15.12.2022 | 17:30

Уопсастыбаннай палаата уонна «СӨ норуоттарын ассамблеята» сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар

Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаатата уонна «СӨ норуоттарын ассамблеята» уопсастыбаннай хамсааһын бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Уопсастыбаннай палаата уонна «СӨ норуоттарын ассамблеята» сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта миграционнай боппуруостарга уонна национальнай-култуурунай холбоһуктары кытта үлэҕэ уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕар Уопсастыбаннай палаата уонна «СӨ норуоттарын ассамблеята» уопсастыбаннай хамсааһын бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр. Сөбүлэҥҥэ Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин уонна уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Александр Подголов  илии баттаатылар.

Куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев мунньахха Саха АССР 100 сылыгар, Дьокуускай куорат 390 уонна киин куорат бастакы бэрэстэбиитэллээх уоргана төрүттэмммитэ 200 сылларыгар анаммыт тэрээһиннэр түмүктэрин таһаарда.

«Дойду бэрэсидьиэнэ 2023 сылы Настаабынньык уонна педагог сылынан биллэрдэ – ити учуутал идэтин үрдүк уопсастыбаннай суолтатын бэлиэтэ. Итинэн сибээстээн Уопсастыбаннай палаата саҥа талыллыбыт састаабын ыччаты уопсай үтүө дьыалаҕа угуйарга настаабынньыктыырга ыҥырабын», - диэн бэлиэтээтэ Руслан Тимофеев.          

Мунньахха Олохтоох дьаһалта миграционнай боппуруостарга уонна национальнай-култуурунай холбоһуктары кытта үлэҕэ уопсастыбаннай сэбиэтэ 2023 сыллааҕы былааннарын дьүүллэстилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....