Уопсастыбаннай тырааныспарга ирдэбил кытаатар
Ыам ыйын 17 күнүгэр күнүскү рейдэ кэмигэр анал бөлөх 20 №-дээх маршрут түөрт оптуобуһун уонна 1 №-дээх маршрут биир оптуобуһун көрдө-иһиттэ. Онтон 20 №-дээх маршрут үс оптуобуһугар кэһии баара бэлиэтэммит, салоҥҥа дезинфекция ыытыллыбатах, сууйуу-сотуу туһунан сурунаал суох эбит. Ол түмүгэр аакта толоруллубут. Биир оптуобус суоппара мааската суох тутуллубут, эмиэ аакта оҥоһуллубут.
Ыам ыйын 14 күнүгэр 10 кэһии бэлиэтэммит, биир суоппар мааската суох олорон тутуллубут – боротокуол толоруллубут. Административнай хамыыһыйа 4, 20, 109, 104, 7, 19, 102 №-дээх оптуобустары бэрэбиэркэлээбит.
“Биһиги оптуобустарбыт санитарнай ыраастааһыннара куһаҕаннык ыытыллыбыт. Билигин хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир сулууспа нөҥүө оптуобустар санитарнай туруктарын хонтуруоллаатыбыт”, – диэтэ «ЯПАК» тэрилтэ дириэктэрэ Валерий Домотов.
«100 оптуобуһу бэрэбиэркэлээтибит, ол түмүгэр 87-тэ сөп соҕус туруктаах, 13-һэ – соччото суох. Суоппардары кытта профилактическай кэпсэтии ыытылынна, маршруттар дириэктэрдэригэр биллэрдибит”, – диэн кэпсээтэ «СоюзАвто» тэрилтэ дириэктэрэ Андрей Косицкай.
Евгений Григорьев куорат административнай хамыыһыйата уопсастыбаннай тырааныспар санитарнай туругун нэдиэлэҕэ 2-3-тэ бэрэбиэркэлииригэр соруйда.
«Куорат 18 маршрутугар уонна кытыы нэһилиэктэргэ сылдьар «ЯПАК» тэрилтэ оптуобустарыгар ыраастааһын үлэтэ мэлдьи ыытыллыахтаах. Ыстараабынан эрэ хааччахтаммакка, предпринимателлэргэ тустаах боротокуолу толорон иһиэххэ наада. Ол эрээри биһиги ыстараап эрэ суруйар санаабыт суох, сүрүн сыалбыт-сорукпут – оптуобустарга санитарнай ыраастааһын мэлдьи ыытылларын ситиһии», – диэн тоһоҕолоон эттэ Евгений Григорьев.
Андрей Косицкай оптуобус тиһэх тохтобулларыгар суоппардарга вакцинация пууннарын тэрийэри туруоруста. Кини бу этиитэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ыытыллыаҕа.