкэ “Урожайыгар” 1971, 1973, Саха АССР-га 1970, 1983 сыллардаахха чөмпүйүөннээбитэ. Хабаровскайга пединстит физкультурнай салаатыгар үөрэнэр сылларыгар сүүмэрдэммит хамаандаҕа сылдьыбыта. Маастарга кандидат. Бэртээхэй волейболист, футболист этэ. Быстах өлүүгэ былдьанан улахан хараастыы буолбута.

Ким бэлэмнээх – ол кыайыыны ситистэ

Пандемия да мэһэйдээн, кэккэ сылларга тохтотулла сылдьыбыт бырааттыы Доҕордуураптар өрөспүүбүлүкэтээҕи остуол тенниһигэр турнирдарын бииргэ төрөөбүттэрэ Татьяна, Мария, бииргэ үөрэммит, күрэхтэспит доҕотторо, үөлээннээхтэрэ тэрийэн ыыттылар.

14 улуустан 72 кыттааччы, ол иһигэр үс Арассыыйа спордун маастара, өрөспүүбүлүкэ күүстээх теннисистэрэ күрэхтэстилэр. Кылаабынай судьуйанан бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, тренер Светлана Николаевна Башарина үлэлээтэ.

Турнир үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуус остуол тенниһигэр федерациятын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Поисеев, остуол тенниһигэр 1960-70 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Уһук Илин, Сибиир хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера Альбина Поисеева, Доҕордуураптар ааттарыттан Татьяна Михайловна Гаврильева (Доҕордуураба) эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Биирдиилээн уонна муҥутуур бастыыр иһин тыҥааһыннаах күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарыгар өйдөбүнньүк мэтээллэри, дипломнары, харчынан бириэмийэлэри уонна сыаналаах бириистэри бырааттыы Станислав, Александр, Михаил Доҕордуураптар дьиэ кэргэттэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ туттартаатылар.

 

Хатыламмат техникалаахтар этэ

Доҕордуураптары кытта бииргэ эрчиллибит, күрэхтэспит табаарыстара, оҕолорго өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин чөмпүйүөнэ Герасим Платонов:

– Доҕордуураптары кытта бииргэ үөскээбитим. Ини-бии Доҕордуураптар бириистэригэр бастакы күрэхтэһиини И.С. Артемьев салайааччылаах “Агропромтсрой” туппут саҥа заалыгар үөлээннээхтэрэ, өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин чөмпүйүөнэ, “Урожай” Киин Сэбиэтин боруонса призера Петр Оконешников туруорсуутунан 1992 сыллаахха Чурапчыга саҕалаабыппыт. Оччолорго Прокопий Готовцев өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэлэ этэ. Ол кэнниттэн тренер Светлана Башарина туруорсан, күрэхтэһиибит өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолла, ыччаттарга биэрэр суолтата улахан. Биирдэ Петр Оконешников «теннис тулуурга, дьулуурга, сымса буоларга үөрэтэр, үс партияны туораатаххына, марафону сүүрүүгэ тэҥнэһэр” диэбитин умнубаппын. Дьоҕурдара бэрт буолан, бу кини үчүгэй диэн эппэккин, иссүрэхтэриттэн, дууһаларын ууран дьарыктанар, тенниһи өрө тута сылдьар этилэр. Хатыламмат, маарыннаспат техникалаахтара.

 

Ил Түмэн II, III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Уһук Илин, Сибиир чөмпүйүөнэ, техническэй наука кандидата Альбина Поисеева биир хамаандаҕа уһуннук оонньообута:

– Үс спорт маастара Василий Румянцев, Ньургун Сабарайкин, Михаил Кылабысов үһүөн кэлэн, турниры киэргэттилэр. Чурапчыга үөрэммит уолаттар. Эдэр чаҕылхай талааннар тахсан иһэллэр. Салгыы Аммаҕа баран киирсэллэр. Оҕолорго Изот Кривошапин Уһук Илиҥҥэ чөмпүйүөннээн үөрүүбүтүн үрдэттэ. Олус интэриэһинэй, ыһыылаах-хаһыылаах оонньуулар буола тураллар. Сыаналаах бириистэр туруорулуннулар. 1960-70 сс. бырааттыы Доҕордуураптары кытта оонньообут дьоллоохпун. Турнир тэриллиитигэр, ыытыллыытыгар көмөлөһө сылдьабын. 1974 с. Саха сирин норуоттарын VII Спартакиадатыгар Светлана Башаринаҕа финалга хотторон турабын, иккис буолбутум. Теннис сайдан иһэр.

