23.02.2023 | 15:00

Уол оҕону иитии — төрөппүт илиитигэр

Уол оҕону иитии — төрөппүт илиитигэр
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«Юнармия» – бүгүн саамай элбэх ыччаты хабар улахан хамсааһын. «Киин куорат» хаһыаппыт соторутааҕыта Дьокуускай куорат Клара Цеткин уулуссатын, 14/3 нүөмэрдээх дьиэтигэр арыллыбыт Эдэр армеецтары бэлэмниир киинигэр ыалдьыттаабытын суруйан турар. Бүгүн Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн «Юнармия» регионнааҕы салаатын ыстаабын начаалынньыга Александр Кузьмины кытта кэпсэттибит.

— Александр Николаевич, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэрэ түһүөххэ.

— Мин Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрин дириэктэрин солбуйааччытынан 2019 сылтан үлэлиибин. Ол иннинэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр, эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр, улуустааҕы үөрэх салалтатыгар, оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим, уопсайа 17-с сылбын оҕону иитии-үөрэтии эйгэтигэр анаатым.

— «Юнармия» хамсааһын хаһан тэриллибитэй?

— Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо-ыччат байыаннай-патриотическай хамсааһына 2016 сыллаахха дойду оборуонаҕа миниистирэ Сергей Шойгу көҕүлээһининэн, ону тэҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн тэриллибитэ.

Сүрүн сыала – эт-хаан өттүнэн доруобай, дойдутугар бэриниилээх ыччаты иитии, төрөөбүт дойдутун таптыыр үүнэр көлүөнэ улаатан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, эбии кыахтары биэрии.

— Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу хамсаааһынынан төһө оҕо хабыллан сылдьарый?

— Күн бүгүн дойду бары регионнарыгар 1 мөлүйүөн 250 тыһыынча оҕо хабыллан дьарыктанар. Оттон  биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 7 689 оҕо киирдэ, 33 улууска 193 юнармейскай этэрээт таһаарыылаахтык үлэлии олорор.

— Баһаам оҕо! Туох ситиһиилээххитий?

— «Юнармия» Саха сиринээҕи салаата сылын ахсын ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ кыттар. 2019-2021 сылларга Уһук Илин региоҥҥа II-с миэстэҕэ тахсыбыппыт, 2022 сылга Хабаровскай уонна Забайкальскай кыраайдар кэннилэриттэн III-с миэстэ буолбуппут. Кинилэр байыаннай чаастарын, полигоннарын, ыытар тэрээһиннэрин кытта холоотоххо, биһиэхэ үлэ оскуолаларбыт эрэ истэринэн ыытыллар буоллаҕа. Биллэн турар, улуустааҕы штабтар, оскуолалар уонна Үөрэх уонна Ыччат министиэристибэлэрэ өйөөннөр, Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ үс бастыҥ кэккэтигэр киирэр.

Арассыыйа финальнай күрэхтэригэр кыттыы, саҥа бырайыактары киллэрии, отчуоту хойутаппакка ыытыы да буоллун, барыта ааҕыллан, түмүк уопсай баалынан тахсар. Сылы түмүктүүр мунньахха дойду оборуонаҕа миниистирэ, «Юнармия” салалтата илии баттааһыннаах анал диплом туттарыллар.

— Оҕону дойдуга бэриниилээх буолууга иитии кэлиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар.

— Сүрүн штабпыт Москва куоракка баар, сылын ахсын бу хайысхаҕа анал үлэ былаанын ыытар, онно олоҕуран бэйэбит региоммутугар эмиэ былаан ылынан, улуустааҕы штабтарбытын, оскуолалары кытта үлэлиибит. 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи штабпыт Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолаларыгар тэриллэн үлэлиэҕиттэн үлэ далааһына биллэ кэҥээтэ. Оскуола үлэһиттэрэ сүрүн үлэлэрин таһынан уопсастыбаннай хамсааһыны иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыталлар. Хас оҕо киирбитэ, ыйдааҕы былаан, тэрээһин үлэтэ, отчуот, сыыппара барыта түмүллэр.

