13.10.2021 | 14:30 | Просмотров: 634

Уопсастыбаннай тырааныспарга санитарнай миэрэлэри тутуһууну бэрэбиэркэлииллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 12 күнүгэр Уокуруктааҕы дьаһалта Суһал бөлөҕө куорат оптуобустарын бэрэбиэркэлээн, коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыаллаах Роспотребнадзор ирдэбилэ икки тырааныспарга кэһиллэрин булла. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Барыта 12 оптуобуһу 4 маршрукка –  4-с, 8-с, 17-с уонна 19-с №-дээҕи бэрэбиэркэлээбиттэр, санитарнай ирдэбиллэри кэһии 4-с уонна 19-с №-дээх оптуобустарга булуллубут.
«Ити маршруттарынан аакталар оҥоһулуннулар, ону салҕыы бэрэбиэркэҕэ ГО уонна ЫБМ Управлениетыгар ыытабыт», – диэн иһитиннэрдэ  Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов. 
Санитарнай ирдэбиллэри кэспиттэри РФ КоАП 20.6.1  ыстатыйатынан административнай эппиэтинэскэ тардыахтара. 
Административнай хамыыһыйа информациятынан, балаҕан ыйын саҕаланыытыттан алтынньы 12 күнүнээҕи туругунан 71 оптуобус бэрэбиэркэлэммит. 
Алтынньы 12 күнүнээҕи куораттааҕы суһал штаб коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыаллаах мунньаҕар куорат баһылыга Евгений Григорьев уопсастыбаннай тырааныспар санитарнай туругун, оптуобустарга дезинфекцияны ыытыыны уонна мааска кэтэр эрэсиими хонтуруоллааһыны күүһүрдэргэ сорудахтаата.  
«Кыһын чугаһаан истэҕин аайы элбэх киһи массыыналарын туруораллар. Ол иһин уопсастыбаннай тырааныспар ноҕорууската элбиир. Ити хайысханан үлэни күүһүрдэргитигэр көрдөһөбүн», – диэтэ куорат баһылыга.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.