30.07.2020 | 18:49

Уоттаах сэрии кыһарҕана аччык олоххо тиэрдибитэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол кырыктаах сэрии саха дьонун сүрэҕиттэн билигин да сүппэт баас буолан үйэлэр тухары сырыттаҕа. Оччотооҕуга тыылга үлэлээбит, сэриигэ өстөөхтөрү утары хорсуннук сэриилэспит бэтэрээннэр ахтыыларын чугас дьонноро биэрбиттэрин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабыт.

                                Аччыктааһын ыар содулун билбиттэрэ

Николай Яковлевич Петров, Горнай улууһун Аһыма нэһилиэгин олохтооҕо:

 – Сэрии сылларыгар дьон-сэргэ “Бары күүһү – өстөөҕү кыайыыга!” диэн ыҥырыынан салайтарбыта. Ол кэмҥэ кимтэн да ордук ыарахан олохтоммут оҕо, дьахтар, кырдьаҕастар этилэр. Кинилэр сэриигэ барбыт дьону солбуйан, икки-үс киһи оннугар үлэлээбиттэрэ. Дьахталлар сайынын холкуос сүөһүтүгэр оттоон, кыһынын икки-үс көлөнөн от-мас тиэйэллэрэ. Дьаам сүүрдүүтэ, таһаҕас таһыыта – барыта дьахталларга сүктэриллибитэ. Уокка оттор мас кэрдиитигэр үгүс сыра барара. 10-14 саастаах оҕолор сүөһү көрүүтүгэр, хонуу үлэтигэр икки хараҥаны ыпсаран, улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ.

  Сут-кураан сыллар таҥнары сатыылаан, аччыктааһын, хоргуйуу бүрүүкээбитэ. Аһыыр астара суох буолан, дьон ыксаан күтэри, дьабараны, аан бүрүөһүнүн, сүөһү эргэ тириитин илдьиритэн сииллэрэ. Ол да сорохторго туһалаабатаҕа. Элбэх киһи хоргуйан өлүүтэ “Кыһыл былаах”, “Коммуна”, “Калинин” аатынан холкуостарга тахсыбыта. Мээнэҕэ Кучу диэн сиргэ сэттэ киһи хоргуйан биирдэ өлүө дуо, иин хаһан кинилэри көмөр киһи суоҕа.

   Оччотооҕу кэмнэргэ холкуос сүөһүтэ биир да өлбөккө сыл таҕыста, күөххэ үктэннэ диэн үөрсэллэрэ. Ирдэбил, ыгыы-түүрүү да баара, ханна барыай... Итини сэргэ утуу-субуу “уолгут сэриигэ өллө” диэн “хара” суруктар нэһилиэк олохтоохторугар кэлитэлииллэрэ. Ол сылларга төһөлөөх харах уута, дууһа моруута тыа сирин дьонун-сэргэтин буулаабыта буолуой?!... Кырдьык да, инчэҕэй эттээх тулуйбат алдьархайа, иэдээнэ этэ.

    Сэрии сылларыгар холкуостаахтар үлэлээбит көлөһүн күннэригэр дохуот үллэстии  диэн суоҕун бэлиэтииллэр. Лэппиэскэ, хааһы да буолбат аһыҥас амтаннаах эбиэс бурдугу үллэһиккэ 2,5-3 киилэ бэриллэрин бэс үөрэтигэр булкуйан сииллэрэ. Маннык ас дьон олоҕор содуллаах буолбута мэлдьэһиллибэт. Судаарыстыбаннай поставкалар төлөбүрдэрин болдьоҕор толорор булгуччу ирдэниллэрэ. Ону ааһан кытаанахтык хонтуруолланара. Биир ынахтаах кэтэх хаһаайыстыбаҕа 50 киилэ  эт, 4-5 киилэ ынах арыыта, 250-300 мөһөөх солкуобай харчы, оҕолорго 50 солкуобай заем түһээннэрэ утуу-субуу түһэн иһэрэ. Сэрии кэмигэр тыылга хаалбыттар аччыктааһын ыар содулун эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ диэххэ наада.