— Олунньу ый патриотическай иитиигэ ананан турар. Бу манна сүрүн болҕомто туохха уурулунна?

— Бу тэрээһин эрдэттэн былааннанан, Үөрэх министиэристибэтин бирикээһинэн барар. Уһуйаантан саҕалаан устудьуоннарга тиийэ бары үөрэх тэрилтэлэрин хабабыт. Быйылгы сылга сүрүн болҕомто анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттары өйөөһүҥҥэ, кинилэр холобурдарын ыччакка тиэрдиигэ ууруллар. Ити үлэҕэ аналлаах Арассыыйа бырайыактарыгар кыттабыт, холобур, «Дьоруой паартата” диэн бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 39 оскуолаҕа уопсайа 50 паарта арылынна. Манна Аҕа дойду сэриитин дьоруойдара эрэ буолбакка, биһиги кэккэбитигэр үлэлии-хамсыы сылдьар хорсун санаалаах, дойдуларын туһугар үлэлиир дьон эмиэ буолуон сөп. Оскуола ону бэйэтэ быһаарар уонна ити паартаҕа бастыҥ үөрэнээччитэ олорор.

— Быйыл өссө ханнык бырайыагы үлэлэтэр, киллэрэр былааннааххыт?

—  “Движение первых” диэн былырыын дойду үрдүнэн саҥа киирбит Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын кытта ыкса үлэлэһэ олоробут. Бырайыак иитинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар былааннаахпыт. Ону тэҥэ “Дом Юнармии”, “Лидеры Юнармии”, “Юнармия. Наставничество”,  “Граффити защитник”, “Герои среди нас” диэн бырайыактарга салгыы үлэлэһиэхпит.

— Бүгүҥҥү ыччат кэнэҕэһин Ийэ дойдутугар ураты бэриниилээх буола улаатыаҕа диэн этэр кыахтаахпыт дуо?

— Онно эрэниэхтээхпит уонна кыһаныах тустаахпыт. Хас биирдии киһи дьиэ кэргэнин, олорор түөлбэтин, дойдутун таптыырыгар саарбахтаабаппыт.

— Кэнники  кэмҥэ ыччаты киһи да быһыытынан иитии-үөрэтии кыһалҕата күүһүрдэ диэн үгүстүк истэбит.

Итинник кыһалҕа биһиэхэ эрэ буолбакка, уопсай дойдуга баарын бэлиэтээн туран, кэнники сылларга ураты болҕомто уурулунна диэххэ наада. 2019 сыллаахха Ил Дархан “Биһиги – Арассыыйа кэлэр кэскилэ буолабыт” диэн ыйаах таһаарбыта. Онно сүрүн оруол оҕону, ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ бэриллибитэ. Хас биирдии оскуолаҕа, үөрэх кыһатыгар нэдиэлэ ахсын Арассыыйа гиимнин истии киирбитэ, билигин бүтүн дойду үрдүнэн биһиги региоммут уопута тарҕанна. Ону тэҥэ былырыын “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр патриотическай иитии туһунан” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона ылыныллыбыта, манна олоҕуран билигин үлэни тэрийэргэ эбии кыах бэрилиннэ.

— Ол баар эрээри, билиҥҥи оҕо син биир гаджет тутан баран олорор.

— Билигин бу өттүгэр төрөппүттэр эмиэ улахан болҕомтолорун уурар буоллулар, тоҕо диэтэххэ ити смартфон, гаджет алдьатыылаах сабыдыала дьэ көһүннэ. Эт-хаан өттүнэн сайдыыта суох, майгыта-сигилитэ мөлтөх оҕо элбээтэ. Оҕо иллэҥ буоллар эрэ төлөпүөнүгэр дьөгдьөччү туттан олорор. Оннооҕор сайын тыаҕа тахсан моҕотойдообот да, сүүрбэт-көппөт да  буоллулар. 

Сүрүн эппиэтинэс манна төрөппүккэ сүктэриллэр. Оскуола, араас эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ, учууталлар онно көмө эрэ буолаллар, ирдэниллэр үлэни уонна усулуобуйатын эрэ тэрийэн. Оттон хас биирдии оҕо эбии дьарыктаах буолуохтаах – спорт, араас куруһуоктар, дьарыктар, ити барыта оҕону сайыннарарга көмөлөһүөхтээх.

