01.12.2023 | 12:30

Уон ыйдаах көрдөрүү куһаҕана суох

Уон ыйдаах көрдөрүү куһаҕана суох
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ сүрүннээн ынах-сүөһү, сылгы, сибиинньэ, таба уонна көтөр иитиитинэн дьарыктаналлар. Былырыыҥҥы, алтынньы ыйдааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ынах-сүөһү ахсаана 1,1%-нан, сибиинньэ – 4,4%-нан, сылгы – 5,3%-нан аҕыйаата. Таба ахсаана 2,9%-нан уонна көтөр 0,2%-нан эбилиннэ.

Быйыл, 2023 сыл уон ыйын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уопсайа ынах-сүөһү ахсаана 26,3 тыһыынча төбө баара билиннэ. Көрүҥнэринэн эттэххэ, 11,0 тыһыынча – ынах, 10,4 тыһыынча – сибиинньэ, 43,6 тыһыынча –сылгы, 168,2 тыһыынча – таба, 821,6 тыһыынча – көтөр арааһа.

2023 сыл тохсунньу ыйыттан алтынньыга диэри тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 4,4 туонна эти (ынах-сүөһү, көтөр), 24,3 тыһыынча үүтү, 133,1 мөлүйүөн сымыыты оҥорон таһаардылар. Былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, эти оҥорон таһаарыыга 2% хаалыы баар, ол оннугар үүт 1,1%-нан, сымыыт 13,5%-нан элбээтэ.

Аны Дьокуускай куорат уокуругун агропояһын үлэтин-хамнаһын 2023 сыл сэтинньи 1 күнүнээҕи туругун көрүөххэ.

 

Сүөһү иитиитин өйүүр субсидия үрдээтэ

Ол курдук, этиллибит болдьоххо киин куорат территориятыгар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир 37 тэрилтэ, 82 урбаанньыт уонна бааһынай хаһаайыстыбалара, итиэннэ 1 033 кэтэх хаһаайыстыба бааллар.

Ынах-сүөһү уонна сылгы ахсаанынан Дьокуускай куорат уокуруга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин уонна куорат уокуруктарын иһигэр 16-с миэстэҕэ сылдьар. Сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан, киин куорат бары хаһаайыстыбаларыгар 3 979 төбө ынах сүөһү, ол иһигэр 1 463 ынах баар. Былырыыҥҥы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, ынах сүөһү 212 төбөнөн элбээбит.

Куорат уокуругар ынах уопсай ахсааныттан 50%-на төрөөтө (2022 сылга – 74%), 768 ньирэй күн сирин көрдө (2022 көрдөрүүттэн 35%-нан аҕыйах).

Үүт валовай ыама 2 954 туоннаҕа тэҥнэстэ, ити былырыыҥҥы көрдөрүүттэн  6,9 %-нан элбэх.

Ынах төрөөһүнүн көрдөрүүтэ намыһаҕа айылҕа уустук көстүүлэрин кытта сибээстээх (кураан сайын, ойуур баһаардара, кыһын хойутаан кэлиитэ уо.д.а.).

Марат Данилов, Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга:

2023 сыллаахтан гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү ииитиитин өйүүр субсидия ставката үрдээтэ, ол курдук, биир ынахха 35 тыһыынчаттан 37 тыһыынчаҕа тиийэ улаатта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйүүллэригэр, 117 кэтэх хаһаайыстыба 462 төбө ынаҕын тутарыгар 17 020,0 тыһыынча солкуобай суумалаах субвенция көрүлүннэ.

Үүтү оҥорон таһаарыыны өйүүр уонна тэтимирдэр сыаллаах 3060,7 туонна үүт соҕотуопкатыгар 183 642,0 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх (ставка быһыытынан 1 киилэ сиикэй үүккэ – 60  солкуобай) субвенция көрүлүннэ.

