02.09.2021 | 18:00

Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа саҥа анааһыннар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Василий Смолин Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикатыгар Департаменын начаалынньыгынан ананна. 
Василий Васильевич Смолин 1981 сыллаахха Иркутскай куоракка төрөөбүт. 2006 сыллаахха Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын «Инженер» квалификациялаах, «Технология обслуживания и ремонта машин в агропромышленном комплексе» идэлээх үөрэнэн бүтэрбит.
Үлэтин 2001 сыллаахха Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр «Үөһээ Бүлүүтээҕи  олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын управлениета» МТ хочуолунайын операторынан саҕалаабыт. 
2006-2007 сс. – «СӨ ОДьКХ» ГУТ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын инженерэ.
2007-2011 сс. - «СӨ ОДьКХ» ГУТ «Коммунтеплосбыт» филиалын Үөһээ Бүлүүтээҕи учаастагын начаалынньыгын солбуйааччы. 
2011-2021 сс. - «СӨ ОДьКХ» ГУТ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын кылаабынай инженерэ, дириэктэрэ.
*
Николай Егоров Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын «Гражданскай оборонаҕа, нэһилиэнньэни уонна территориялары айылҕа уонна техногеннай көрүҥнээх ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан куттал суоһаабатын хааччыйар управлениета» МКТ начаалынньыгынан ананна. 
Николай Антонович Егоров 1975 сыллаахха төрөөбүт. 1998 сыллаахха Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын «Экономист» квалификациялаах, «Бухгалтерский учет и аудит» идэлээх үөрэнэн бүтэрбит.
2004 сыллаахха Уһук Илиҥҥи судаарыстыбаннай сулууспа академиятын «Государственное муниципальное управление» идэлээх, «Менеджер» квалификациялаах үөрэнэн бүтэрбит.
Үлэтин 1998 сыллаахха «Айан» МЖКХ МРК ТС экономиһынан саҕалаабыт. 
2001-2002 сс. – «Социальнай-реабилитационнай Киин» ИАС ГТ дириэктэрэ.
2002-2005 сс. – СӨ үпкэ Министиэристибэтин кылаабынай специалиһа.
2005-2008 сс. – СӨ үпкэ Министиэристибэтин Муома оройуонунааҕы ФКУ начаалынньыга.
2008-2009 сс. – «СӨ ОДьКХ» ГУТ плановай-экономическэй управлениетын начаалынньыга.
2009 с. - «Якутоптторг» ААУо үпкэ салаатын начаалынньыга.
2009-2012 сс. – Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Хонтуруоллуур кэмитиэтин инспектора. 
2013-2018 сс. – Госкомобеспечение Департаменын кылаабынай специалиһа, салайааччыта. 
2018-2021 сс. – «СӨ баһаары утары Судаарыстыбаннай сулууспатын» начаалынньыгын солбуйааччы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...