28.05.2020 | 18:40

Уоруу. Роман Дмитриев доҕорун дьиэтин ким халаабыта буолуой?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аймана иһиттибит

Олимпийскай чемпион аан дойду араас сирдэригэр үгүс билэр дьоннооҕо. Иранец Эбрахим Джавадилыын улахан түһүлгэлэргэ саамай күндү мэтээли былдьаһара.  Көбүөргэ утарыта киирдэхтэринэ, Джавади Романы кыр өстөөҕүн курдук көрөрө, туох баарынан ыга-бобо тутара-хабара. Оттон биһиги киһибит мэлдьи буоларын курдук, ханнык да түгэҥҥэ холкутук киирсэрэ. Кинилэр көбүөр тас өттүгэр ыкса доҕордуу этилэр.

Бу күннэргэ Джавади дьиэтин халаабыттарын туһунан олус аймана иһиттибит. Уоруйахтар тутуллуох чинчилэрэ суоҕуттан абарабыт, уоскуйан биэрбэппит.

Дьикти уонна кытаанах дойду

2009 сылга М.Е. Николаев өйөбүлүнэн  Иран устун сылдьан кэлбитим. Бастаан сөбүлүүр тустуугум, оччолорго саҥа тахсан эрэр Леонид Спиридонов Аан дойду Кубогар кыттарын истэн, сүнньүнэн кинини уонна бэйэлэрин тустууктарыгар хайдах ыалдьалларын көрөөрү, бастаан Тегераҥҥа тиийбитим. Эбрахим Джавадины көрсүбүт киһи диэн бүөм санаалаах этим. Билэр дьон шариат эрэсиимэ кытаанах, сэрэнээр диэн эппиттэрэ, Джавади -- оппозиционер. Онно умньанан хаайылла сылдьаайаҕын диэбиттэрэ. Дьэ, кырдьык, кытаанах кэтэбиллээх дьон. 

Дьахтар бырааба олох кыра. Сороҕор 45-тэн тахса кыраадыс куйаас сатыылыыр субтропигар кэрэ аҥаар бары кэриэтэ хап-хара таҥаһынан баттахтарыттан саҕалаан, сирэйдэрин бүрүнэ, атахтарын тумсугар диэри эттэрин сууланан сылдьаллар. Арыый эдэрдэрэ бэрт аҕыйах кыыс сиэрэйдиҥи итинник көстүүмнээхтэр. Туора дьоҥҥо сирэйдэрин көрдөрдүлэр да, таһыллаллар. Көссүүлэстилэр да, өлүөхтэригэр диэри тааһынан тамнаналлар. Эр дьоҥҥо да оччо сымнаҕаһа суохтар. Наркотиктаах, кыыһы күүһүлээбит киһини, уоруйаҕы туттулар да, болуоссакка норуот ортотугар ыйаан тэйгэтэллэр.

Арыгы испит киһини тутан, ыстарааптыыллар, эбиитин, ураҕаһынан көхсүн хаана оҕуолуор диэри  80 оруоска охсоллор. Уулуссаҕа сиэттиһэр, эгэ, куустуһар көҥүллэммэт. Кэргэннии буолары бигэргэтэр докумуонуҥ суох буоллаҕына хаайан кэбиһэллэр. Оннооҕор эр киһи шортигынан сылдьарын көрдүлэр да, кэрэ аҥаардары көҕүтэр диэн хаайан кэбиһэллэр. Ити религиознай куораттарга, мечеттэр тастарыгар ордук тутуһуллар. Кэлин  Тегеран, Езд куораттар туристическай, экономическай кииннэригэр арыый сымнаабыттар. Холобура, эр киһи сиэх быһаҕас ырбаахыны кэтэригэр оччо кыһаммат буолбуттар.

Ираҥҥа киниэхэ ыалдьыттаабытым

Хайа баҕарар саха, Джавадига ыалдьыттаабыта буоллар, киэн туттуо этэ. Ол мин олоҕум биир умнуллубат түгэнэ этэ.    

