Уокуруктааҕы дьаһалта уонна «Саха сирин Тимир суоллара» АУо бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин баттастылар
От ыйын 5 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна «Саха сирин Тимир суоллара» АУо генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин хампаанньа устуоруйатыгар аан бастаан бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар.
Евгений Григорьев бу сөбүлэҥ куорат сайдыытыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
«Сөбүлэҥҥэ баар балаһыанньаларга олоҕуран, «Саха сирин Тимир суоллара» АУо куорат социальнай-экономическэй сайдыытыгар кылаатын киллэрэр, ол иһигэр оҕо успуордугар. Куорат олохтоохторо куттала суох уонна табыгастаахтык айанныылларын туһугар биһиги куорат территориятыгар хампаанньа оҥорор өҥөлөрүн өйүөхпүт», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, «Саха сирин Тимир суоллара» АУо пассажирдары уонна таһаҕаһы тиһигин быспакка таһарга эппиэтинэһи сүгэр. Пассажирдары тиэйэр хайысха аһыллыаҕыттан ыла Аллараа Бэстээххэ диэри тиийэргэ мультимодальнай систиэмэ үлэлиир.
«Ол аата, куорат олохтоохторо сайын катерынан, саас уонна күһүн салгын олбохтоох суудуналарынан, кыһын оптуобуһунан Аллараа Бэстээххэ тиийэн салгыы поеһынан айанныыллар», - диэн быһаарда Евгений Григорьев.
Тимир суол хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Василий Шимохин «Дьокуускай-Владивосток» хайысханан түргэн сырыылаах поеһы сырытыннарар бырайыак туһунан кэпсээтэ. Бырайыак маҥнайгы түһүмэҕэ олоххо киирбит: бэс ыйын 15 күнүгэр Аллараа Бэстээх – Владивосток хайысханан бастакы вагоннар айаннаабыттар.
«Итини сэргэ биһиги сүрүн сыалбыт таһаҕаһы тиһигин быспакка тиэйии буолар. Ол иһин биһиги, табыгастаах буоларын курдук, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар таһаҕаһы ыытар уонна тутар терминалы оҥоруохпутун баҕарабыт. Итини кытта Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ дьарыктаах буолуутун боппуруоһа быһаарыллыаҕа», - диэн бэлиэтээтэ Василий Шимохин.
Өрөспүүбүлүкэ тимир суолларын уһуна 930 км. Ити суолунан пассажирдары тиэйэр поездтар сылдьаллар, таас чох, хотугу улуустарга тыын суолталаах табаар, бородуукта тиэйиллэр.