Уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин тупсарыыга кыттабыт
Хампаанньа уопсастыбаннай тырааныспар маршруттарыгар төһө элбэх пассажир айанныырын, уулусса-суол ситимин кээмэйин, уопсастыбаннай уонна тус тырааныспар сырыыларын тэтимин чинчийиэҕэ.
Үлэ түмүгүнэн тырааныспар “мультиагентнай” киэбин оҥорон таһаарыы буолуоҕа, олохтоохтор күн устата кэлиилэрэ-барыылара көстүөҕэ. Ити киэп көмөтүнэн уопсастыбаннай тырааныспар маршруттарыгар уларыйыы киириэҕэ.
Этиилэри хампаанньа инженердэрэ чопчулуохтара. Куорат олохтоохторун сүрүн кыһалҕаларын чуолкайдыыр курдук чинчийии кэмигэр https://yakutsk-transport.ru/ информационнай портал үлэлиир.
Порталга уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр сыһыаннаах этиилэри хаалларыахха, итиэннэ чинчийии чэрчитинэн ыйытыктарга хоруйдуохха сөп.
Тырааныспар систиэмэтин сайыннарыыга идиэйэлэри чопчулуурга олохтоохтор көмөлөрө наада, https://yakutsk-transport.ru/ информационнай порталга киирэн ыйытыктарга хоруйдааҥ дииллэр чинчийээччилэр.