16.08.2021 | 14:52

Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа саҥа анааһын

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Антон Алексеенко куорат баһылыгын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, атыыга-эргиэҥҥэ, предпринимательствоҕа уонна тырааныспарга солбуйааччытынан ананна. Ол туһунан нэдиэлэтээҕи планеркаҕа куорат баһылыга  Евгений Григорьев иһитиннэрдэ. 
Антон Анатольевич Алексеенко 1987 сыллаахха Дьокуускай куоракка төрөөбүт.
2009 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан Саха государственнай университетын «Промышленнай уонна гражданскай тутуу» хайысхатын «Инженер» квалификациялаах үөрэнэн бүтэрбит.
Үлэтин 2004 сыллаахха саҕалаабыт. Идэтинэн «ЯКСМК» ААУо, «Мостостроитель» ХЭТ, «Якутпромстройпроект» САУо, М.К.Аммосов аатынан СГУ Инженернай-техническэй факультетын тутуу конструкцияларын уонна бырайыактарын кафедратыгар араас дуоһунаска үлэлээбит. 
Саҥа анааһын иннинэ Антон Алексеенко «Контур» ХЭТ техническэй дириэктэринэн үлэлээбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...