03.05.2024 | 12:00

Уопсастыбаннай тырааныспар туһунан өссө биирдэ

Уопсастыбаннай тырааныспар туһунан өссө биирдэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бу нүөмэргэ киин куорат нэһилиэнньэтэ уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ тупсарыгар туох этиилээҕин билээри, тэттик ыйытык ыыттыбыт. Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, көрсүбүт дьонум бэрт эйэҕэс, үөрүнньэҥ буолан биэрдилэр. Дьиҥэр, кириитикэҕэ бэлэм тахсыбытым...

Сахаяна, куорат олохтооҕо:

– Мин урут-уруккуттан эргэ оптуобустары саҥардаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Холобур, биһиги үксүн 5-с уонна 6-с №-дээх маршруттарынан сылдьабыт, онно барыта эргэ оптуобус. Бу иннинэ биир кыһыл оптуобус баара, тоҕо эрэ көстүбэт буолбут. Ити саҥа кыһыл оптуобустары көрө-көрө ымсыырабыт.

Оптуобустар сырыылара мөлтөх диир кыаҕым суох. Арай үлэ чааһа саҕаланар уонна бүтэр кэмигэр сылдьар арыттара кылгыан наада дии саныыбын. Айанныыр киһи наһаа элбэх, буочукаҕа ыга симиллибит тууһаммыт балык курдук айанныыбыт.

 

Иннокентий Андреевич Иванов:

–    Киин куоракка 1976 сылтан олоробун. Урут оптуобус күүтэн, чааһы-чааһынан туран тоҥорбут, графиктарын олох тутуспаттар этэ. Онно холоотоххо, билигин уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта лаппа тубуста. Чуолаан 20-с №-дээх маршруту чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын, бириэмэтин олох чуолкайдык тутуһар. Атыттар да бэркэ сылдьаллар.

“Умный транспорт” сыһыарыы баар буолан, куорат олохтоохторо абыранныбыт. Тохтобултан чугас олоробун, онон көрөн баран тахсабын.

Куорат дьаһалтата суоппар статуһун үрдэтиигэ улахан болҕомто уурара хайҕаллаах. Чахчы,  суоппардар үлэлэрэ олус ыарахан, хамнастара онно эппиэттиэхтээх. Оптуобуска этиһэр, охсуһар, үөхсэр дьон наһаа элбэх. Сорох-сорохтор мунньуллубут стресстэрин суоппардарга таһаараллар быһыылаах, туох да төрүөтэ суох айдааран туралларын үгүстүк көрөбүн. Биир бэйэм суоппардары аһынабын, хайдах итиччэ тулуйалларый диэн сөҕөбүн.

1-кы №-дээх маршрут оптуобустара сабыс-саҥалар. Куорат оптуобустара бары итинник саҥардыллаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Итиэннэ биһиги тыйыс усулуобуйалаах куораппытыгар, тымныы кыһыннаах дьоҥҥо сылаас тохтобул элбии турдун.

 

Петр Петрович:

–   Мин үксүн 16-с уонна 2-с №-дээх оптуобустарынан айанныыбын. 16-с маршрут быдан үчүгэйдик сылдьар. Арай тохтотуллубут 8-с №-дээх оптуобус оннугар Лонгинов, Ново-карьернай уулуссаларга киирэн ааһар буолан, маршрута уһаан биэрбитин сорохтор сөбүлээбэттэр. Оттон 2-с маршрут үлэтин туһунан эттэххэ, урут-уруккуттан мөлтөх. Сылдьар арыттара быһа холоон 30-40 мүн., сороҕор бэйэ-бэйэлэрин эккирэтиһэллэр. Ол иһин “таптаабыттарынан” сылдьаллар диибин.

Олохпут күн-түүн ыараан иһэр, сыана үрдүү турар. Онон бырайыас сыаната үрдүөхтээх дии саныыбын. Сарсыарда 4-5 чаастан үлэлиир, күнү быһа уруулу эрийэр дьоҥҥо өссө кыра курдук.

Урут таах мээнэ аһаҕас халлаан анныгар турар этибит. Онно холоотоххо, кэнники кэмҥэ сылаас тохтобуллар тутуллан, куорат олохтоохторо тымныыттан, ардахтан, тыалтан хаххалыыр сирдэннибит. Хомойуох иһин, хаарыан тохтобулларбытын вандаллар сүгүннээбэттэр: алдьаталлар, үлтү сынньаллар. Култуурабыт суоҕуттан итинник быһыы-майгы тахсар.

 

Аграфена Васильевна Ноева, биэнсийэлээх:

–  Ханна да ырааппаппын, дьиэм таһыгар тахсан хаамабын,  онон биирдэ эмит оптуобустанабын. Мин санаабар, уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ уруккутааҕар тупсубут. Бу эйгэҕэ үлэлиир, сыһыаннаах дьон билэр буоланнар эн этэр “реформаҕын” киллэрэн эрдэхтэрэ.

Мин сааһым тухары тырахтарыыстары, суоппардары бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбитим, онон бу идэ эппиэтинэстээҕин бэркэ билэбин. Хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри оптуобуһу ыытар эттэххэ эрэ дөбөҥ, киһи илистэр, сылайар үлэтэ буоллаҕа. Мин көрдөхпүнэ, биһиги суоппардарбыт олус тулуурдаахтар.  