Онно бэлиэтэммитим бу баар: “10.03.09. Массыынанан 2000 км курдук төттөрү-таары айаннаан, сылайан нухарыйа олордохпуна төлөпүөнүм тыаһаата. Эбрахим эрийэр эбит. Тылбаасчыппар биэрэбин. Ханна кэлбиппитин сураста, сарсын хаска, ханна көрсөрбүтүн  болдьоото.

Кини олорор куоратыгар Хайа үрдүн оазиһыттан Кушангиттан киэһэттэн 1000-тан тахса км айаннаан, Кереджкэ сарсыарда 11 чааска Тегераны аттынан айаннаан, Уот Кудулу Байҕал (Каспийскай муора)  чугаһыгар Иран Азербайджанын диэки, Эльбрус хайаларын быарыгар тиийдибит. Бу куорат былыргы муударай суфийдар дойдулара. Кинилэр притчаларын олус сөбүлүүбүн.  Манна археологтар биһиги эрабыт иннинэ дьон олоро сылдьыбытын бигэргэппиттэр. Айылҕата оһуобай, дэлэҕэ да, Шах Пехлеви эдьиийэ Шамс Пехлеви  скат-балык курдук чөмчүүк дыбарыастаах сады туттаран олохсуйуо дуо? Билигин хайаттан түһүү хайыһара туристары күүскэ тардар. Нэһилиэнньэтэ, Джавади этэринэн, номнуо 3 мөлүйүөҥҥэ, кэнники биэрэпис түмүгүнэн 2 мөлүйүөн  кэриҥэ. Ибрахим манна төрүүрүгэр аҕыйах сүүс тыһыынча киһи олороро.  Джавади «Адидас» диэн аан дойдуга албан аатырбыт германскай фирма дилерэ эбит. Бастаан офиһыгар көрүстэ. Таксибытын ыытан, бэйэтин массыынатынан илдьэ сырытта,  миигин аэропорка атаарарга транспорынан хааччыйыах буолла. Кередж куораты уонна икки маҕаһыыннааҕын, спортзаллааҕын көрдөрдө.  Спортивнай малы-салы, таҥаһы-сабы, снарядтары, тренажердары тарҕатар.

Күнүс эбиэккэ дьиэтигэр ыалдьыттата илдьэн иһэн, туох аһы сиэхпин баҕарарбын ыйытта. Иран национальнай бүлүүдэлэрин диир буоллаҕым. Рестораҥҥа сакаастаан дьиэтигэр аҕалалларыгар эттэ.  Куорат киинигэр  биир дьиэ ортоку подъеһын барытын кини чааһынайыгар атыыласпыт.  Бастакы этээһэ – уонча массыына турар гарааһа, 2-4 этээс аайы биирдии кыбартыыра. Олору үһүөннэрин арендалыыр үһү. Икки үөһээҥҥи этээһигэр 270 кв. м бэйэтэ олорор. Оҕолоро үһүөн кини маҕаһыыннарыгар үлэлииллэр, атын уулуссаларга туспа дьиэлээхтэр.

  Биһиги Джавади гарааһын иһиттэн лиибинэн таҕыстыбыт. Киирээт, илиҥҥи омуктар үгэстэринэн атахпыт таҥаһын уһуллубут.

Кэргэнэ Захро хара  религиознай таҥастаах көрүстэ. Сирэйин наһаа саптыбатах, ол аата чугас киһинэн ылыммыттар. Гостинайдара киэҥиин. Эчи, остуоллара да элбэҕин: дьыалабыай, төгүрүк уонна намыһах, бэчээти ааҕар, остуол оонньуурдарыгар аналлаах – барыта алталыы олоппостоох, бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи тураллар. Өссө кытыылара кыһыл көмүстүү дуйдаах аҕыс олоппостоох банкетнай ньолбуһах остуол киһи хараҕар туспа быраҕыллар.  Онно күндү иһиттэргэ сибэккилэр ууруллубуттар. Камин аттыгар көмүс дуйдаах маһынан оҥоһуллубут улахан ыскаапка өстүөкүлэ нөҥүө Эбрахим тустан ылбыт кубоктара, мэтээллэрэ угуллубуттарын сэмэйдик туттан ылан көрдөртүүр. Истиэнэҕэ Джавади тустууга өрөгөйдөөх умнуллубат түгэннэрин туоһулуур сыттык саҕа улахан хаартыскалара ыйаммыттар: Аргентинаҕа, Канадаҕа аан дойду чемпионаттарыгар пъедестал үрдүкү үктэлигэр турарыгар, аттыгар Роман Дмитриев кэккэлэспит. Куукуналара эмиэ улахан, эргиччи миэбэл. Онно эбиэттээтибит. Мусульманскай дойдуларга, оннооҕор Сэбиэскэй Узбекистаҥҥа ыалдьыт баарыгар дьахтары куукунаҕа күлүгүн да көрдөрбөт этилэр. Көр, Джавади кэргэнэ остуолга олоруста ээ. Ресторантан ас аҕалтарбытын бырастыы гынарбар көрдөстүлэр. Бүгүн дьиэ көрөөччү үлэһиттэрэ сынньаммыт. Дьэ, ыйыталаһан билбитим, дьиэлээхпит олус интэриэһинэй биографиялаах эбит.  Роман Дмитриев, чахчы да улуу пехлеваны кыайа сылдьыбыт, кини курдук киһини олимпийскай оонньууларга үһүс миэстэҕэ тэбэн бастаабыт.

Хайа чиччиктэр санаммыттара буолла?

Дьэ ити айылаах киһиттэн, итинник дьиэттэн тугу, хаһан халаабыттарый?

Өрөбүл киэһэ Джавади дьиэ кэргэнинэн куорат атын муннугар олорор уолугар ыалдьыттыы барбыт. Обургулар кэтии сырыттахтара.  Джавадилар дьиэлэрин аана халыҥ тимир хас да хатааһыннаах этэ. Түөкүттэр, ону алдьатан киирэн, сыаналаах маллары уоран тахсыбыттар. Төһө сыаналааҕы ылбыттарын кээмэйдиир уустук. Аҥаардас персидскэй көбүөрү хаһы да тиэйэн барбыттар. Кини курдук киһи чэпчэки сыаналааҕы уурумматаҕа чахчы. Биир персидскэй көбүөр илии оҥоһуута биир кв. м 10 000-тан 2-3 мөл. солк. диэри атыыланар. Киниэнэ муостата-истиэнэтэ бетон, көстүбэт гына көбүөр этэ.  Тыһыынчанан сыл дьүһүнүн энчирэппэт, туох да үөнү чугаһаппат, харысхал бэлиэлэрдээх. Ол иһин кэрэйбэккэ атыылаһаллар. Күндүттэн күндү бэлэх оҥостоллор.

Кередж былыргыттан самовардары оҥорор азербайджанскай куорат аттыгар турар. Олор маастардарын үлэлэрэ эмиэ аһара аатыраллар.  Джавади коллекциятыгар былыргы сыаналаах самовардар баалларын эмиэ көтөҕөн барбыттар.

Итини таһынан 20 киилэлээх остуолга ууруллар улахан итальянскай чаһыны таах хаалларыахтара дуо? Кыбынан тахсыбыттар.

