Уопут атастаһыыта икки өттүттэн туһалаах буолла
Бу күннэргэ СӨ инбэлииттэрин социальнай доруобуйаларын тупсарар комплекснай реабилитационнай киин дириэктэрэ Асида Алексеева уонна киин социальнай реабилитациятын салаатын сэбиэдиссэйэ Дария Яковлева Екатеринбург, Тюмень куораттарга үлэлээн кэллилэр. Оробуочай сырыыга биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна Свердловскай уобалас социальнай эйгэлэрин үлэһиттэрэ доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону уонна инбэлиит оҕолору чөлүгэр түһэрэр ньымаларынан уопут атастатылар. Ол туһунан ааҕааччыларга анаан кинилэр сырыыларын туһунан кэпсэттибит.
- Асида Июньевна, ханнык тэрилтэлэргэ сылдьан, туох саҥаны билэн-көрөн кэллигит?
- Бу бара сылдьан Екатеринбург куоракка «Талисман» диэн доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор Кииннэригэр уонна уобаластааҕы реабилитационнай Кииҥҥэ ыалдьыттаатыбыт. Онтон Тюменьҥа «Пышма» диэн медицинскэй уонна социальнай реабилитация Киинигэр, «Родник» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор реабилитационнай Кииннэригэр, итиэннэ оҕолор психоневрологическэй интэринээт-дьиэлэригэр сырыттыбыт. Свердловскай уонна Тюменьскай уобаластар, уопсайынан, инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолору чөлүгэр түһэрэр икки пилотнай бырайыактары үлэлэтэр уобаластарынан биллэллэр. Онон бу сылдьыбыт тэрилтэлэрбит үлэлэрин билсиһии биһиэхэ олус улахан суолталаах. Кэллиэгэлэрбит күннэтэ туттар технологияларын, саҥа ньымаларын кытта билиһиннэрдилэр, комплекснай реабилитация систиэмэтин сайдыытын тосхоллорун ырыттыбыт. Соторунан реабилитация систиэмэтин сайдыытын Концепциятын федеральнай таһымҥа дьүүллэһии ыытыллыаҕа. Онуоха бу икки уобалас уопута төһүү күүс буолуоҕа дии саныыбын.
- Оробуочай сырыыгыт чэрчитинэн дэлэгээссийэҕит #возМОЖНОсти диэн Тюмень уобалаһын IV региональнай форум-быыстапкатыгар кыттан кэлбит эбит. Тэрээһиҥҥэ ордук туохха улахан болҕомто уураллар эбитий?
- Форум-быыстапкаҕа Тюмень уобалаһын реабилитационнай кииннэрэ бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын сырдаттылар, чуолаан доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо тоҕоостоох өҥөлөрүн уонна табаардарын көрдөрдүлэр. Ол иһигэр реабилитацияҕа аналлаах техническэй тэриллэрин, аныгы протезтары сэҥээрдибит. Ону таһынан форум чэрчитинэн үөрэтэр-сырдатар семинардар, лекциялар ыытыллыбыттара. Быыстапка кырачаан кыттааччыларыгар уонна кинилэр төрөппүттэригэр анаан араас маастар-кылаастар, оонньотор зоналар, уус-уран лабораториялар, спортивнай адаптационнай балаһааккалар бааллара. Биир тылынан, тэрээһин сааһыттан тутулуга суох барыларыгар улахан сэҥээриини ылбыта.
- Дария Егоровна, оттон эн, социальнай реабилитация салаатын сэбиэдиссэйин быһыытынан, бу айантан ордук тугу бэлиэтээн этиэҥ этэй? Киин уобаластар социальнай эйгэлэригэр тарҕаммыт ньымалар эһиэхэ төһө туттуллалларый? Туох үлэ эбии ыытыллыан сөп дии санаатыҥ?
- Бу уобаластар реабилитационнай кииннэригэр мин чуолаан социо-культурнай хайысха үлэтигэр болҕомтобун уурдум. Кииннэр истэринэн уус-уран мастарыскыайдар, үөрэнэр кылаастар, оннооҕор парикмахерскай, маникюрнай салон, гримернай хос бааллар. Эмтэнээччилэр сүрүн процедураларын таһынан илиилэринэн элбэхтик дьарыктаналларын бэлиэтээтим – иистэнэллэр, уруһуйдууллар, араас оҥоһуктары оҥороллор эбит. Хас биирдии эмтэнээччи реабилитациятын хардыылара электроннай систиэмэҕэ киирэн иһэр. Систиэмэ бу ыарыһах чөлүгэр түһэр тэтимин бэйэтэ ааҕан-суоттаан таһаарар.
Кииннэргэ сүрүн олохтоохторунан ментальнай ыарыылаахтар, истибэттэр уонна көрбөттөр буолаллар эбит. Кинилэргэ медико-социальнай реабилитация таһынан профориентационнай үлэ күүскэ ыытылларын кэпсээтилэр. Эмтэнээччилэрин үөрэттэрэр уонна салгыы үлэ миэстэтин булан биэрэр сыаллаах реабилитационнай кииннэр уобаластааҕы орто анал үөрэх кыһалары кытта ыкса сибээстэһэллэрин сэҥээрдим. Ону таһынан биир бэлиэтии көрбүтүм диэн бөлөҕүнэн дьарыктары ончу ыыппаттар эбит – дьарык барыта хас биирдии ыарыһаҕы кытта тус-туспа буолар.
Бу эппит механизмнарбыттан бэйэбит кииммит иһигэр үксүтүн туһанабыт. Арай уратыта диэн – бу уобаластарга иитэр-үөрэтэр педагогтара элбэх. Онон араас хайысханы хабан социо-культурнай реабилитацияны ыыталларыгар табыгастаах.
- Асида Июньевна, кэлэр сылга туох былааннааххытый? Бу ылбыт саҥа уопуккутун туһанан туох эмит уларыйыылар күүтүллэллэр дуо?
- Кэлэр сылтан харахтарынан инбэлиит дьону үс хайысханан реабилитациялаан саҕалыахпыт. Кинилэр социальнай-медицинскэй реабилитацияны таһынан «Пространственная ориентация» бырагырааманан үөрэх ааһыахтара, итиэннэ Л. Брайль шрибынан туһанарга үөрэтиэхпит. Ону таһынан былааҥҥа информационнай-методическэй салаа арыйыыта баар. Бу салаа өрөспүүбүлүкэбит доруобуйалырыгар хааччахтаах дьону чөлүгэр түһэрэр бары кииннэрин үлэлэрин тупсарарга, уопут атастаһан саҥаҕа үөрэнэргэ көмө, төһүү күүс буолуо этэ.
Санатан эттэххэ, Свердловскай уонна Тюменьскай уобаластарга оробуочай бөлөх СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристэбин чэрчитинэн баран кэллэ. Бөлөххө өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр Киин дириэктэрэ Зинаида Максимова, инбэлиит оҕолор реабилитацияларын уонна абилитацияларын сайдыытын методическэй киинин салайааччыта Лена Ефремова, өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэри реабилитациялыыр техникум-интэринээт дириэктэрин солбуйааччыта Марина Сивцева кыттан үлэлээтилэр.