Мунньуллубут санааны — аҕыйах этиинэн

«Бырааба суоххун» диэн баайсан турбут...

 

«Суоппар идэтин өрө тутуохтаахпыт, статуһун үрдэтиэхтээхпит» диибит да, нэһилиэнньэ сыһыана уларыйыах чинчитэ биллибэт. Сорох-сорохтор күрүө намыһахтыы суоппар үрдүгэр түһэллэрэ, кыһыыларын-абаларын таһаараллара, оптуобуска аҕыс айдааны тардаллара олоххо баар. Ити өссө кыра. 

Соторутааҕыта Автовокзал тохтобулугар итирик эр киһи 20 №-дээх оптуобус суоппарыгар «ыстаҥалаабыт», «бырааба суоххун» диэн баайсан турбут видеота уонна хаартыската социальнай ситимҥэ тарҕаммыта.

Суоппар аанын арыйан, айаннаан испит дьону таһаартаан баран бара сатаабытын анараа киһи оптуобус иннигэр турунан кэбиспит, оптуобус «дворниктарын» алдьата сатаабыт.

Бу суоппар уопсастыбаннай тырааныспарга 20-чэ сыл үлэлээбит эбит. Элбэх киһи көрөн билэр, махтанааччы да үгүс буолбута.

 

Үтүө тыл олуонатык иһиллэр...

Оптуобус суоппардарыгар махтанар киһи аҕыйаҕа кистэл буолбатах. Үксүн үөхсүү, кириитикэ. Манна даҕатан, биир түгэни холобурдуохпун баҕардым.

Былырыын кыһын тохсунньу тоһуттар тымныытыгар балыыһаҕа сытар эдьиийбэр ас астаан илтим. Таһырдьа тымныы, эбиитин ыыс-быдаан туман. Аны өрөбүл киэһэ. Оптуобус суох. Балайда өр күүттүбүт, тоҥон, биир кэм өрө тэпсэҥнээһин буолла. Ол турдахпытына 2-с №-дээх (дьон аҕыйахтык сылдьар диэн куруук үөхсэр маршрута) оптуобус тиийэн кэллэ. Киирбитим, киһитэ аҕыйах, сып-сылаас, дьиктитэ баар, биир да түннүгэ кырыарбатах. Тымныыттан киирбит киһи тута сылыйа түстүм. Бэл диэтэр, итииргии сыстым. “Оптуобуһун бэркэ көрүнэр, маладьыас эбит” диэн саастаах суоппары испэр хайгыы олордум. Атыттар курдук аанын арыйан баран турбат, дьон киирдэҕинэ, утары сабан иһэр эбит. Салонун иһэ ыраас, өссө саҥа дьыллааҕы киэргэтиилээх.

Түһэр тохтобулум кэлбитигэр, тахсан иһэн туттумматым, үөрүүбүттэн суоппарга: «Махтал, олус сылаас, ыраас оптуобустаах эбиккин!» – диэччи буоллум. Суоппар тоҥхос эрэ гынна. Онуоха инники миэстэҕэ олорбут дьахтар: «Айуу, чэ!» – диэтэ уонна күлэ хаалла. Махтанаары, бука, сиилэннэҕим дуу? Ити аата сорох дьоҥҥо үтүө тыл олуонатык иһиллэр буолаахтаабыт... 

Оптуобус тохтобулларыгар амырыын көстүү

Кулгуйар сир көстүбэтэх муҥа дуу?

Бу саас хаар ууллуон иннинэ Гимеин тохтобулугар киһи өйүгэр баппат быһыыны-майгыны көрбүтүм. Хайа эрэ “үөһэ туолбут” дуу, “иһэ аһыйбыт” дуу кулгуйбут этэ. Соруйан. Эчи, кини кыһалла-кыһалла, өрө ыстана-ыстана хотуолуу турдаҕын! Видеонан кэтээн көрөр “харах” суох буолаахтаатаҕа.

Киһи сиргэниэх...

Уопсастыбаннай сиргэ силлиир-хаахтыыр диэн сонун буолбатах. Бара сатаан дьон олорор ыксамыайкаларын соруйан киртитээччилэр бааллар. Хаартыскаҕа: “103-с кыбаартал” тохтобул ыскамыайкатыгар ким да сиргэнэн олорбот... 

Сотору маны барытын муниципальнай дворниктар сууйа-сото тахсыахтара буоллаҕа.

Илиилэрэ оччо кыһыйар дуо?

Аны сорох вандаллар илиилэрэ кыһыйдаҕына, киҥнэрэ-наардара холлубутун оптуобус тохтобулун үлтү сынньан “чэпчииллэр” быһыылаах. Быһата, инньэ гынан тыыннарын таһаараллар. Дьэ, сүрдээх.

​​​​​Муус устар 4 күнэ, 2024 сыл, өстүөкүлэтэ үлтү сынньыллыбыт «Айхал» оҕо сайдар киинэ» тохтобул. 
Муус устар 14 күнэ, 2024 сыл, кэннинээҕи өстүөкүлэтэ суох хаалбыт «Ленин проспега» тохтобул.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...