Элбэх спортсмен дьиэтигэр сылдьыбытым. Кыра да титуллаах буоллахтарына, туох да баайдарынааҕар мэтээллэрин күндүргэтэн көрдөрөөччүлэр. (Син биир биһиэхэ, суруксуттарга, кинигэбит курдук). Оттон бу Джавадига, тустууга хара көлөһүнүн тоҕон олоҕун анаабыт, доруобуйатын айгыратан туран ылбыт пехлеваҥҥа,  наҕараадалар саамай сүрэҕин тымырдара. Дьэ онтукалара витринаҕа дьаарыстанан турбут туох баар наҕараадаларын  барытын, ол иһигэр аан дойду чемпионаттарыттан түөрт кыһыл көмүс, Азиатскай оонньуулартан икки кыһыл көмүс уонна Тбилисигэ, Болгарияҕа, Польшаҕа ситиспит улахан таһымнаах турнирдар мэтээллэрин туох да суох гына суйдаабыттар. Уоруу буолбутун көрөөт, полицияҕа тута биллэрбиттэр. Түөкүттэри ир суолларын ирдээһин бара турар. Ираҥҥа улахан аптарытыаттаах дойду спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ, аан дойду, Олимпиада чемпиона Али Реза Дабир сүтүгү буларга, уоруйахтары уодьуганныырга туох кыалларынан көмөлөһөргө бэлэмин биллэрбит. Ол эрээри итинник кытаанах эрэсиимнээх, итинник тустууктары таҥара оҥостор сирдэригэр уоруйахтар көстөллөрө уустук буолуо. Мин саныахпар, арааһа, Джавади чугас дьоно эбэтэр политикаҕа утарсарыгар анал сулууспаларга үлэлээбит баайдар санаммыт буолуохтаахтар. Ол дьон үргүлдьү  кыраныысса тас өттүгэр куоттулар ини. Чэ, баҕар, алҕас көстөөрөй эрэ дииргэ тиийэбит.

Күндүттэн күндүтүн

Джавади барахсан, уоруйахтарга муҥ саатар спортивнай наҕараадаларын төннөрөллөрүгэр көрдөспүт. Буолумуна, ити кини эрэ баайа буолбатах. Бүтүн норуот, дойду баайа буоллаҕа. Хас мэтээлигэр төһө харчыны көрдүүллэринэн биэрэргэ бэлэмин биллэрбит. Онто суох кини мэтээллэрин Иран национальнай олимпийскай кэмитиэтин мусуойугар биэрэргэ оҥосто сылдьыбыт эбит. Билигин буллаллар эрэ, тута онно буор-босхо туттарарга быһаарыммыт.

Таҥара курдук көрбүттэрэ

Эбрахим Джавади 2014 сыллаахха Дьокуускайга кэлбитэ. Мин олимпийскай училище дириэктэрэ, оччолорго Ил Түмэн дьокутаата Алексей Филипповтыын  аэропорка көрсүспүтүм. Тута Роман Дмитриев уҥуоҕар тиийэн сүгүрүйбүппүт, сибэкки уурбуппут. Ити күн хас да сиргэ сылдьыбыппыт. Ханна тиийдибит да, Джавадины Таҥара кэлбитин курдук көрөллөрө. Сүгүн хаамтарбакка, хаартыскаҕа түһэллэрэ. Тустууну таптааччылар эрэ буолбакка, спортан ыраах эйгэ дьонноро даҕаны, Джавадины Роман Дмитриевтиин сүрүн күрэхтэһээччи буоларынан, кинилиин уонна Илларион Федосеевтыын, Иннокентий Кочкинныын, атын омуктардыын да ханна, хаста хайдах тустубуттарын бэркэ билээччи элбэх.

Барыан иннинэ Огнян Николовтыын мин дьиэбэр ыалдьыттаабыттара. Эбрахим Джавади Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа үһүс буолбутуттан олус улаханнык хомойон, Огнян Николовтыын, Роман Дмитриевтиин дорооболоспот буолан ырааҕынан сылдьыбытын билэбин. Бу сырыыга биир массыынаҕа, биир остуолга кэккэлэһэ куустуһа олорбуттара. Спорт дьиҥ доҕордоһууну өр тэйиппэт. Син биир күүһүрдэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....