11.10.2022 | 18:00 | Просмотров: 694

Уопсай хомуур туһунан информация – сымыйа сурах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 11 күнүгэр, брифиҥҥэ Саха сирин байыаннай комиссара Александр Авдонин быстах байыаннай хомуур хаамыытын туһунан сырдатта диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата. 

«Уопсай хомуур туһунан информация – сымыйа сурах. Билиҥҥи кэмҥэ  уопсай хомуур былааннаммат. Бүгүҥҥү күҥҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ биллэрбит быстах хомуура ыытылла турар. Мобилизацияланар дьон ахсаанын элбэтии эмиэ былааҥҥа суох», - диэн быһаарда Александр Авдонин.

Саха сирин военкома байыаннай чаастарга сулууспаны ааһарга сөптөөх бары усулуобуйалар тэриллибиттэрин бэлиэтээтэ.

«Туох баар сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ. Ыҥырыллыбыт дьон таҥаһынан-сабынан, экипировканан, сэрии сэбинэн толору хааччылыннылар. Саха сириттэн тиийбит уолаттар туруктара өрө көтөҕүллүүлээх», - диэн иһитиннэрдэ  өрөспүүбүлүкэ военкома.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.