Уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин куонкуруска ыҥыраллар
Уокуруктааҕы дьаһалта предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар Департамена «Вкус Якутии» гастрономическай куонкуруска кыттарга сайаапкалары хомуйар. Гастрономическай бэстибээл 2021 сыл сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри ыытыллар.
«Вкус Якутии» бэстибээл аһаҕас онлайн куонкуруска кыттар туһунан сайаапканы биэрбит уопсастыбаннай аһылык балаһааккаларыгар буолар.
Нэдиэлэ устата уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр сылдьыы СӨ Баһылыгын 2020 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи 1293 №-дээх «О режиме повышенной готовности на территории Республики Саха (Якутия) и мерах по противодействию распространению новой коронавирусной инфекции (COVID-19)» Ыйааҕар олоҕуран бары ирдэбиллэри тутуһан көҥүллэнэр.
Бэстибээл кыттыылаахтарынан уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ – рестораннар, кафелар буолуохтарын сөп. Сайаапкалары 2021 сыл сэтинньи 26 күнүгэр диэри Уокуруктааҕа дьаһалта потребительскэй ырыынакка салаатыгар бэриллэр, аадырыһа: Дьокуускай куорат, Ленин просп., 15, 207 кэб. тел. 40-80-95. E-mail: opt.yakutsk@mail.ru
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын 2021 сыл ахсынньы 5 күнүгэр буолара былааннанар, түмүктэр Уокуруктааҕы дьаһалта официальнай сайтыгар, социальнай ситимнэр сирэйдэригэр тахсыахтаах.