 

Оҕолорго Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ, бэтэрээннэргэ турнир кыайыылааҕа Иванов Аркадий:

– Сүрүн утарсааччыбын Еремей Куприяновы 3:0 кыайдым. Финалга Виктор Максимовка 0:2 хотторон иһэммин, 3:2 нэһиилэ кыайдым. Тенниһинэн 1989 сылтан дьарыктаммытым. Ол иннинэ тустуунан, хайыһарынан, волейболунан, баскетболунан үлүһүйбүтүм. Сааһыран бараммын теннис доруобуйаҕа туһалаах диэммин ылсыбытым. Элбэх сылларга хотторор этим, онтон дьарыктанан кандидат таһымыгар тахсыбытым. 2007 с. эдэрдэргэ өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар киирсибитим. Билигин оҕолору эрчийэбин. Бу сырыыга оонньуум табылынна, былаан быһыытынан оонньооммун кыайдым. Икки өттүнэн атаакалаан, түргэн тэтимнээх оонньооччубун. Алексаны 1991 сылтан билэбин. Паараҕа бииргэ оонньуурбут. Доҕордуураптар турнирдарын көтүтэ иликпин, Чурапчыга тиийдэхпинэ Алексааннаахха хонор этим. Сөргүтэн ыытан эрэллэригэр махтанабын. Мээчигин эрийэн оонньуура, подачатын эрийэрэ, топ-спин оонньуура, эҥкилэ суох сатыыра. Турнир салҕанан бара туруон наада.

 

Сунтаартан төрүттээх, бэтэрээннэргэ кыайыылаах Александра Тутаева:

– Оскуола эрдэхпиттэн оонньуубун. Сунтаарым хамаандатыттан мэлдьитин кыттабын, көтүппэппин. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыбын, Уһук Илиҥҥэ миэстэлэһэбин. Арассыыйаҕа паараҕа үһүс миэстэлээхпин. Бүгүн оонньуум эмиэ табылынна. Атакалаан оонньооччубун. Мэтээлим элбэх, сүүһүнэн ааҕыллар. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ “Дохсуҥҥа” дьарыктанабын. Муус устарга Бороҕон Оонньууларыгар сүүмэрдээһин күрэхтэһиитэ буолар. Долгуйабын, эдэрдэри кытта оонньуубун, бэтэрээннэр суохтар. Хамаандабытынан ааспыт киһи.

 

Турнир абсолютнай чөмпүйүөнэ, спорт маастара, Тааттаттан төрүттээх Ньургун Сабарайкин:

– Тэрийээччилэргэ махтанабын. Усулуобуйа барыта баар. Маастар Михаил Кылабысовы 3:0, эдэр талааннары Дима Винокуровы, Арсен Аржакову кыайталаатым. Муус устарга Бороҕоҥҥо сүүмэрдиир күрэххэ бэлэмнэнэбит. Сыалбыт – Бороҕон. Арсен Платонов маастар Василий Румянцевы туоратта. Тренерэ Ренат Федотович Рахлеев. Оскуоланы бүтэрэн баран институкка Владислав Софроновка дьарыктаммыта, билигин Тааттаҕа үлэлии сылдьар. Доҕордуураптар турнирдарыгар иккиспин кытынным. Бу иннинэ “Модуҥҥа” Сергей диэн Приморьеттан кэлбит маастарга хотторон, иккис буолан хаалбытым. Онтон хас да сыл буолан баран бастаатым. Чурапчы – мин иккис дойдум. Доҕордуураптар күрэхтэһиилэрэ сыл аайы ыытыллара буоллар, таһыма өссө үрдүө этэ. Ыччаттар араа-бараа оонньууллар, онон эһиилгиттэн ыарырҕатарбыт буолуо.

Турниры көрсө Татьяна Михайловна Гаврильева-Доҕордуураба “Бырааттыы Доҕордуураптар” диэн Станислав, Александр, Михаил тустарынан бэртээхэй кинигэни таһаартарда. Бырааттыы Доҕордуураптар сырдык ааттара үйэлэргэ умнуллубат!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...