Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа саҥа анааһын
Николаева Дина Олеговна, бу иннинэ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа Департамент начальнига, 2021 сыл от ыйын 21 күнүттэн Киин уокурук Управлениетын начальнигынан ананна.
2007 с. М.К. Аммосов аатынан СГУ инженернэй-техническэй факультетын инженер идэлээх бүтэрбит.
2009 с. СГУ иһинэн профессиональнай саҥалыы бэлэмнээһин Институтун үөрэнэн бүтэрбит.
2016 с. РФ Президенин норуот хаһаайыстыбатыгар уонна судаарыстыбаннай сулууспаҕа академиятын бүтэрбит.
2006 с. – «Стройтехнология» ХЭТ инженер-проектировщига.
2007-2008 с.с. – куорат дьаһалтатын экэниэмикэҕэ, прогнозтааһыҥҥа уонна сыана оҥорооһуҥҥа Департаменын кылаабынай специалиһа.
2008-2012 с.с. – куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр Сулууспа кылаабынай специалиһа, инженерэ.
2012-2014 с.с. – куорат дьаһалтатын олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа Департаменын начальнигын солбуйааччы.
2014-2021 с.с. – куорат дьаһалтатын олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа Департаменын начальнига.
2021 с. от ыйын 21 күнүттэн – Киин уокурук Управлениетын начальнига.
«СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа үтүөлэрин иһин», «Дьокуускай куорат олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ», «СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт.