30.03.2022 | 18:00

Уопсастыбаннай тырааныспар реформата саҕаланна

Уопсастыбаннай тырааныспар реформата саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл муниципальнай бүддьүөттэн оптуобус саҥа маршруттарын оҥорор сыаллаах научнай-чинчийэр үлэни ыытарга үп көрүллүөҕэ. Уопсастыбаннай тырааныспар реформата ыытыллыахтааҕын туһунан «Арассыыйа 24» телевизионнай ханаал быһа эфиригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрдэ. 
Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, уопсастыбаннай тырааныспар улахан реформата номнуо саҕаланна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын өйөбүллэринэн киин куорат оптуобустарын паарката 100 оптуоһунан саҥардыллар. 
«Куорат олохтоохторун үгүс өттө билэллэр, саҥа оптуобустар сорохторо номнуо кэллэ. Кинилэри «ЯПАК» муниципальнай тэрилтэ үлэлэтиэҕэ. Куорат кытыытыгар сүүрэллэрин таһынан, ити тэрилтэ оптуобустара куорат иһинээҕи маршруттарга эмиэ үлэлиэхтэрэ», - диэтэ Евгений Григорьев. Санатан эттэххэ, куорат иһигэр 108-с №-дээх маршрутунан муниципальнай оптуобустар сылдьан саҕалаатылар. 
«Итини таһынан, бырайыаһы тута харчыта суох (безналичная оплата) төлөөһүнү киллэрэри былаанныыбыт, киһи биирдэ төлөөт атын оптуобустарга көһөн 60 эбэтэр 90 мүнүүтэ айанныыр кыахтанар», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн төһө киһи айанныырын, куорат оптуобустара төһө толоруларын учуоттуохха сөп. Оччотугар маршруттарга ноҕурууска хайдаҕа көстөн кэлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...