05.09.2020 | 13:03

Ураа! Оскуола аһылынна!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Самаан сайыммыт бүтэн, көтөҕүнэн кэһиилээх көмүс күһүммүт тиийэн кэллэ. Куорат иһэ оҕо саҥатынан туола түстэ.

Сибэкки дьөрбөлөөх, үрүксээк сүгэһэрдээх кыргыттар

Аҕас-балыс Юмшановтар сайыҥҥы сынньалаҥнара түмүктэннэ. Үөрэх дьыла саҕаланна!

6 саастаах Юлиана – "Парус" оҕо уһуйаанын "Күөрэгэй" бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ. Хаартыскаҕа сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах уһуйааҥҥа бараары турарын көрөҕүт. 

Эдьиийэ Сима Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын 3 “А” кылааһыгар үөрэнэр. Бу күннэргэ саҥа үрүксээгин сүкпүтүнэн сырытта. Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр кыысчаан үөрэнэ барарын долгуйа күүттэ. Эрдэ түспүт хаһыҥ, хата, анаабыт курдук, астралары тыыппатах. Онон бэҕэһээ Сима сайын устата бүөбэйдээбит сибэккитин учууталыгар Надежда Афанасьевнаҕа бэлэхтээтэ.

Дорообо, оскуола!

Света Адамова Мииринэй улууһун Таас Үрэх бөһүөлэгэр олорор. Кини быйыл маҥнайгы кылааска киирдэ.

Кыысчаан оскуолаҕа барарын сайыны быһа кэтэстэ. Буукубаларын билэр. Эдьиийдээх убайа, ийэтэ, аҕата үөрэппиттэрэ. Дьоно буккуйумаары аахтара сатаабатылар.

Кылаастарыгар сэттиэлэр, алта кыыс, соҕотох уол. Света сайын устата улаатан хоройдо. Онон кыргыттартан уҥуоҕунан үрдүк.

Учууталлара Таас Үрэххэ быйыл саҥа көһөн кэллэ. Аата – Копырина Ия Николаевна.

Ыал улахана, икки кыыс эдьиийэ

Нелли Тарасова – Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолатыгар 2 «Е» кылааһын үөрэнээччитэ. Сайын Кыыс Аммаҕа дуоһуйа сынньанна, ып-ыраас өрүскэ чомполоно сөтүөлээтэ. Онон үөрэнэргэ күүс-уох эбиннэ.

Нелли – ыал улахан оҕото. Икки балтылаах. Ийэлээх аҕатын сэмэй ситиһиитинэн үөрдэргэ, кырачаан балыстарыгар үтүө холобур буоларга кыһаллар.  

Намыына

Намыына Сорокина Дьокуускай куорат 38 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэр. Быйыл иккис кылаас буолла. Былырыын балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаҕа барбытын бу баардыы өйдүүр.

Намчы кыыс Намыына форматын кэтэн, күн аайы оскуолатыгар үөрэ-көтө тиийиэҕэ. Кинилэр кылаастарыгар 37-лэр. Билигин икки бөлөххө арахсан үөрэнэр буоллулар. Учууталларын аата – Наталья Анатольевна Семенова.

Дьиэ кэргэн алгыһынан

Көмүс күһүн билии-сайдыы аартыгар угуйда. Үөрэх сырдык кыһата оҕолору ыҥырда. Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1 №-дээх орто оскуолатын 6 "А" кылааһын үөрэнээччитэ Анита Харлампьева дьиэ кэргэнин алгыһынан үөрэх дьылын саҕалаата.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...