Быйылгы тохсунньу-алтынньы ыйдарга соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыттан 2 741,94 туонна сиикэй үүтү атыыластылар (ити былаан 89,5%-на):

«Дьокуускайдааҕы үүт собуота» ХЭТ 2 770,7 туонна былааннааҕыттан 2 399,9 туонна үүтү соҕотуопкалаата (ити былаантан 86,61%-на);

«Туймаада» Оҥорон таһаарар кэмбинээт 200 туонна үүт былааннааҕыттан 136,04 туоннаны соҕотуопкалаата (ити былаантан 68,02%-на);

«Зырянов Михаил Сергеевич» ИП 260 туонна үүт былааннааҕыттан 206,0 туоннаны соҕотуопкалаата (ити былаантан 79,2%-на).

Сылгы ахсаана элбээтэ

Кэнники сылларга куорат уокуругар сылгы ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр, ол курдук, алтынньы бүтүүтэ 4 571 төбө баара билиннэ, ити былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр 410 төбөнөн элбэх. Аны бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбаларга көрдөрүү эмиэ үчүгэй, сылгы ахсаана 26%-нан элбээтэ.

Сылгы иитиитин өйөөһүҥҥэ Дьокуускай куорат 23 тэриллиилээх хаһаайыстыбатын 1 385 төбө биэтигэр 5 920,0 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх субвенция көрүлүннэ (биир биэҕэ – 4 808,65 солкуобай).

Итини таһынан, тэрээһин чэрчитинэн, сылгы баазатын тутуутугар «Корякин Николай Николаевич» ИП (Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ), федеральнай үбүлээһин кыттыгастаах  3 000,0 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх субсидия бэрилиннэ.

Ынах сүөһү уонна сибиинньэ комплексаларын техническэй баазатын саҥардыыга уонна бөҕөргөтүүгэ, тутууга, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ уонна технологическэй хааччыйыыга «Дьокуускай куорат  агропояһын сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан үс тэрилтэҕэ 2 000,0 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх субсидия көрүлүннэ.

Сибиинньэ ахсаана 397 төбөнөн аҕыйаата

Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куорат түргэнник ситэр салааҕа инники күөҥҥэ сылдьар уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тирэх хаһаайыстыбалардаах. 2023 сыл сэтинньи 1 күнүнээҕи дааннайдарынан, киин куорат территориятыгар 10 289 төбө сибиинньэни туталлар. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, ити 397 төбөнөн аҕыйах.

Марат Данилов, Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга:

Куоракка «Дмитриева Наталья Егоровна» бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбата үлэлиир, киниэхэ 90 төбө баар. Сибиинньэ иитиитин өйөөһүҥҥэ, 50 төбө тыһы сибиинньэҕэ 600,0 тыһыынча солкуобай суумалаах субвенция көрүлүннэ (ставката биир тыһы сибиинньэҕэ – 12 000 солкуобай). 

«Дьокуускай куорат  агропояһын сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманы олоххо киллэриинэн, түргэнник ситэр салааны өйүүр сыалтан, биэс хаһаайыстыбаҕа ороскуоттарын сабынарга 1 000,0 тыһыынча солкуобайдаах субсидия көрүлүннэ.

Куорат уокуругун сибиинньэтин уопсай ахсааныттан 51%-на «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса» ХЭТ уонна 46%-на –  «Сибирь» бааһынай хаһаайыстыбатыгар баар. Уон ый иһигэр сибиинньэ комплексаларыгар 789,39 туонна эт оҥоһулунна, ол иһигэр «Хатастааҕы сибиинньэ комплексыгар» – 384,39 туонна, «Сибирь» бааһынай хаһаайыстыбатыгар – 405,0 туонна. Этиллибит болдьоххо 575,2 туонна сибиинньэ этэ уопсайа 192,165 мөл. солкуобайга атыыланна.

Түргэнник ситэр салааны өйүүр сыаллаах «Хатастааҕы сибиинньэ комплекса» ХЭТ уонна  «Сибирь» бааһынай хаһаайыстыбаҕа 1,5-2 ыйдаах 2260 сибиинньэ оҕото кэллэ (2022 сыллааҕы көрдөрүүттэн 50%-нан аҕыйах). 