«Юнармия” хамсааһынын иһинэн олус элбэх хайысха баар. Хайаан даҕаны аптамаат саа ыһыыта, байыаннай хаамыы буолбакка, үҥкүү, ырыа, спорт барыта баар.

Ситиһиилээх оҕолорбут холобурдарын тарҕатыахтаахпыт, маннык ситиһии кинилэргэ да кэлиэн сөп диэн өйдөбүлү биэриэхтээхпит.

—Александр Николаевич, олоххо бэлэмнээх диэн биhиги бүгүн хайдах киhини ааттыахпытын сөбүй?

— Бэйэтин инники олоҕор сыалын-соругун билэр, туох үлэһит киһи буолан тахсарын чопчу быһаарыммыт, онно анаан үөрэҕэр кыһаллар, үлэһит, тулуурдаах, бэрээдэктээх ыччаты ааттыахха сөп. Бу маннык иитиилээх уолаттар-кыргыттар бааллара үөрдэр уонна кинилэри биһиги холобур оҥостуохтаахпыт.

— Төрөппүт тус холобуругар иитии биир сүрүн суолтаны ылар. Аныгы, уол оҕолоох төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Төрөппүттэргэ оҕолорун кытта анаан-минээн бириэмэ аттаран дьарыктанарга сүбэлиэм этэ, биллэн турар, үлэлиир дьоҥҥо бириэмэ куруук тиийбэт буолара чахчы. Онон анал үөрэхтээх дьоҥҥо, учууталларга, иитээччилэргэ сыһыаран, оҕону кытта тэҥҥэ үөрэниэххэ наада. Ол да буоллар хайаан даҕаны оҕо бэйэтин интэриэһин учуоттуур ордук.

— Бу боппуруоһу ыйыттахпына сатанар. Кистэл буолбатах, кэлиҥҥи кэмҥэ арҕааҥҥы омуктар менталитеттара күүскэ киирдэ. Бу омсолоох өрүт ордук уол оҕону иитиигэ күүскэ дьайда диэн көрө-истэ сылдьабыт. Кыыстыҥы өйдөөх-санаалаах, кыыс курдук туттар-хаптар, нарын-намчы, бэл, дьүһүннэрин тупсарынар, оҥостор, кырааскланар, таҥаска-сапка, тас көстүүгэ улахан болҕомто уурар уол элбээтэ. Бу манна туох үлэ ыытыллыан сөбүй?

— Маннык көстүү, кырдьык, элбээн Арассыыйа үрдүнэн анал сокуоннар, дьаһаллар номнуо бааллар. Бу арҕаа дойдулар мөкү өрүттэрэ ордук уол оҕолорго дьайара хомолтолоох. Итиннэ тус бэйэм аҕа оруолун күүһүрдэр наада диэн толкуйдуубун, уолга ордук аҕа улахан сабыдыаллаах. Уолу кыратыттан уол курдук иитиэххэ наада. Оҕо кыра сааһыгар сэргэх буолар, ону мүччү туппакка, аҕатыгар чугас буоларын курдук иитии барыахтаах. Айылҕаҕа, дьиэ ис-тас үлэтигэр уһуйуу, булка-алка, спорка батыһыннара сылдьан, бэйэбит холобурбутунан иитиэхтээхпит, олоххо сыһыаран үөрэтиэхтээхпит. Бу маннык хартыына, хомойуох иһин, кэлиҥҥи кэмҥэ аҥаардас ийэлэр ахсааннара элбээн иһэриттэн көстөрө буолуо диэн сабаҕалыыбын.

— Александр Николаевич, кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Мин санаабар, бу кэпсэтии кэнниттэн элбэх төрөппүт оҕотун өйдөөн көрүөҕэ, уолбун эр киһи быһыытынан төһө сөпкө иитэн эрэбин диэн толкуйданыаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар. Үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!

— Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...