                                          Киһи сатаабатаҕа суох

  Парасковья Кононовна Потапова, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууһа:

  – Күн сирин көрдөрбүт күн күбэй ийэбит, эбэбит, хос эбэбит тыыл, үлэ бэтэрээнэ, сэрии кыттыылааҕын огдооботун Феврония Николаевна Алексееваны, сэрии бэтэрээнэ аҕабыт Конон Семенович Татариновы сырдык мөссүөннэрин хайаан да ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын. Ийэбит Солоҕон нэһилиэгэр  Алексеевтар диэн дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. II Одуну нэһилиэгэр Егор Александровка кэргэн тахсан, ыал буолан, кыыс оҕолонон, холкуоска үлэлии сырыттаҕына, 1941 сыллаахха уоттаах сэрии саҕаламмыта. Ол кэмҥэ ийэбит түөрт кылаас үөрэхтээҕэ, үчүгэйдик суруйара, нууччалыы-сахалыы иҥнибэккэ ааҕара. Ол да иһин буолуо, холкуоска биригэдьиирдээбитэ. Сэрии сылларыгар эр киһи үлэтин нарын санныгар сүкпүтэ. Дьону түмэр, тылын ылыннарар, салайар, тус бэйэтин холобурунан үтүөҕэ-кэрэҕэ тардар ыллыктаах, толкуйдаах тыллаах, үтүө-мааны майгылаах этэ. Ийэбит барахсан бөһүөлэгэр үгүс дьүөгэлээҕэ, табаарыстардааҕа, элбэх дьону кытта дьукаах олорбута. Кинилэргэ олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Сэрии кэмигэр аас-туор олоххо дьоҥҥо-сэргэҕэ үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэрэ, кыһалҕалаахтарга-кыамматтарга ис дууһатыттан көмөлөһөр ураты майгылааҕа.

    Киһи сатаабатаҕа суох диэн санаанан  салайтаран, биһигини бэйэтэ тигэн таҥыннаран, сүөһү көрөн, ыраас дьиэлээх-уоттаах ыал ийэтэ этэ. Сэттэ ыччата үөрэхтээх буоларыгар сэмэй кылаатын киллэрбитэ. Кини үтүө бачыымын билигин оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыан, хардарыта өйөнсүү, сүбэнэн оҥоруу, бэйэ бэйэҕэ кыһамньы үтүө үгэс буолан олохсуйан кэллэ. Ийэбит барахсан эдэр сааһыттан ыарахан олоҕу билбитэ. Бастакы кэргэнэ Е.К. Александров 1941 сыллаахха аармыйаҕа ыҥырыллан баран, сураҕа суох сүппүтэ. Ийэбит кыыс оҕолоох хаалан баран, кэргэнин дьонун көрөн-истэн олорбута.

    Кэлин сэрииттэн 1942 сыллаахха бааһыран эргиллибит Конон Семенович Татариновка, биһиги аҕабытыгар кэргэн тахсан, Түгэнэҕэ ыал буолбута. Ийэлээх аҕабыт элбэх оҕону төрөтөн, сэрии, сут сылларыгар үлэлээн-хамсаан, доруобуйаларын сүтэрэн, ыарыһах буолан эрэйдэммиттэрэ. Кинилэр олоххо тардыһыылара күүстээх буолан, бэйэлэрин алта оҕолорун таһынан тулаайах хаалбыт, бииргэ сэриигэ баран өлбүт убайын оҕото Марина Николаевна Слепцованы ииппиттэрэ, киһи гыммыттара.

    Аҕабыт убайыныын Волховскай фроҥҥа 59-с аармыйа 372 сд. 1237 сп. сэриилэспитэ. Онон сэрииттэн бааһыран кэлэн баран, холкуос ыарахан үлэтин толорбутунан барбыта. Дойдутугар кэлэн, өссө тэптэн туран, сүөһүгэ, сылгыга үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтин иһин, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Аҕабыт быраата Николай Семенович Татаринов сэрии толоонугар охтон, көмүс уҥуоҕа да хараллыбатаҕа.

   Аҕабыт барахсан сэриигэ сылдьыбыт ыар сылларын үгүстүк хараастан олорон кэпсиирэ. Төрөппүттэрбит бастыҥ үлэһиттэринэн, эйэлээхтэринэн биллэллэрэ. Ол иһин биһиги кыра эрдэхпититтэн кинилэринэн киэн туттабыт. Кырыктаах сэрии, ол кэннинээҕи аас-туор олох содулугар дьоммут доруобуйаларын сүтэрэн кылгас үйэлэммиттэрэ.  

                                       Сэрии туох үчүгэйдээх буолуой?...

   Николай Гаврильевич Александров, Бэс Күөлэ:

 – Мин аҕам Гаврил Ильич Александров 1906 сыллаахха Кировскай Түгэнэтигэр төрөөбүтэ. Кини кэргэнэ ийэм Евдокия Николаевна Александрова (Баишева) Маҥаны нэһилиэгиттэн төрүттээх. Аҕам 1942 сыллаахха сэриигэ Аһыматтан ыҥырыллан барбыта. Элбэх куораттары босхолоспута, бэйэтин хорсун байыас быһыытынан көрдөрбүтэ. Ол сылдьан түөртэ бааһыран,  байыаннай госпитальга сытан эмтэнэ-эмтэнэ, сэрии хонуутугар төннөрө. Кини Смоленскайынан, Харьков, Брест, Кенигсберг, Польша сирдэринэн сылдьан, сэрии уодаһыннаах кэмнэрин ааспыта. Аттары көрөөччүнэн уонна тутан биэрээччинэн сылдьыбыт. Иккитэ өстөөх ортотугар уонна кириэстии ытыалаһыы ортотугар түбэспитэ. Аҕам Берлин куоратынан Эльбаҕа тиийэн, американецтары кытта көрсүһүүнэн сэриини түмүктээбитэ. Итини барытын миэхэ Прокопий Яковлев-Хараҕа суох Боруонньа уонна олоҥхоһут Уустарабыс оҕонньоттор кэпсээбиттэрэ. Миигин Гаврил Ильич уола баар диэн кэлэн көрсөн, киирэн аҕам туһунан сырдатан барбыттара. Аҕам мин биэс саастаахпар өлөн, кинини олох кыратык өйдүүр этим. Бу кырдьаҕастар кэпсээннэриттэн, аҕам туһунан элбэх үчүгэйи истэн үөрэ санаабытым. Дьөһөгөй оҕотун сылгыны олус таптыыра, сүгүрүйэрэ үһү. Сэриигэ сылдьан элбэх ат өлбүтүттэн наһаа хараастара, хомойоро. Ийэм кэпсииринэн, аҕам сэрии туһунан мээнэ кэпсиирин олох сөбүлээбэт үһү: “Сэрии туох үчүгэйдээх буолуой?!” – диэн кыыһыран кэбиһэр эбит. Арай: “Нуучча норуота сэриигэ сүрдээх хорсун дьон этэ”, – диирэ үһү. Сэрии кэнниттэн Солоҕоҥҥо леснигинэн үлэлээбитэ. Ол үлэлии-хамсыы сылдьан, 1954 сыллаахха сэриигэ ылбыт бааһа көбөн, күн сириттэн күрэммитэ. Ийэм Евдокия Николаевна: “Аҕаҥ элбэх грамоталаах, биэс мэтээллээх кэлбитэ”, – диэн эппитэ. Бэрдьигэстээх музейыгар Н.М. Уйгуров үлэлиир эрдэҕинэ, ол грамоталарын, мэтээллэрин, ол иһигэр “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээли илдьэн туттарбытым. Аҕам кырыктаах сэриигэ кыттан, Улуу Кыайыыны уһансыбытынан мин киэн туттабын. Кини аатын түһэн биэрбэт курдук, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бу күн сиригэр дьоллоохтук олоробут.

                                   Кыргыттар болуот оҥорорбут

 Александра Терентьевна Татаринова, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Горнай улууһун Аһыма нэһилиэгэ:

   -  Терентий Оленов холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр: Уоһук, Сөдүөччүйэ, Бааска уонна мин. Бастаан Сүүнэҕэ олорон баран, Биллээххэ көһөн киирбиттэрэ. Улахан уол Уоһук Ходороох оскуолатыгар төрдүс кылааһы бүтэрбитэ уонна хонуу биригэдьииринэн, онтон үп агенынан, холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн иһэн, 1941 сыллаахха сайын сэриигэ ыҥырыллыбыта. 1942 сылаахха сэрииттэн бааһыран, инбэлиит буолан кэлбитэ уонна эмиэ салалтаҕа үлэлээн киирэн барбыта. Мин кыратык оскуолаҕа үөрэнэн иһэн уурайбытым. Холкуос араас үлэтигэр үлэлиирим. Сэрии саҕана Хаахынайдаах таһыгар Нэлэгэр диэн сиргэ пиэрмэ баар этэ, онно ыанньыксыкка көмө быһыытынан сылдьарым, арыт от тиэйэрим. Аччыктыыр этибит, нуормабыт ыйга икки киилэ бурдук. Аччыктаан бэс сутукатын сиирбит. Эмпэрээччи диэн сиргэ элбэх киһи өлбүтэ.

   Сэрии кэнниттэн далгачыакка мас үлэтигэр ыыттылар. Оройуонтан түөрт кыыс бардыбыт. Өрүскэ Буотама диэн сиргэ мас уһаарыытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан дьон бөҕөнү мунньан үлэлэтэллэр эбит этэ. Эр дьон мас кэрдэллэр. Дьахталлар, кыргыттар болуот оҥоһуутугар сылдьабыт. Үлэ кытаанах, эдэр буолан тулуйдахпыт. Онон  аҕыс сылы быһа  мас кэрдиитигэр үлэлээбитим. Ол сылдьан Прокопий Татаринов диэн киһилиин холбоһон ыал буолбуппут, биир кыыстаахпыт. Сэрии сылларын оччотооҕу оҕолоро дойдубут туһа диэн, үлэ ыараханын үлэлээбиппит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...