Сымыыт ахсаана 13% улаатта

Быйыл тохсунньу ыйыттан алтынньыга диэри куорат уокуругар сымыыты оҥорон таһаарыы 78 163,75 тыһыынча устуукаҕа тэҥнэстэ, ол эбэтэр 2022 сыллааҕы таһымы кытта тэҥнээтэххэ 13%-нан улаатта. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн көрдөрүү 13,5%-нан элбээтэ.

Түргэнник ситэр салааны сайыннарар тэрээһиннэр чэрчилэринэн, «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» АУо нэһилиэнньэҕэ 60 937 төбө көтөрү атыылаата.

Уопсайа, түргэнник ситэр салаа үлэтэ таһаарыылаах буоларын курдук, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл политикатын министиэристибэтэ куорат уокуругун тирэх хаһаайыстыбаларыгар 635 201,3 тыһыынча солкуобай суумалаах үбүлээһини ыытта.

Туорахтаах култуура уонна хортуоппуй иэннэрэ кэҥээтэ

Марат Данилов, Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга:

2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын култууратын ыһыы иэнэ – 49,4 тыһ. га, ол иһигэр  туорахтаах култуура 348,3 га сиргэ ыһылынна (2022 сыллааҕар 4%-нан улаатта), хортуоппуй – 1176,0 га (0,5%-нан улаатта) аһаҕас сиргэ үүнэр оҕуруот аһа – 307,1 га (9%-нан аччаата), сүөһү сиир аһылыга – 870,6 га (42,8%-нан аччаата).

Быйыл 388,4 туонна бурдук мэлийилиннэ (2022 сыллааҕар 7,8%-нан элбэх), 12 632 туонна хортуоппуй (3,3%-нан элбэх) уонна  4 360 туонна оҕуруот аһа (33%-нан аҕыйах) хомуйулунна.

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйөөһүн чэрчитинэн көрүлүннэ:

 хортуоппуй үүннэриитигэр 21 тэриллиилээх хаһаайыстыбаҕа 12 537,36 тыһыынча солкуобайдаах субвенция;

оҕуруот аһын үүннэриитигэр 14 тэриллиилээх хаһаайыстыбаҕа – 6279,02 тыһыынча солкуобай;

туорахтаах култуураны үүннэриигэ «Котрус Е.В» бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаҕа – 3 474,3 тыһыынча солкуобай.

Оттооһун былаана куоһарылынна

Марат Данилов, Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга:

Быйыл бары хаһаайыстыбаларга 8234 га ходуһа оттонно, 11 682,3 туонна от бэлэмнэннэ (былаан туолуута – 107,7%).

Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ муниципальнай хос бырагыраамаҕа өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бүддьүөттэртэн 11 483,2 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ.

Судаарыстыбаннай өҥөнөн туһанааччылар 10 тиэхиньикэни уонна тэрили, ол иһигэр  4 тыраахтыры, 5 бүрүйэр тэрили, 19,11 туонна туорахтаах култуура сиэмэтин ыллылар, 9 км күрүө оҥоһулунна.

«Дьокуускай куорат  агропояһын сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан 7 хаһаайыстыба тиэхиньикэ ылынарыгар 2 255,1 тыһыынча солкуобайдаах субсидия көрүлүннэ.

«Саюри» ХЭТ эбии сырдатыыны туһанарыгар федеральнай үбүлээһин кыттыгастаах 8,47 мөл. солкуобайдаах субсидия бэрилиннэ. 

Хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар 1 957,9 туонна хортуоппуйу атыылаһалларыгар 19 579,0 тыһыынча солкуобайдаах уонна  696,4 туонна оҕуруот аһыгар – 6 964,0 тыһыынча солкуобайдаах субвенция көрүлүннэ.

Үс соҕотуопкалыыр тэрилтэ чопчуланна: «Горснаб» МУТ, «Якутоптторг» АУо, «Урожай» СППССК. Тэрилтэлэр 843,76 туонна хортуоппуйу (былаан 43%-на) уонна  402,6 туонна оҕуруот аһын атыыластылар (былаан 63%-на).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...