«Уотунан оонньооччулар» эппиэтинэстэрэ улаатар
2022 сыл бэс ыйын 8 күнүттэн баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кэһии административнай эппиэтинэһэ күүһүрдүллэр. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «О внесении изменений в Кодекс Российской Федерации об административных правонарушениях» Федеральнай сокуоҥҥа илии баттаата диэн иһитиннэрдэ Дьокуускай куорат прокуратурата.
Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин ыстарааптар кээмэйдэрэ лаппа улаатта (РФ КоАП 8.32 ыст.).
Итиннэ туһуламмыт 2022 сыл ыам ыйын 28 күнүнээҕи 141-ФЗ №-дээх «О внесении изменений в Кодекс Российской Федерации об административных правонарушениях» Федеральнай сокуон 2022 сыл бэс ыйын 8 күнүттэн олоххо киирэр.
Холобур, хаппыт маһы, оту уонна да атын матырыйааллары ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһэн туран, ойуур таһынааҕы уонна 0,5 м кэтиттээх минерализованнай балаһата суох сир учаастактарыгар уматыы иһин гражданнарга 40 тыһ.солк., дуоһунастаах сирэйдэргэ 60 тыһ.солк., тэрилтэлэргэ – 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ ыстараап көрүллэр.
Ураты баһаартан сэрэхтээх буолуу уонна ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимин усулуобуйатыгар ыстараап суумата гражданнарга 50 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйдэргэ 90 тыһ. солк., тэрилтэлэргэ – 1 мөл. солкуобайга тиийэр.
Быраабыланы кэһии ойуур баһаарыгар тиэрдибит буоллаҕына (киһи эмсэҕэлээбэтэх, холуобунай дьыала чинчитэ суох түбэлтэҕэ) ыстараап гражданнарга 60 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйдэргэ 110 тыһ. солк., оттон тэрилтэлэргэ – 2 мөл. солкуобайга тиийэр (РФ КоАП 8.32 ыст.).
Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин кэһии иһин эппиэтинэс кытаатта (РФ КоАП 20.4 ыст.). Ол курдук, баһаар төрүөтэ буолбут уонна дьон баайыгар-дуолугар хоромньуну, киһи доруобуйатыгар эмсэҕэлээһини таһаарбыт быраабыланы кэһии түбэлтэтигэр гражданнарга 50 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйдэргэ уонна предпринимателлэргэ 100 тыһ. солк., тэрилтэлэргэ 800 тыһ. солкуобайга тиийэ ыстараап көрүллэр (эбэтэр 30 сууккаҕа диэри үлэлэрэ тохтотуллар).
Баһаарынай ирдэбиллэри кэһии түмүгэр баһаар үөскээбит уонна киһи доруобуйатыгар улахан охсууну ылбыт (эбэтэр өлбүт) буоллаҕына, юридическэй сирэйдэргэ ыстараап 2 мөлүйүөн солкуобайга тиийэр (эбэтэр 90 сууккаҕа диэри үлэлэрэ тохтотуллар).